7d159d6263c9d2081f7b07e291804372

“ТОСХОЛ”
БЫРАГЫРААМА - САҤА КЭРДИИС КЭМҤЭ

ФЕДЕРАЛЬНАЙ ГОСУДАРСТВЕННАЙ ҮӨРЭХ СТАНДАРТА –
САХАЛЫЫ ОҔО ТЭРИЛТЭТИГЭР

"ТОСХОЛ"
БЫРАГЫМААМА – САҤА КЭРДИИС КЭМҤЭ
Методическай босуобуйа

2014 с.

УДК 373.2.035.6 (571.56) (072)
ББК 74.100.5 (2Рос.Яку) я 73
Т - 62

ФЕДЕРАЛЬНАЙ ГОСУДАРСТВЕННАЙ ҮӨРЭХ СТАНДАРТА –
САХАЛЫЫ ОҔО ТЭРИЛТЭТИГЭР

«Тосхол” бырагыраама – саҥа кэрдиис кэмҥэ” методическай босуобуйа Саха
Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин министиэристибэтин сакааһынан СӨ Национальнай
оскуолаларын чинчийэр научнай институтка оҥоһулунна.

Хомуйан оҥордулар:
Семенова Светланан Степановна, педагогическай наука кандидата, НОЧНИ директора;
Ефимова Диана Гаврильевна, НОЧНИ старшай научнай сотруднига;
Андросова Юлия Владимировна, НОНЧИ научнай сотруднига.

«Тосхол» бырагыраама – саҥа кэрдиис кэмҥэ методическай босуобуйа / Федер. гос. үѳрэх
стандарта – сахалыы оҕо тэрилтэтигэр ; [хомуйан оҥордулар: С.С. Семенова, Д.Г. Ефимова,
Ю.В. Андросова]. – Дьокуускай, 2015. – 104 с.
Агенство CIP НБР Саха

Т-62 «Тосхол» бырагыраама – саҥа кэрдиис кэмҥэ» методическай босуобуйаҕа
федеральнай государственнай үөрэх стандарта олоххо киирэр кэмигэр сахалыы оҕо
тэрилтэтин саҥа бырагырааматын оҥорорго аналлаах матырыйааллар киирдилэр.
Методическай босуобуйа сахалыы иитэр-сайыннарар оҕо тэрилтэлэрин үлэһиттэригэр
уонна төрөппүттэргэ аналлаах.
Методическое пособие «Программа «Тосхол» - новый этап развития» предназначено для педагогов
дошкольных образовательных организаций, реализующих основную образовательную программу на родном
(якутском) языке, а также для родителей.

УДК 373.2.035.6 (571.56) (072)
ББК 74.100.5 (2Рос.Яку) я 73
© Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай
оскуолаларын чинчийэр научнай института
© Семенова С.С., Ефимова Д.Г., Андросова Ю.В.

БЫҺААРЫЫ СУРУК
Оҕо оскуолаҕа киириэн иннинээҕи сааһа - өйө-санаата, иэйиитэ, ис кыаҕа, дьоҕура
уһуктарыгар-сайдарыгар айылҕаттан анаан бэриллибит сааһа, киһи олоҕун хаһан да
хатыламмат, олус суолталаах кэрдиис кэмэ.
Онон Арассыыйа Федерациятын үөрэхтээһин туһунан сокуонугар оскуола иннинээҕи
оҕону иитии-үөрэтии уопсай үөрэхтээһин ситимигэр туспа булгуччулаах таһым быһыытынан
ылынылынна. Бу сокуон оҕо кыратыттан сайдар-иитиллэр эйгэтин тэрийиигэ государство
улахан болҕомтону уурарын уонна оҕо ханна олороруттан тутулуга суох оскуола иннинээҕи
үөрэхтээһининэн хааччыллыах тустааҕын мэктиэлиир.
Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин хаачыстыбата аныгы олох сайдыытыгар, төрөппүт,
общественность ирдэбилигэр сөп түбэһиэхтээх. Биһиги дойдубутугар ону хааччыйар
сыаллаах федеральнай государственнай үөрэх стандарта аан бастаан ылыныллан, оҕо
тэрилтэтин иитэр-сайыннарар үлэтин таһыма саҥа үрдүк таһымҥа тахсар тосхоло
торумнанна. Стандарт араас көрүҥнээх оҕо тэрилтэтин үлэтигэр тэҥ ирдэбили туруорар, ис
хоһооно хас биирдии оҕо бары өттүнэн сайдыытын болҕомтоҕо ууран, аныгылыы сайдар
эйгэни хааччыйар аналлаах.
Онон Арассыыйа Федерациятын үөрэхтээһиҥҥэ саҥа сокуонун быһыытынан, оҕо
тэрилтэтин иитэр-сайыннарар бырагыраамата федеральнай государственнай үөрэх
стандартын ирдэбиллэригэр олоҕуран, барыл буолар сүрүннүүр үөрэх бырагырааматын
(примерная основная образовательная программа) учуоттаан оҥоһуллар буоллар. Ити
бырагыраама өссө федеральнай бырагыраамалар испииһэктэригэр киирэн бигэргэммит,
көҥүллэммит буолуохтаах. Онон сибээстээн, 2014-2015 үөрэх дьылыгар дылы “Тосхол” саха
национальнай детсадыгар аналлаах иитэр-сайыннарар бырагыраама чэрчитинэн үлэлии
олорор оҕо тэрилтэлэрэ хайдах буолалларый диэн элбэх иитээччи мунаахсыйар кэмэ.
Бу методическай босуобуйа сыала – федеральнай государственнай үөрэх стандарта
олоххо киирэр кэмигэр сахалыы оҕо тэрилтэтэ “Тосхол” бырагырааманан сирдэтэн үлэлии
сылдьыбыт үгэһин ыһыктыбакка, бэйэтин сүрүннүүр бырагырааматын оҥосторугар хайдах
дьаһаныахтааҕын ыйан-кэрдэн биэрии.
Этэн аһарбыппыт курдук, сокуоҥҥа да, стандартка да сурулларынан, оҕо тэрилтэтэ бэйэтин
бырагырааматын оҥосторугар барыл буолар сүрүннүүр үөрэх бырагыраамалара
федеральнай государственнай үөрэх стандартын курдук булгуччу тутуһуллар төрүт докумуон
буолбаттар. Ол оннугар учуоттаналлар, сирдьит, холобур быһыытынан туттуллаллар.
Ити туһунан Арассыыйа Федерациятын үөрэх туһунан сокуонугар маннык этиллэр:
“Образовательные программы дошкольного образования самостоятельно разрабатываются
и утверждаются организацией, осуществляющей образовательную деятельность в
соответствии с федеральным государственным образовательным стандартом и с учётом
соответствующих примерных образовательных программ дошкольного образования”. Итини
сэргэ “Программа разрабатывается и утверждается Организацией самостоятельно в
соответствии с настоящим стандартом и с учётом Примерных программ” диэн федеральнай
государственнай үөрэх стандартын 12 ыстатыйатын 2.5 пуунугар эмиэ чуолкайдык этиллэр.
Онон билиҥҥи туругунан, “Тосхолунан” үлэлии олорор оҕо тэрилтэлэрэ иитэр- сайыннарар
систиэмэлэрин барытын хаалларан, ону Федеральнай государственнай үөрэх стандартыгар
тирэҕирэн, федеральнай испииһэккэ киирбит барыл бырыгырааманы туһанан, бэйэлэрин
бырагыраамаларын саҥалыы таҥан, силигин ситэрэн үлэлиир толору кыахтаахтар.

ҮӨРЭХ СҮРҮННҮҮР БЫРАГЫРААМАТА

БАСТАКЫ САЛАА

СЫАЛ-СОРУК ТУРУОРУУ УРАТЫТА

1. Төрөөбүт тыл уонна федеральнай государственнай үөрэх стандарта.
Российскай Федерация (68 ыстатыйа) уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин (49 ыстатыйа) Төрүт
сокуоннарынан (Конституцияларынан) хас биирдии норуот бэйэтин төрөөбүт тылын уонна
национальнай култууратын чөл туругун харыстыыр уонна сайыннарар бырааптаах.
Төрөөбүт тылынан иитиллии уонна үөрэнии хас биирдии киһи (оҕо) Төрүт сокуонунан
көмүскэнэр сүрүн бырааптарыттан биирдэстэрэ буолар. Онон судаарыстыба оҕо төрөөбүт
тылынан иитиллэригэр-үөрэнэригэр уонна норуотун култууратын иҥэринэригэр усулуобуйа
тэрийэр эбээһинэстээх.
Биһиги дойдубутугар төрөөбүт тылынан иитии уонна үөрэтии сокуонунан бигэ
көмүскэллээх. Арассыыйа Федерациятыгар, ону сэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр, Тыл уонна
Үөрэҕирии туһунан сокуоннарыгар ити туһунан туһааннаах ыстатыйалары булан
билсиһиэххэ сөп.
Оҕо, ордук кыра сааһыгар, бэйэтин төрөөбүт тылын эйгэтигэр ордук сайдарын, ис кыаҕа
арылларын, олоххо ордук эрэллээх буоларын туһунан Аан дойдутааҕы ЮНЕСКО тэрилтэтэ
ыыттарбыт чинчийиилэрэ, хас биирдии омук бэйэтин олоҕун историята да, биһиги
өрөспүүбүлүкэбит үөрэҕириитин бастыҥ уопута да ону бигэргэтэр.
Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору үөрэхтээһин федеральнай
государственнай үөрэх стандартыгар эмиэ төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии, омук
култууратын уонна регион уратытын учуоттааһын эмиэ ирдэбил быһыытынан киирдилэр.
Онон төрөөбүт тылынан иитэр-сайыннарар оҕо тэрилтэлэрэ федеральнай
государственнай үөрэх стандартын уонна ханнык баҕарар федеральнай испииһэккэ киирбит
барыл буолар сүрүннүүр үөрэх бырагырааммаларын толору олоххо киллэрэр кыахтаахтар.
2. Федеральнай государственнай үөрэх стандартыгар омук култууратын
уонна регион уратытын учуоттааһын
Этнокултуурунай үөрэхтээһин, ол аата омук тылын, култууратын үгэһин, сиэрин-туомун
ыччакка тиэрдии оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕону иитии-үөрэтии сүрүн
бириинциптэриттэн (ирдэбиллэриттэн) биирдэстэрэ буолар.
Этнокултуурунай үөрэхтээһин оҕо норуотун култууратыгар олоҕурбут, төрөөбүт тылынан
иитиллэр, атын омуктары кытта тэҥҥэ сылдьан сайдар үөрэх эйгэтин ситимэ буолар.
Этнокултуурунай үөрэхтээһини маннык сүрүн хайысхаларга олоҕуран ыытыллар:
- материальнай (олох-дьаһах) култуура – дьон олохтоох сирдэрэ, дьиэ-уот тутуута,
туттар тэрил, иһит-хомуос, таҥас-сап, киэргэл, төрүт дьарык, прикладной искусство, о.а.
- духовнай култуура - үгэстэр, сиэр-туом (обряд), бырааһынньыктар, төрөөбүт тыл,
норуот тылынан уус-уран айымньылара, оонньуулар, үҥкүү, норуот кэһиллибэт тутта-хапта
сылдьыы быраабылалара: майгы-сигили сыаннастара, бодоруһуу сиэрэ, о.а.
- эти-сиини эрчийии, чэгиэн-чэбдик буолуу, бэйэни харыстаныы култуурата.
Ити этиллибит өйдөбүллэри барытын түмэн, билигин сахалыы иитэр-үөрэтэр оҕо
тэрилтэлэригэр “Олоҥхо педагогиката” диэн саҥа систиэмэ оҥоһулунна. Олоҥхо
педагогиката киһи аймах ытык өйдөбүллэригэр тирэҕирэн, киһилии сиэрдээх-майгылаах,
дьулуурдаах, төрөөбүт дойдутун таптыыр, бэйэтин норуотун тылын, култууратын иҥэриммит
киһини иитэн-сайыннаран таһаарар соруктаах. Ытык өйдөбүллэр бырагыраама үөрэхтээһин
уобаластарынан наарданан, оҕону кытта хас биирдии үлэ сүрүн сыала, ньымата, оҕо
иҥэринэр сатабыла буоларыгар туһуланаллар.
Оттон регион уратытын учуоттааһын оҕо тэрилтэтэ иитэр-сайыннарар бырагырааматын

ис хоһоонун олорор түөлбэтин, дойдутун айылҕатын, дьонун-сэргэтин олоҕун-дьаһаҕын,
үлэтин-хамнаһын уратытын ырытан, онно олоҕуран, дьүөрэлээн ылынарыгар туһуланар. Бу
хайысха “Тосхол” бырагыраамаҕа чопчутук этиллэн, билигин сахалыы иитэр-сайыннарар оҕо
тэрилтэлэригэр систиэмэ быһыытынан киирэн, бэйэтин миэстэтин бигэтик булан турар. Онон
сахалыы тыыннаах оҕо тэрилтэлэригэр иитии-сайыннарыы үлэтэ үгэс эргииринэн, айылҕа
уларыйар тэтиминэн ыытыллар буолла.
3. Этнопедагогика уонна федеральнай государственнай үөрэх стандарта
Оскуола иннинээҕи оҕо тэрилтэтин стандартыгар оонньуу, сэһэргэһии уонна билии-көрүү
(чинчийии) сүрүн дьарыктар быһыытынан этиллэллэр. Ити дьарыктар саха омук
этнопедагогикатыгар кыра саастаах оҕону иитии ньыматын быһыытынан олохсуйбут
формалар. Онон иитээччи оҕону кытта бодоруһарыгар, иитии-сайыннарыы үлэтин
тэрийэригэр норуот иитэр үгэстэрин таба дьүөрэлээн, айымньылаахтык туһанарыгар кыах
бэриллэр.
Норуот педагогикатын ньымалара сахалыы сиэрдээх сыһыаны олохсутууга туһуланаллар.
Сиэрдээх киһини иитии оҕо бэйэтин «Мин киһибин» диэн билиниитин, өйдүүрүн иҥэрэр
үлэттэн, сыһыантан саҕаланар. Оҕо бэйэтин этин-сиинин билэр, кыыспын, уолбун диэн
араарар. Кыыс ийэ буолар аналлаах, нарын-намчы, ыраас тутуулаах, аһыныгас,
кыһамньылаах, ийэтигэр, аҕатыгар, эбэтигэр, эһэтигэр туһа киһитэ диэн өйдөбүл иҥэриллэр.
Уол оҕо үлэһит, күүстээх-уохтаах, хорсун-хоодуот, дьонугар-сэргэтигэр көмөлөһөр, хаан уруу
дьонун билэр, аҕабар көмө киһитэ буолуохтаахпын диэн өйдүүр. Оҕону мин сахабын, ол иһин
киһи сиэринэн киэҥ көҕүстээх, холку, аламаҕай, эйэҕэс майгылаах, сирбин-уоппун
ытыктыыр, харыстыыр буолуохтаахпын диэн сыһыаҥҥа иитиллэр.
Саха дьонун олоҕор үөрэтии кырдьаҕаска, кыаммакка сыһыан, аймахтаһыы, доҕордоһуу,
ыалдьыттаһыы сиэрин тутуһуу, төрөөбүт түөлбэҕэ, дойдуга ытыктабыллаах сыһыан, киэн
туттуу курдук өйдөбүллэри иҥэрэр матырыйаалга олоҕурар. Маны тэҥэ оҕону кыратыттан
дьон үлэтин-хамнаһын холобуругар төрүт дьарыгы билиһиннэрии, күннээҕи олоххо
киллэрии уонна туһа киһитэ буоларга иитии киирэр. Киһи аналын, төрдүн-ууһун билэр,
ийэтин, аҕатын үрдүктүк тутуу диэни өйдүүр, сөп түбэсиһэн бодоруһары, оҕо айыы дьонун
олоххо дьаһаныытын, сүрүн нуормаларын иҥэринэр, сиэрдээх майгытын ылынар, дьонугарсэргэтигэр майгынныы сатыыр.
Бэйэтин киһи быһыытынан кыаҕын билинэр, өйдүүр, сыаналанар, дьон үтүө сиэрин
тутуһар, тулалыыр дьонугар көдьүүһү оҥорорго дьулуһар, дьон бэйэ бэйэтигэр кыһамньыта
өйөбүллээх буоларын билэр.
Оҕону кытта сэһэргэһии төрөөбүт тылын дорҕооннорун чуолкайдык саҥарарга,
хомоҕойдук кэпсэтэргэ, санаатын сааһылаан этэргэ, кэпсиир дьоҕуру сайыннарыыга
туһаайыллар. Сэһэргэһии оҕо үгүстүк кэпсэтэн бодоруһар эйгэтигэр тэрийэн ыытыллар.
Оҕону кытта чугастык кэпсэтии, болҕойон, сэргээн истии, оҕолор бэйэ-бэйэлэрин икки
ардыгар сүбэһэллэрин, кэпсэтэллэрин көҕүлээһин, кэпсэтэр түгэннэри сайыннарыы, бииргэ
кэпсээн оҥоруу, бииргэ оонньуур тэрээһиннэри ыытыы ордук көдьүүстээхтэр.
4. Оонньуу кыра оҕо сайдыытыгар суолтата
Оҕо оонньоон улаатар диэн сахаҕа бэрт бэргэн этии баар. Ити үгүс көлүөнэ дьон кэтээн
көрөн, олоҕун уопутун түмүгэр үөскэппит төрүт билиитэ, норуот педагогикатын сүрүн
өйдөбүллэриттэн биирдэстэрэ буолар.

Ити санааны педагогика уонна психология наукаларын эйгэтигэр биллэр-көстөр
учуонайдар Л.С. Выготскай, А.Н. Леонтьев, Д.Б. Эльконин, Н.Я. Михаленко о.д.а. дириҥник
чинчийэн, үөрэтэн, ырытан эмиэ бигэргэппиттэрэ, оонньуу кыра оҕо сайдыытын мэктиэтэ
буоларын дакаастаабыттара.
Онон билигин оонньуур уонна оонньуу кыра саастаах оҕо өйө-санаата, билиитэ-көрүүтэ,
тыла-өһө, уйулҕата-иэйиитэ, этэ-сиинэ сайдарыгар, дьону кытта бодоруһа-алтыһа
үөрэнэригэр быһаарар суолталаах тутаах дьарык буоларын ким барыта билэр.
Ол эрээри оонньуу да араастаах диэн эмиэ мээнэҕэ эппэттэр. Ол иһин билигин оҕо
оонньуур эйгэтин табан тэрийии үөрэх-иитии салаатын биир улахан соруга уонна кыһалҕата
буолла. Онон оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕону иитии-үөрэтии федеральнай
государственнай үөрэх стандартыгар оонньуу, бодоруһар уонна чинчийэр дьарыгы кытта
сэргэ, оҕону сайыннарар сүрүн дьарык быһыытынан киирдэ.
Оҕо биир сааһыгар диэри сүрүннээн чугас дьонун кытта тапталы, истиҥ сыһыаны тиэрдэр
иэйии, бэйэҕэ бигээһин көмөтүнэн бодоруһан, бэйэтин сааһыгар сөптөөх араас биридимиэти
өҥүн-дьүһүнүн көрөн, тыаһын-ууһун истэн, быһыытын-таһаатын, туох аналлааҕын тутанхабан, араас дьайыыны оҥорон, бэйэтэ чинчийэн тулалыыр эйгэтин кытта билсиһэр-сайдар.
Ону сэргэ эмиэ оҕо уйулҕатыгар сөптөөх, ардыгар сэргэхситэр, ардыгар уоскутар дьайыылаах
муусука, оҕоҕо аналлаах ырыа уонна хоһоон, хамсаныылаах эрчиллиилэр уонна оонньуулар
бу кэмҥэ эмиэ олус туһалаахтар. Оҕо биир сааһыгар диэри ордук араас предмети кытта
тарбахтарын-илиилэрин бигээн-имэрийэн билсэрэ, оонньуура, тарбахтарын-илиилэрин
элбэхтик хамсатара кини кэнэҕэски сайдарыгар улахан суолталаахтар.
Оҕо биир сааһыттан үс сааһыгар диэри сүрүннээн бэйэтэ олорор эйгэтигэр барар, кинини
тулалыыр биридимиэттэри кытта эмиэ араас дьайыыны оҥорон салгыы билсиһэр. Ол иһин
норуот педагогикатыгар бу сааһыгар оҕону иппэй-туппай сааһыгар сылдьар диэн этэллэр. Бу
кэмҥэ оҕо хомуллар-хамсыыр оонньуурдарынан оонньуурун, араас матырыйаалы, эттиги
(ууну, кумаҕы, тиэстэни, кыраасканы, кумааҕыны о.д.а) бэйэтэ билэринэн “боруобалыырын” тыытарын-булкуйарын, ыһарын-хомуйарын сөбүлүүр. Оҕо тылланарыгар, сайдарыгар улахан
дьон көмөтүнэн кэпсэтэргэ, бэйэтин саастыылаахтарын кытта оонньуурга үөрэнэрэ олус
көдьүүстээх. Кырачааннар хартыына, ырыа, хоһоон, остуоруйа ис хоһоонун сыыйа-баайа
өйдүүр буолан бараллар. Хамсаныы уонна хамсаныылаах оонньуулар оҕо дэгиттэр
сайдыытыгар оруоллара улахан.
Оҕо үс сааһыттан сэттэтигэр (оскуолаҕа киириэр) диэри оонньуу арааһын баһылыыр кэмэ.
Бу сааһыгар кини сюжеттаах-оруоллаах, быраабылалаах о.д.а оонньуулар “оскуолаларын”
толору ааһара, бэйэтин саастыылаахтарын кытта тапсан оонньуурга үөрэнэрэ, бииргэ
эриллэн, тэҥҥэ буһан-хатан сылдьара кини сайдыытыгар тугунан да солбуллубат бигэ тирэх
буолар. Итини сэргэ оҕо улахан дьоннуун, оҕолордуун кэпсэтэн-ипсэтэн бодоруһара,
тулалыыр эйгэтин кытта салгыы бэйэтэ чинчийэн-боруобалаан билсэрэ, норуот тылынан уусуран айымньы, уус-уран литература эйгэтигэр уһуйуллара, бэйэтин көрүнэ-харана, дьонугар
көмөлөһө үөрэнэрэ көдьүүстээх. Өссө бу сааһыгар оҕо уруһуйдуурга, сыһыарарга, мэһийэргэ,
араас матырыйаалынан ону-маны оҥорорго-тутарга (конструирование), ыллыырга,
үҥкүүлүүргэ, муусуканы өйдүүргэ, муусука үнүстүрүбүөнүгэр оонньуурга үөрэнэр. Биллэн
турар, бу кэмҥэ эмиэ хамсаныы уонна хамсаныылаах оонньуулар оҕо дэгиттэр сайдыытыгар
оруоллара улахан.

5. Инклюзивнай үөрэхтээһин - уопсастыба кэскилин түстээһин
Хас биирдии оҕо уратылаах. Ким эрэ айылҕаттан ураты дьоҕуру, талааны бэриһиннэрэр.
Сорох аргыый наллаан сылдьарын ордорор. Ким эрэ ыгым майгылаах, түргэн-тарҕан
туттуулаах. Сорохпут кыбыстанньаҥ. Ким эрэ дьонтон ордук ураты буоларга дьулуһар. Оттон
ардыгар оҕолор барахсаттар тоҕо эрэ бу орто дойдуга биирдэ бэриллэр олоххо күн
сырдыгын көрөр, чыычаах ырыатын истэр, дьону кытта тэҥҥэ кэпсэтэр, хаамсар, хамсанаримсэнэр, бииргэ сылдьар кыаҕа суох төрүүллэр.
Хомойуох иһин, биһиги үксүгэр кырачаан барахсаттар ити уратыларын көннөрөр,
айылҕаларын уларытар кыаҕа суохпут. Оччоҕо тугу гынан кинилэр дьылҕаларын
уларытыахпытын, олохторун чэпчэтиэхпитин сөбүй? Кинилэр эмиэ бэйэлэрин дьон тэҥэ
толорутук сананан, биһигини кытта тэҥҥэ олох олороллорун туһугар улахан кылааты
киллэрэр кыахтаахпыт. Ол туһугар үөрэх эйгэтигэр өссө биир хардыыны оҥоруохтаахпыт.
Хардыыбыт аата – инклюзивнай үөрэхтээһин.
Кэнники кэмҥэ Арассыыйа социальнай эйгэтин, ону сэргэ үөрэҕин политикатыгар,
инклюзивнай үөрэх өйдөбүлэ тэтимнээхтик киирэн эрэр. Үөрэх эйгэтигэр бара турар улахан
далааһыннаах реформа биир сүрүн хайысхатын быһыытынан ааттанна. Онон киин
куораттартан – Москваттан, Санкт-Петербургтан саҕалаан күүстээх хамсааһын саҕаланна.
Оттон биһиги тугу гынабыт? Туохтан саҕалыыбыт?
Инклюзивнай үөрэхтээһини
киллэрэргэ 3 сүрүн харгыһы туоратыахтаахпыт.
Бастакы харгыс. Тулалыыр тас эйгэбит уонна оҕо тэрилтэтин архитектурата уратылаах
оҕолор сылдьалларыгар уонна сайдалларыгар табыгастаах буолалларын ситиһии. Манна
оҕо тэрилтэлэригэр пандустары оноруу, сайыннарар эйгэҕэ сөптөөх усулуобуйаны тэрийии.
Иккис харгыс. Инклюзивнай үөрэҕи саҥа киллэрэр уонна тэрийэр оҕо тэрилтэлэрэ
финансовай хааччыллыыларыгар эбии төлөбүр көрүллүөхтээх. Эбии төлөбүр табыгастаах
материальнай-техническэй усулуобуйаны тэрийиигэ, анал үөрэхтээх тьюторы үлэлэтэргэ,
иитээччилэр идэлэрин уонна хамнастарын үрдэтэргэ туһаныллыахтаах.
Үһүс харгыс. Уратылаах оҕолор да, улахан да дьон кыһалҕатыгар үгэс буолбут тоҥуйтоҥкуруун сыһыаны тосту уларытыы. Инклюзивнай үөрэҕи тэрийии боппуруостарынан
дьарыктанар специалистар этэллэринэн, бу ордук уустук, үгүс үлэни эрэйэр харгыс.
Бастакытынан, үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин, иитээччилэри инклюзивнай үөрэҕи тэрийиигэ
бэлэмнээһин, уратылаах оҕолору кытта дьарыктанар методикаларын баһылыылларын
ситиһии. Холобур, маннык анал бэлэмнээһин Японияҕа көдьүүстээхтик тэриллэр. Онно
педагог идэтигэр үөрэнэр студеннар социальнай тэрилтэлэргэ – кырдьаҕастар уонна
тулаайахтар дьиэлэригэр,
уратылаах оҕолору үөрэтэр оскуолаларга булгуччулаах
практиканы ааһыахтаахтар.
Иккиһинэн, ураты оҕолоох төрөппүттэр өйдөбүллэрин уларытыы. Кинилэр оҕолоро
бэйэлэрин саастыылаахтарын кытта тэҥҥэ сайдар, бииргэ сылдьар кыахтаахтарын
итэҕэйиэхтээхтэр. Ол туһугар бэйэлэрэ эмиэ үгүс сыраларын ууруохтарын наада.
Үсүһүнэн, бүттүүн уопсастыбаҕа уратылаах оҕолор да, улахан дьон да биһигини кытта
тэҥҥэ сылдьыахтаахтар уонна олоруохтаахтар диэн бигэ өйдөбүлү үөскэтии. Ол аата
кинилэр тэҥҥэ үөрэнэллэрэ, үлэлииллэрэ, айар-тутар, олоҕу тупсарар-сайыннарар кыахтара
арыллара биһиги көмөбүтүттэн, истиҥ сыһыаммытыттан олус тутулуктаах диэн санааҕа
оҕолуун-кырдьаҕастыын кэлиэхтээхпит.

Социально-коммуникативнностиое развитие направлено на усвоение норм и
ценностей, принятых в обществе, включая моральные и нравственные ценности;
развитие общения и взаимодействия ребёнка со взрослыми и сверстниками;
становление самостоятельности, целенаправленности и саморегуляции собственных
действий; развитие социального и эмоционального интеллекта, эмоциональной
отзывчивости, сопереживания, формирование готовности к совместной
деятельности со сверстниками, формирование уважительного отношения и чувства
принадлежности к своей семье и к сообществу детей и взрослых в Организации;
формирование позитивных установок к различным видам труда и творчества;
формирование основ безопасного поведения в быту, социуме, природе.

1.1. «ТОСХОЛ» БЫРАГЫРААМАҔА ОҔО УОПСАСТЫБАҔА СЫЛДЬАР,
БОДОРУҺАР ДЬОҔУРУН САЙЫННАРЫЫ
Оҕо бэйэтин билиниитэ
Оҕо “мин киһибин” диэн өйдүүр, билинэр.
- Мин кыыспын, ийэ буолар аналлаахпын, ол иһин мин нарын-намчы, аһыныгас,
кыһамталаах, ийэбэр көмө киһитэ буолуохтаахпын диэн өйдүүр.
- Мин уолбун, ол иһин мин күүстээх - уохтаах, хорсун - хоодуот, кыаммакка көмөлөһөр,
мөлтөҕү көмүскэһэр, аҕабар көмө киһитэ буолуохтаахпын диэн өйдүүр.
- Бэйэтин уйулҕатын туругун (үөрүүтүн, хомойуутун, кыыһырарын, куттанарын) билэр,
сатаан быһаарар.
- Киһиэхэ куһаҕаны баҕарбат, куһаҕаны оҥорбот, сыыһаны -халтыны бырастыы гынар,
эйэҕэс буоллахпына айыы майгылаах, күн санаалаах киһи буолуом диэн өйдүүр.
- Киһиргэс, ымсыы, кэччэгэй буолар, киһи итэҕэһин күлүү гынар, сэтэриир куһаҕан,
түктэри быһыы диэн өйдүүр, билэр.
- Уорар, сымыйалыыр, алдьархайга түбэспити быыһаабат, кырдьаҕаска, кыаммакка
көмөлөспөт анньыы, куһаҕан кэмэлдьи диэн араарар. Ол иһин, айыы киһитин курдук
аһыныгас, күн киһитин курдук көмүскэс буолуохтаахпын диэн бигэтик өйдүүр.
- Бэйэтин омугун билэр (мин сахабын, эбээммин, эбэҥкибин, юкагирбын, долгаммын
уо.д.а.). Ол иһин киэҥ көҕүстээх, холку, эйэҕэс, аламаҕай буолуохтаахпын, оччоҕуна миигин
төрөппүттэрим, доҕотторум - атастарым, дьонум - сэргэм бары таптыахтара, убаастыахтара
диэн өйдүүр.
- Чэнчистик туттар, бэйэтин көрүнэр-харанар: таҥаһын - сабын хомунар, баттаҕын
тараанар, атаҕын таҥаһын ыраастанар, куурдунар, тыҥыраҕын кырынар.
- Харыстанар сиэри тутуһар: тииһин суунар, айаҕын сайҕанар, сирэйин, илиитин
мыылалаан суунар, ыраас - чэбдик буоллахпына доруобай буолуом диэн өйдүүр. Доруобай
киһи үчүгэйдик үөрэнэр, үлэни кыайар, ыарахантан чаҕыйбат диэн билэр. Сайын элбэхтик
сөтүөлүүр, күн уотугар сыламнааһын, дьыл ханнык баҕарар кэмигэр сибиэһэй салгыҥҥа
сылдьыы, үлэлээһин туһатын чуолкайдык өйдүүр, билэр. Күн-дьыл туругуттан көрөн сөпкө
таҥнар.
- Ыалдьан баран эмтэнэрдээҕэр, ыалдьыбакка сылдьан харыстанар ордук көдьүүстээх
диэн өйдүүр. Ол иһин режимы тутуһуу (кэмигэр утуйуу, аһааһын, прогулка), сарсыардааҥҥы
зарядка, физкультурнай дьарыктар, элбэх витаминнаах аһылык, сибиэһэй оҕуруот аһа,
фрукта, сир аһа, эмтээх оттор киһи доруобуйатын бөҕөргөтөллөр диэн өйдүүр, билэр. Чэбдик,
доруобай буоларга дьулуһар.
- Дэҥтэн, оһолтон харыстана үөрэнэр: уоту-күөһү, элэктричествоны, биилээҕи уһуктааҕы сатаан туһанар. Дэҥ-оһол таҕыстаҕына бэйэтигэр уонна атын киһиэхэ маҥнайгы
көмөнү оҥорорго үөрэнэр, йод, зеленка, тымныы кэмпириэс, бэрэбээски суолталарын билэр,
сатаан туттар.Суһал көмө, баһаарынай сулууспа, милииссийэ оруолларын билсэр,
суолталарын арааран өйдүүр, түгэнигэр сатаан туһанар.
- Суол быраабылатын үөрэтэр, билэр, эҥкилэ суох тутуһар.
- Куһаҕан дьаллык (арыгы, табах, наркотик) киһи этин - сиинин сүһүрдэр, өйүн санаатын кэҕиннэрэр, быһыытын - майгытын эмсэҕэлэтэр диэн бигэтик өйдүүр, бэйэтин
харыстанар.

Оҕо дьоҥҥо - сэргэҕэ сыһыана
- Кыра оҕо (кыыс оҕо, уол оҕо), эдэр киһи (кыыс, уол), улахан киһи (дьахтар, эр киһи),
кырдьаҕас киһи (эмээхсин, оҕонньор) диэн араарар.
- Дьиэ кэргэн төрдө - ууһа: хос эбээ, хос эһээ, эбээ, эһээ, ийэ, аҕа; бииргэ төрөөбүттэр:
балыс, аҕас, эдьиий, ини-бии, сурус, убай диэн өйдөбүллэри билсэр.
- Уруу - аймах, ийэ ууһа: таай, саҥас, эдьиий, күтүөт - мин аймахтарым, урууларым диэн
билэр, ыҥырарыгар, кэпсэтэригэр ити тыллары туттар.
- Аймахтаһыы сиэрэ ыалдьытымсах буолуу, хардарыта көмөлөсүһүү үчүгэй быһыы
диэн өйдүүр, билэр.
- Чугас дьонун толору аатын, ханна үөрэнэрин үлэлиирин билэр, кэпсиир. Дьонун кытта
эйэҕэстик сыһыаннаһар, кырдьаҕаһы убаастыыр.
- Доҕор - атас, дьүөгэ диэн өйдөбүлү ылар.
- Киһи майгыта - сигилитэ араас буолар диэн өйдүүр. Элэккэй -эйэҕэс, сытыары сымнаҕас, үтүө санаалаах, киҥнээх, көҥөс, хобуоччу, тойомсук, улаатымсык, ордуос
майгылаах киһи диэн араарар. Билбэт дьонугар сэрэхтээхтик сыһыаннаһар, тэйэ туттар
(ханна да барсыбат, тугу да ылбат, билбэт дьонун дьиэтигэр киллэрбэт уо.д.а.).
- Киһи дьарыга элбэх диэн өйдөбүлү ылар. Тыа хаһаайстыбатын үлэтэ (сүөһү көрүүтэ,
оҕоруот аһын үүннэрии), булт, промышленность, транспорт, тутуу үлэтэ, уо.д.а. араас идэлэр,
дьарыктар бааллар диэн билэр.
- Улахан дьон үлэлээн - хамсаан аһы, таҥаһы оҥороллор диэн өйдүүр. Ол иһин бэйэтин
кыаҕын иһинэн үлэни хара маҥнайгыттан кыһаллан, өйүн - санаатын ууран үлэлииргэ
кыһанар, дьулуһар.
- Атын омук уратытын арааран өйдүүр, кинилэр үлэлэрин -хамнастарын, саҥарар
саҥаларын, култуураларын билсэр, убаастыы ытыктыы үөрэнэр.
1.2. ОҔО УОПСАСТЫБАҔА СЫЛДЬАРЫН-БОДОРУҺАРЫН
САЙЫННАРАР ООННЬУУЛАР
Олоҥхоҕо үтүө санаа кыайыыта
Оонньуу сайыннарар кыаҕа. Бу оонньуу нөҥүө оҕо билэр-көрөр баҕатын, тылын-өһүн,
дьону-сэргэни кытта бодоруһар, кэпсэтэр кыахтарын сайыннарыа.
Ааптардара: Слепцова Полина Ивановна, Слепцова Энгельсина Валерьевна, Таатта
улууһун Чөркөөх сэлиэнньэтин “Аленушка” оҕо сайдар киинин иитээччилэрэ.
Сыала: Үөһээ дойду кыргыттара орто дойду дьонугар куруук көмөлөһөллөрүн, кинилэр
үтүө санаалаахтарын кэпсээһин, билиһиннэрии. Үтүө санаалаах киһини дьон барыта
сөбүлүүр диэн өйдөтүү. Бэйэ бэйэҕэ көмөлөһөр санааны үөскэтии.
Тэрилэ: Үөһээ дойду кыргыттарын ойуулара (куукулалар), мээчик, П.Ойуунускай
"Дьулуруйар Ньургун Боотур" кинигэтэ.
Анала: 6-7 саастаах оҕолорго.
Бэсиэдэ барыыта: Олоҥхоттон быһа тардан кэпсээһин.
Үөһээ дойду кыргыттара диэн кимнээх эбиттэрий?
Кимиэхэ көмөлөспүттэрэй?
Тоҕо? Хайдах?

Үтүө санаалаах киһи диэн хайдах киһиний?
Үтүө санаа диэн тугуй? Үтүөнү оҥоруу диэн хайдаҕый? Биһиэхэ үтүө санаалаах оҕолор
бааллар дуо?
Үтүө санаалаах үтүөнү оҥорор киһи туһунан өссө ханна истибиккитий, көрбүккүтүй?
Оонньуу хаамыыта: оҕолор төгүрүччү тураллар, иитээччи төгүрүк ортотугар. Мээчиги
быраҕар. Хаппыт оҕо туох үтүөнү оҥорбутун этэн иһэр.
Сүппүт күлүктэр
Оонньуу сайыннарар кыаҕа. Бу оонньуу нөҥүө оҕо билэр-көрөр баҕатын, өйүгэр оҥорор
дьайыыларын, айар дьоҕурун, тылын-өһүн сайыннарыа.
Ааптара: Ильинова Т.Л., Ньурба улууһун Антоновкатааҕы А.Г. Габышев аатынан «Биһик»
оҕо уһуйаанын методиһа.
Сыала: олоҥхо тылын-өһүн туттан, дьоруойдары ойуулуурга үөрэтии.
Тэрилэ: хара кумааҕыттан кырыллыбыт персонажтар күлүктэрэ.
Анала: 5 үөһэ саастаах оҕолорго.
Оонньуу барыыта: Иитээччи оҕолорго кэпсиир: «Абааһы уола Уот Уһутаакы тоҕус былас
суһуохтаах Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куону уора кэлбитигэр орто дойдуга холорук
ытылынна, туман будулуйда, күлүгү көрдөрбөт, сили силлэппэт силлиэ буолла. Ол
аймалҕаҥҥа сүппүт күлүктэри биһиги көрүөххэйиҥ эрэ уонна кимнээх буолалларын
быһаарыаҕыҥ». Бу кэннэ иитээччи оҕолорго күлүктэри көрдөрөр, кинилэр күлүктэринэн
дьоруойдары таайаллар, дьүһүннэрин ойуулууллар. Күлүктэри арыый да уларытан
(синньэтэн, сонотон, уһатан, кылгатан, уҥа-хаҥас иэҕэтэн) кырыйыахха сөп.

Познавательное предполагает развитие интересов детей, любознательности и
познавательной мотивации; формирование познавательных действий, становление
сознания; развитие воображения и творческой активности; формирование
первичных представлений о себе, других людях, объектах окружающего мира, о
свойствах и отношениях объектов окружающего мира (форме, цвете, размере,
материале, звучании, ритме, темпе, количестве, числе, части и целом, движении и
покое, причинах и следствиях и др.), о малой родине и Отечестве, представлений о
социокультурных ценностях нашего народа, об отечественных традициях и
праздниках, о планете Земля как общем доме людей, об особенностях её природы,
многообразии стран и народов мира.

2.1. «ТОСХОЛ» БЫРАГЫРААМАҔА ОҔО БИЛЭР-КӨРӨР ДЬОҔУРУН САЙЫННАРЫЫ
Оҕо бэйэтин, ахсаан, экономика, айылҕа туһунан билиниитэ
- Оҕо "мин киһибин" диэн өйдүүр, билинэр. Аатын, араспаанньатын, сааһын билэр,
сатаан этэр. Төбөтүн /баттаҕын, сүүһүн, хааһын, хараҕын, муннун, айаҕын, тылын, тииһин,
кулгааҕын/, мэйиитин, этин чааһын /атаҕын, илиитин, көхсүн, иһин, моонньун/ билэр,
ааттыыр. Мэйиибинэн толкуйдуубун, кулгаахпынан истэбин, харахпынан көрөбүн,
муннубунан сыты билэбин, илиибинэн тутабын-хабабын, атахпынан хаамабын-сүүрэбин,
тылбынан саҥарабын, ас амтанын билэбин, тииспинэн ыстыыбын диэн быһаарар.
- Киһи хааннаах диэн билэр. Хаан тымырдарынан сүүрэр, хааны сүрэх хачайдыыр,
хааны быар ыраастыыр, хаана суох киһи тыыннаах сылдьыбат диэн өйдүүр.
- Тыынар органнар: мурун, хабарҕа, тыҥа диэн билсэр. Сөптүк тыынарга анал
эрчиллиилэринэн үөрэнэр.
- Киһи тириилээх, былчыҥнаах, дьардамалаах диэн билэр. Тирии, итиини-тымныыны
билэр. Тириини киһи суунан-тараанан чэнчистик тутар. Уҥуохтаах буолан киһи турар,
хамсыыр. Былчыҥ киһини хамсатар, күүстээх оҥорор. Былчыҥмын сайыннардахпына
күүстээх, тулуурдаах, хоһуун-хоодуот киһи буолуом диэн билэр.
- Сүрүн уҥуохтарын билэр, суолтатын өйдүүр: төбө, ойоҕос, сис тоноҕоһо, окумал, хары,
буут, сото, уллуҥах уҥуоҕа /төбө уҥуоҕа - мэйиини, сис-ньиэрбэни, ойоҕос-ис органнары
харыстыыр/.
Математика
КЫРА, ОРТО БӨЛӨХ
Математика төрүттэрин билэр, ахсаан ааҕар, суоттуур үөрүйэҕэ.
Математика судургу өйдөбүллэрин (өҥ, быһыы, кэриҥ, хайысха, ахсаан, чыыһыла,
сыыппара), билсэр, математическай сатабылга (араарар, холбуур, тэҥниир, үөскэтэр,
наардыыр, бөлөхтүүр, ахсаан ааҕар) эрчиллэр, үөрэнэр, сенсорнай төрүттэрин (истэр, көрөр,
сытырҕыыр, бигиир, быһаарар, холуур) сайыннарар, тулалыыр эйгэҕэ айылҕаҕа сөптөөх
сыһыаны олохтуур.
Өҥ
Сүрүн өҥнөрү (маҥан, хара, кыһыл, күөх) уонна өҥ эгэлгэтин (чаҕылхай кыһыл, хараҥа
кыһыл, чээлэй күөх, от күөҕэ, халлаан күөҕэ) билэр, араарар, наардыыр, бөлөхтүүр.
Өҥ эгэлгэтин айылҕа көстүүтүгэр булар, быһаарар, уруһуйдуур, уустаан - ураннаан
кэпсиир, хоһуйар.
Быһыы (форма)
"Төгүрүк", "ньолбоҕор", "муннуктаах", "үс муннуктаах", "түөрт муннуктаах" быһыылары көрөн,
бигээн, эттик, предмет быһыытын быһаарар наардыыр, бөлөхтүүр. Төгүрүк быһыылаах
предмет төкүнүйэр, муннуктаах төкүнүйбэт диэн арааран өйдүүр. Геометрическай
фигуралары (төгүрүк, үс муннук, түөрт муннук, квадрат) билсэр, араарар.
Сурааһын, кэрчик арааһын таба туттан предмет, геометрическай фигура өрүттэрин (үс
муннук, квадрат) тэҥниир. Түөрт муннук, элбэх муннук, ньолбуһах (овал), долгун курдук уонна
тоһуттаҕас сурааһын туһунан билэр, тэҥниир, наардыыр, бөлөхтүүр.

Кэриҥ
"Кыра","улахан", "уһун", "кылгас", "үрдүк", "намыһах", "кэтит", "синньигэс" кэриҥнэри билсэр.
Эттиктэри, предметтэри тэҥнээн, холоон кэриҥнэрин быһаарар, наардыыр, бөлөхтүүр,
кэрчик, сурааһын көрүҥнэрин билсэр, араарар.
Предмет, эттик арааһын холоон, мээрэйдээн, тэҥнээн сыысхала суох быһаарар, наардыыр.
"Ыарахан", "чэпчэки" кэриҥнэри билсэр, билгэлиир, араарар. Ыйааһын мээрэйин (киилэкилограмм), уста кээмэйин (сантиметр) билсэр.
Кэм
Суукка кэмин (сарсыарда, күнүс, киэһэ, түүн) ситимин билэр, быһаарар.
"Бэҕэһээ", "бүгүн", "сарсын", "хойут", "сотору" өйдөбүллэри билсэр.
Хайысха
"Манна", "итиннэ", "үөһээ", "аллараа", "инники", "кэнники", "чугас", "ыраах", "уҥа", "хаҥас"
хайысхалары билсэр. Хайысханы бэйэтигэр сыһыаран (уҥа, хаҥас илиим, уҥа, хаҥас атаҕым,
иннибэр, кэннибэр) быһаарар, туһааннаах хайысханан сөпкө хамсанар. Хаҥастан уҥа диэн
өйдөбүлү билэр, тутуһар.
Икки тэҥ бөлөх, предмет өҥүттэн (дьүһүнүттэн) быһыытыттан (форматыттан), кэриҥиттэн,
хайысхатыттан (хайа диэки турарыттан, сытарыттан) тутулуга суох мэлдьи тэҥ буолар,
ахсаана уларыйбат диэн сүрүн өйдөбүлү ылар.
"Икки ардыгар", "сэргэстэһэ", "аттыгар" өйдөбүллэри билсэр. Бэйэтигэр сыһыаран эттик,
предмет хайысхатын, таба ыйар.
"Ыраах", "чугас", "үөһэ", "аллара" хайысхалары уруһуйугар сыысхала суох дьүөрэлиир.
Предмети, эттиги араас хайысханан (инниттэн, кэнниттэн, үөһэттэн, аллараттан) ааҕары
сатыыр. "Илин","арҕаа","хоту","соҕуруу" хайысхалары билсэр.
Ахсаан
"Биир ахсаан", "элбэх ахсаан", "эбии", "көҕүрэтии" туһунан бастакы өйдөбүлү ылар. "Биир",
"элбэх", "элбээтэ", "аҕыйаата", "тэҥ", "соччо" диэн өйдөбүллэри билсэр, суоттуур.
Биэскэ диэри (1,2,3,4,5) өрө - таҥнары ааҕар. Өрө аахтахха ахсаан эбиллэр, таҥнары
аахтахха аччыыр, көҕүрүүр диэн өйдөбүлү ылар. Бүтэһик чыыһыла предмети, бөлөҕү
түмүктүүрүн (барыта үс чааскы буолла) билэр.
Натуральнай эрээт туһунан өйдөбүлү билсэр. Чыыһылалар утуу-субуу бииринэн эбиллэн
натуральнай эрээти үөскэтэллэр, биирдии чыыһыла чопчу миэстэлээх диэн билэр. Эрээккэ
чыыһыла миэстэтин быһааран кэрискэ ахсааҥҥа үөрэнэр. Өрө ааҕыыга инники турар
чыыһыла кэннигэр турардааҕар кыра буоларын билэр.
Бөлөхтөөн туһааннаах чыыһылаҕа сөп түбэһэр предмети ааҕан араарар. Икки бөлөҕү
бииринэн эбэн, көҕүрэтэн тэҥниир (суоттуур).
Сыыппара, чыыһыла туһунан өйдөбүлү ылар. Сыыппара чыыһыланы көрдөрөр бэлиэ, ол
иһин сыыппара чыыһылаҕа тэҥ, ахсааннаах диэн билэр.
УЛАХАН, БЭЛЭМНЭНИИ БӨЛӨХ
Математика төрүттэрин билэр, ахсаан ааҕар, суоттуур таһыма үрдүүр. Толкуйдуур дьоҕура,
сатабыла, үөрүйэҕэ кэҥиир, дириҥиир, чочуллар, чопчуланар. Сенсорнай эталоннара,
логическай толкуйа лаппа сайдар. Билиитин-көрүүтүн тус олоҕор, бэйэтигэр, дьоҥҥо,
айылҕаҕа сыһыаран сөпкө туһанар.

Ахсаан
"Хас буолла?", "хаһыс турарый?", "хасыһый?", өйдөбүллэри билсэр, суоттуур. "Тоҕо?", "өскө",
"эбэтэр", "баҕар", "аны" диэн тылларга ахсаан ааты таба туттан эппиэттиир. Эбии (+), көҕүрэтии
(-), буолар (=), элбэх
Уоҥҥа диэри (1,2,3,4,5,6,7,8,9,10) чыыһыла натуральнай эрээтин сыысхала суох өрөтаҥнары ааҕар. Сэргэстэһэ турар чыыһыла сыһыанын (3,4,4,3), сибээһин (3 (үс) 4-тэн
(түөртэн) 1-тэн (бииринэн) кыра; 4 (түөрт) 3-тэн (үстэн) 1-нэн (бииринэн улахан) өйдүүр,
быһаарар. Бүтүн бөлөҕү (чыыһыланы) 8-тыы, 9-туу, 10-нуу ахсааннаах бөлөххө араарар,
хомуйар. Бүтүн бэйэтин чааһыттан улахан, оттон чаас бүтүнтэн кыра буоларын өйдүүр.
Чыыһыла састаабын 5 (биэс) чыыһыла 1,1,1,1, (түөрт бииртэн) уонна өссө 1-тэн (бииртэн)
турар диэн өйдүүр. Бөлөҕү биирдиилээн састаапка (барыта 5 сибэкки: 1 - алтан төбө, 1 таҥара кийиитэ, 1 - сардаана, 1- ньургуһун, 1 - чуораанчык) диэн араарар.
Хайа баҕарар чыыһыла соччо биирдээхтэн турар. Биир улахан чыыһыла икки кыраҕа
арахсар, икки кыраттан биир улахан чыыһыла үөскүүр диэн бигэтик өйдүүр.
Задача туһунан өйдөбүл ылар. Усулуобуйа толкуйдуур, ыйытыы туруорар, арифметическай
дьайыыларынан (эбии, көҕүрэтии) 10 (уон) чыыһыла иһинэн суоттуур.
Кэм
Кэм, бириэмэ, суукка, күн-дьыл ситимин (күн тахсыыта, күн ортото, киэһэриитэ, күн
киириитэ, күн илинтэн тахсар, арҕаанан киирэр, соҕурууттан сылаас тыал, хотуттан тымныы
тыал үрэр). Чаһыны, нэдиэлэ хонугун, ыйдар ааттарын билэр, чуолкайдык быһаарар.
Оонньуулар
Логическай оонньуулары (хаамыска, хабылык, тыксаан, уксаан, дуобат, домино, саахымат,
"Сонор") билэр, сатаан оонньуур.
Экономика
Экономика төрүттэрин туһунан бастакы өйдөбүлү ылар. Хамнас, харчы, ыал уопсай үбэ харчыта (бюджета) диэн өйдөбүллэри билсэр.
Харчы диэн хамнас, хамнаһы үлэлээн ылаҕын диэн өйдүүр. Ыалга ийэ, аҕа, эдьиий, убаай
ыйдааҕы хамнастара барыта холбоһон ыал (дьиэ кэргэн) ыйдааҕы бюджета (уопсай үбэхарчыта) буолар диэн арааран өйдүүр.
Бэйэ хаһаайыстыбатын суолтатын билсэр, өйдүүр. Оҕуруоттаах, ынахтаах, сылгылаах,
кууруссалаах ыаллар, оҕуруот аһын, эти - үүтү, сүөгэйи, суораты, сымыыты атыыласпаттар. Ол
иһин харчылара экономияланар диэн өйдөбүлү ылар. Ордубут бородууксуйаларын
ырыынакка, дьарбаҥкаҕа атыылааннар дохуот (эбии үп-харчы) киллэринэллэр диэн билэр.
Айылҕа
Саха сирэ уһун, тымныы кыһыннаах, кылгас, куйаас, үрүҥ түүннээх, киирбэт күннээх
сайыннаах, ирбэт тоҥ буордаах, үрдүк сымара таас хайалардаах, элбэх улахан өрүстэрдээх,
үрэхтэрдээх, күөллэрдээх, киэҥ, нэлэмэн хочолордоох, алаастардаах, араас күндү сиртэн
хостонор баайдаах, күндү түүлээхтээх, тыйыс айылҕалаах, киэҥ сири тайаан сытар хоту дойду
диэн сүрүн өйдөбүлү ылар.
Төрөөбүт дойдутун айылҕатын, сирин-уотун, үүнээйитин, үөнүн-көйүүрүн, отун - маһын,
көтөрүн-сүүрэрин, кыылын-сүөлүн, балыгын, куһун-хааһын, сиртэн хостонор баайын билсэр.
Тыынар тыыннаах, хамсыыр-харамай уонна киһи - айылҕа оҕолоро буолаллар, онон

айылҕаны кытта быстыспат сибээстээхтэр, кини дьайыытыттан тутулуктаахтар, ол иһин
айылҕаны харыстыыбыт, көрөбүт - харайбыт, бүөбэйдиибит, таптыыбыт, киниэхэ сүгүрүйэбит
диэн бигэтик өйдүүр. Айылҕаҕа сыһыан сокуонун быраабылатын, сиэрин - туомун билэр,
тутуһар.
Дьыл кэминэн айылҕа көстүүтэ, дьон-сэргэ олоҕо-дьаһаҕа уларыйыыларын билсэр,
өйдүүр.
Дьыл кэмэ
Күһүн, кыһын, саас, сайын диэн арааран билэр. Дьыл кэминэн айылҕа (күн, халлаан,
салгын, суукка кэмэ, сир, уу, буор, от-мас, үүнээйи, үөн-көйүүр, көтөр-сүүрэр, кыыл-сүөл)
уларыйыытын, дьон-сэргэ олоҕун - дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын, оҕо-аймах дьарыгын
уратытын кытта сибээстиир.
Күһүн
Күһүн айылҕа араас өҥүнэн оонньуур, күннээх, самыырдаах тыаллаах диэн өйдөбүлү
ылар. Күн уота мөлтүүр, халлаан тымныйар, тыалырар, хаһыҥ түһэр, былыттаах, ардахтаах,
сиппэрэҥ күннэр үксүүллэр диэн билэр. Күн кылгыыр, түүн уһуур, хараҥарар, сир сыыйа
мууһурар, буор лөглөрүтэ тоҥор диэн өйдүүр. От-мас хагдарыйар: хатыҥ сэбирдэҕэ саһарар,
түһэр, мутукча саһаран көмнөх буолан тохтор, талах, сэппэрээк, хонуу араҕас, кыһыл,
саһархай өҥнөнөллөр, хатан, сыыйа үлүйэн симэлийэр. Ол иһин үөн-көйүүр аҕыйыыр, сыыйа
сүтэр, көтөрдөр итии дойдуга көтөллөр, кыыл кыстыкка бэлэмнэнэр, уйа туттар, аһылык
хаһаанар, уһун түүлэнэр хорооҥҥо, уйаҕа саһар диэн быһаарар.
Дьон түбүгэ үксүүр. Оҕуруот аһын хомуйаллар, оттоон бүтэллэр, сир аһын хомуйаллар,
хаһааналлар, күһүҥҥү булт (кустааһын, куобах күрэҕэ, муус аннынан муҥха) саҕаланар,
дьиэни-уоту, хотону кыстыкка бэлэмнииллэр. Тымныы түһүүтэ дьиэ сүөһүтүн, көтөрүн
хотоҥҥо киллэрэллэр, идэһэ өлөрөллөр, кыһыҥҥы астарын - таҥастарын бэрийэллэр, детсад,
оскуола аһыллар, онон кыралар детсадка, оттон улахан оҕолор оскуолаҕа үөрэнэ бараллар
диэн өйдүүр, билэр, быһаарар.
Кыһын
Кыһын туманнаах, тымныы, хараҥа, дьыл кэмиттэн саамай уһуннара диэн өйдөбүлү ылар.
Күн уота өссө мөлтүүр, сылыппат, уксүгэр тыкпат, кырыа халлаан хараҥарар, олус
тымныйар, туман түһэр, күүстээх чысхаан тыал, буурҕа түһэр, тыал хайысхата араастаан
уларыйар, күн өссө кылгыыр, түүн уһуур, хойуут сырдыыр, эрдэ хараҥарар. От-мас халыҥ
хаарынан, үрэх, өрүс, күөл мууһунан бүрүллэллэр, сир-дойду иһийэр. Ол иһин үөн-көйүүр
өлөр-сүтэр, кыстыыр көтөр киһи олорор сиригэр чугаһыыр, эһэ арҕаҕар утуйар, бөрө ас
көрдүүр түбүккэ түһэр, атын кыыл хорооҥҥо киирэр диэн өйдүүр, быһаарар.
Киһи олоҕун-дьаһаҕын булунар, оттук маһын дьаһайар, сүөһүтүн харайар, тустаах
үлэтинэн дьарыгырар (булчут бултуур, балыксыт балыктыыр, ыанньыксыт ынаҕын, табаһыт
табатын көрөр, учуутал оҕолорун үөрэтэр уо.д.а.), оҕо-аймах детсадка, оскуолаҕа сылдьар,
бөһүөлэккэ дьон элбиир, кулуупка, детсадка, оскуолаҕа бырааһынньыктарга,
күрэхтэһиилэргэ, сынньалаҥ киэһэлэргэ сылдьаллар диэн өйдүүр, билэр, быһааарар.
Саас
Саас айылҕа уһуктар, сылыйар, сир ирэр, хаар ууллар, кус-хаас кэлэр диэн билэр.
Күн чаҕылыччы тыгар, ититэр, халлаан сырдыыр, сылыйар, хаар ууллар, чалбах тахсар, сир
ирэр, күөл, үрэх мууһа алдьанар, устар, барар, уунан туолар, сыккыстар сүүрэллэр, от-мас

тыллар, хонуу, мутукча көҕөрөр, ньургуһун тахсар, сир - дойду сэргэхсийэр. Ол иһин үөнкөйүүр тиллэр, сибэкки тыллар, чыычаах ыллыыр, уйа туттар, сымыыт баттыыр, көтөр
кынаттаах итии дойдуттан төннөр, кыыл - сүөл уйатыттан - хороонуттан тахсар диэн билэр,
быһаарар.
Дьон-сэргэ олоҕор сааскы үлэ - хамнас саҕаланар (сир хорутуута, ыһыы үлэтэ, оҕуруот
аһын олордуута, ыраастаныы - хомунуу), дьиэ сүөһүтэ төрүүр-уһуур, оҕо-аймах ойуурга,
хонууга, сыһыыга күүлэйдиир, араас походтарга, экскурсияларга сылдьаллар диэн өйдүүр,
билэр.
Сайын
Сайын айылҕа тиллэр, чэчириир диэн өйдөбүлү ылар.
Күн күүскэ тыгар, халлаан сандаарар, куйаас буолар, сиккиэр тыал түһэр, ардыгар этиҥ
этэр, чаҕылхан чаҕылыйар, ардахтыыр, кустук тахсар, күн уһуур, түүн сырдыыр (үрүҥ түүн),
кылгыыр, күөл, үрэх, үрүйэ уута сылыйар, алаас хонуу, сыһыы көҕөрөр, от - мас силигилиир,
бурдук буһар, сир аһа ситэр, сир-дойду чэлгийэр. Ол иһин үөн-көйүүр элбиир, көтөр-сүүрэр,
кыыл-сүөл төрүүр-уһуур, үксүүр, балык ыыр, күөрэгэй ыллыыр, кэҕэ этэр диэн өйдүүр,
быһаарар.
Дьон-сэргэ сайылыкка көһөр, от үлэтэ (алаас, хочо маһын-сыыһын ыраастааһын, от
охсуута, мунньуута, кэбиһиитэ, күрүө тутуута), сир астааһына (хаптаҕас, дьэдьэн, сугун, тэллэй,
моонньоҕон, уулаах отон уо.д.а.) саҕаланар, оҕо - аймах сайыҥҥы сынньалаҥҥа барар,
дьиэҕэ-уокка көмөлөһөр, улахан өттө окко сылдьар, араас лааҕырдарга бараллар, ыһыах
буолар диэн өйдүүр, билэр, быһаарар.
Айылҕа көстүүлэрин, уларыйыытын, дьон-сэргэ үлэтин - олоҕун, оҕо аймах дьарыгын
туһунан дьыл кэминэн аттаран ситимнээхтик кэпсиир, ырыа ылыыр, хоһоон этэр, бэйэтин
санаатын, сыһыанын ойуулаан -мандардаан биллэрэр.
Сир дойду
Алаас сир, тыалаах сир, өрүс сирэ, хайалаах сир, туундара тустарынан сүрүн өйдөбүлү
ылар. Сир-дойду үүнээйитин, отун-маһын, көтөрүн-сүүрэрин, кыылын-сүөлүн билсэр. Тас
көрүҥүн, өҥүн түүтүн, быһыытын таһаатын, хамсаныытын, саҥатын, суолун - ииһин, аһылыгын
билэр, араарар, бөлөхтүүр, тылынан быһаарар.
Алаас сир
Алаас, хонуу, налыы, кырдал, ходуһа, мэччирэҥ сирин тустарынан сүрүн өйдөбүлү ылар,
уратыларын билэр, быһаарар.
Алааска, хонууга, ходуһаҕа араас сибэккилэр, оттор араастара үүнэллэрин билэр. Бэйэтин
түөлбэтин сирин-уотун сибэккилэрин, сүрүн отторун ааттарынан билэр (алтан төбө,
ньургуһун, сардаана, сир симэҕэ, таҥара кийиитэ, чуораанчык, баҕа батаһа, уо.д.а.).
Алааска, хонууга-сыһыыга үрүмэччи, үөн-көйүүр арааһа үөскүүр диэн өйдүүр. Тугунан
аһылыктанарын арааран билэр.
Лыах, тоноҕосчут, хомурдуос, баҕа, кымырдаҕас, аһыҥа, тигээйи, ооҕуй оҕус, ыҥырыа,
чиэрбэ, чоху диэн билэр, ааттыыр.
Үөн-көйүүр олорор - үөскүүр сирин билсэр. Кымырдаҕастар биир оргулга олороллор,
ыҥырыалар эмиэ биир уйалаахтар диэн араарар. Лыах хайдах сайдарын билсэр (сымыыт,
түүлээх үөн, куколка, лыах). Лыах, тоноҕосчут сарсыарда күнүс көтөр, кии хомордуоһа киэһэ

түүн сылдьар диэн билэр.
Үөн - көйүүр айылҕаҕа хайдах олорорун, туох ураты бэлиэлээҕин туһунан остуоруйа,
кэпсээн истэр, ырыа ыллыыр, уруһуйдуур, таабырын таайар, үтүктэн хамсанар. Араас өҥнөөх,
көрүҥнээх айылҕа эттигин, кыраасканан, туойунан үтүктэн оҥорорго холонор. Оонньуутугар,
атын да дьарыкка үөн-көйүүр туһунан билиитин туһанар.
Алааска сиэрдээхтик сылдьар. Өбүгэ сиэрин-туомун утумнуур. Остуоруйа, олоҥхо
этиитинэн алаас сир аарыма хатыҥар Аан Алахчын олорор. Кини оту өлгөмтүк үүннэрэр,
сүөһүнү төлөһүтэр, уйгуну олохтуур. Ол иһин киниэхэ салама ыйыыллар, алгыс этэллэр,
сүгүрүйэллэр диэн билэр. От - мас иччилэрэ Эрэкэ-Дьэрэкэ оҕолор киртэн-хахтан
сиргэнэллэр. Ол иһин ойуурга, хонууга, алааска кири-хаҕы, бөҕү-саҕы муспаппын, мэлдьи
хомуйабын, ыраастыы сылдьабын. Оччоҕуна айылҕа үөрэр, айгыр-силик буолар диэн өйдүүр.
Ойуур, тыа, тайҕа
Ойуур, тыа, тайҕа тустарынан сүрүн өйдөбүлү ылар. Киһи олорор сирин тула чугас үүнэр,
чараас мастаах сир - ойуур, бөдөҥ мастардаах халыҥ ойуур - тыа, ырааҕынан, киһи - сүөһү
олохсуйбатах сиринэн тайаан үүнэр халыҥ тыа - тайҕа дэнэр диэн араарар.
Ойуурга, тыаҕа сэппэрээк, талах, мас арааһа үүнэр диэн өйдүүр. Сүрүн-сүрүннэрин
ааттарынан билэр. Дөлүһүөн, хаптаҕас, сугун, моонньоҕон, малина, рябина - отонноох
сэппэрээктэр; кыһыл талах, үөт (үрүҥ үөт, хара үөт) - талахтар; хатыҥ, харыйа, тиит, бэс, тэтиҥ мастар диэн бөлөхтүүр.
От - мас умнаһа, лабаата, сэбирдэҕэ диэн арааран билэр, ааттыыр, көрдөрөр. Мас
силистээх, силиһинэн аһаан үүнэр, силигириир диэн өйдөбүлү ылар. Үүнээйигэ уу, күн, салгын
туһатын, сырдык наадатын билэр, өйдүүр, быһаарар, кэпсиир. Сииктээх, кураанах сиргэ отмас араастаан үүнэрин билэр. Мас умнаһын хатыылаах - ньалҕаархай диэн бигээн араарар.
Ойуурга сылдьан хайысханы (арҕаа, илин, хоту, соҕуруу, уҥа, хаҥас), кэриҥи (улахан - кыра,
үрдүк - намыһах, суон - синньигэс, уһун - кылгас), суукка кэмин (күн ортото, киэһэрэн эрэр,
киэһэрбит) араара, быһаара үөрэнэр. От-мас уларыйыытын кэтээн көрөн дьыл кэмин
билгэлии, араара, быһаара үөрэнэр. Туораах, сэбирдэх, хатырык, мутук, лабаа арааһын
хомуйан айар-тутар.
Ойуурга, тыаҕа отон, тэллэй арааһа үүнэрин билэр. Бэйэтин түөлбэтин ойууругар, тыатыгар
үүнэр отону ааттарынан билэр (уулаах отон, уҥуохтаах отоно, дьэдьэн, киис тиҥилэҕэ, биэ
эмиийэ, уо.д.а.), уктарын араарар, ситэр-буһар, хомуйуллар кэмин туһунан өйдөбүлү ылар.
Тэллэйи сиэнэр, дьааттаах (сиэммэт) диэн бөлөхтүүр, сүрүн - сүрүннэрин көрөн ааттаталыыр.
Ханнык ойуурга ханнык тэллэй үүнэрин билэр. Хаһан, хайдах хомуйуллуохтааҕын өйдүүр,
быһаарар.
Ойуурга, тыаҕа чыычаах, мас көтөрүн арааһа элбэх диэн өйдүүр. Туллук, хараҥаччы, сылгы
чыычааҕа, талах чыычааҕа, кукаакы, ымыы, барабыай, күөрэгэй диэн билэр. Саҥаларын,
түүлэрин - өҥнөрүн билсэр. Кыстыыр, кыстаабат, саас эрдэтээҥи чыычаахтар диэн араарар,
бөлөхтүүр.
Чыычаах сымыытын алдьатар, уйатын ыһар сатамматын өйдүүр, чыычаахтары аһатар,
аһына, таптыы үөрэнэр.
Айылҕа иэйэхситтээх, иэйэхсит иэйдэҕинэ от-мас үүнэр, көтөр-сүүрэр үксүүр, уйгу
олохсуйар, ол иһин мин айылҕа иэйэхситин хомоппоппун, үргүппэппин диэн билэр.
Айылҕаҕа сылдьан хаһыытаабаппын-ыһытаабаппын, куһаҕаны санаабаппын, оту-маһы
алдьаппаппын диэн өйдүүр.

Мас көтөрдөрүн (хара улар, куртуйах, бочугурас, тоҥсоҕой, кукаакы, мэкчиргэ, хаххан,
модьугу, суор, тураах, элиэ) билэр. Саҥатын, түүтүн -өҥүн, туһатын, буортутун араарар,
быһаарар. Кыстыыр, кыстаабат, сиэмэх көтөрдөр диэн бөлөхтүүр. Уйа туттар, сымыыт
баттыыр, оҕо таһаарар, ону көрөр-харайар, үөрэтэр диэн билэр.
Ойуурга, тыаҕа, тайҕаҕа кыыл - сүөл арааһа (куобах, эһэ, бөрө, саһыл, кырса, киис, кырынас,
тайах) үөскүүр диэн өйдөбүлү ылар.
Сиэмэх кыыл, кэбийээччи диэн бөлөхтүүр. Сиэмэх кыыл тииһин-сыҥааҕын оҥоһуута, тас
дьүһүнэ саһа сытан саба түһэргэ дьүөрэлээҕин, кэбийээччи кыыл тииһин-уоһун оҥоһуута,
этэ- сиинэ аһыырга, өстөөхтөн куотарга анаммытын арааран өйдүүр.
Дьыл кэминэн кыыл тас көрүҥэ уларыйарын, түүлүүрүн билсэр (кыһын хойуу көп түүлэнэр,
саас түүтэ чарааһыыр). Кыыл кыһыны хайдах туоруурун, кыстыкка бэлэмнэнэрин, аһылык
хаһаанарын билэр.
Араас кыыл суолун билэ үөрэнэр. Хайдах көмүскэнэрин билсиһэр. Хороон, уйа, арҕах диэн
тылы араарар. Тыа кыылын дьиэ сүөһүттэн араарар, туохха олоҕуран наардаабытын
быһаарар. Кыыл туһунан кэпсээн айарга холонор. Уруһуйугар кыыл тас көрүҥүн, дьүһүнүн,
туох уратылааҕын бэлиэтиир, хамсаныытын таба биэрэ сатыыр, кыыл туһунан араас ис
хоһоонноох ойуу уруһуйдуур, сыбаан-аттаран, айылҕа матырыйаалыттан оҥорор. Иэйиитин
ыллаан - туойан, ойуулаан - дьүһүннээн, хамсанан -имсэнэн дьоҥҥо тиэрдэр.
Тыаҕа сылдьан өбүгэ сиэрин-туомун тутуһар. Өбүгэ этиитинэн ойуур иччитэ - Байанай.
Кини олус өһүргэс, тыаһы - ууһу сөбүлээбэт, кыыһырдаҕына булду үргүтэр, отону, тэллэйи
булларбат. Ол иһин Байанайы ытыктыыр наада, отону-дьэдьэни кыраны да буллаххына үөрэр,
мыыммат куолу. Оччоҕуна Байанай миигин сөбүлүө, миэхэ көмөлөһүө диэн билэр.
Өрүс, үрэх, күөл
Өрүс, үрэх, күөл көлүччэ, тыымпы диэн өйдөбүллэри билсэр. Түөлбэтин, республикатын
улахан өрүстэрин, үрэхтэрин, күөллэрин ааттарын билэр. Ууга балык арааһа үөскүүр, кус-хаас
түһэр диэн билэр.
Балыгы сиэмэх балык, өрүс, күөл балыга, улахан, кыра балык диэн бөлөхтүүр, ааттарын
билэр.
Уу көтөрүн, кус, хаас, анды бииһэ диэн бөлөхтүүр, сүрүн-сүрүннэрин ааттарынан билэр.
Балык уонна уу көтөрө тас тутулун, дьүһүнүн (өҥүн - түүтүн), быһыытын - таһаатын, саҥатын,
хамсаныытын, тугунан аһылыктанарын билсэр, уратытын быһаарар. Аһыыр, көмүскэнэр
ньыматын, олохсуйар эйгэтин балык уонна көтөр тас тутулун, дьүһүнүн кытта ситимниир
(балык тас көрүҥэ ууга устарыгар табыгастаах: улахан төбөлөөх, мултугур быһыылаах,
лапчааннара, кутуруга устарыгар көмөлөһөр, көхсө хараҥа, өрөҕөтө сырдык; ол өстөөхтөн
көмүскэнэригэр табыгастаах; кус атаҕын икки арда сарыылаах, ол устарыгар көмөлөөх).
Балык, уу көтөрүн олоҕунан суукка чааһын, күн-дьыл уларыйыытын, дьыл кэмин
билгэлиир, быһаарар. Балыктыыр, кустуур кэми, болдьоҕу, быраабыланы, тэрили, сиэри-туому
билсэр. Булчут куһу сымыыт баттыыр кэмигэр өлөрбөт, ол иһин булт саас көтөр кэлиитин
кытта уонна күһүн барар кэмигэр эрэ көҥүллэнэр, балык тымныыга бытаарар, сылаас күн
искэҕин ыыр.
Балык, кус-хаас дьоҥҥо туһатын билэр. Балык, көтөр туһунан ырыаны, хоһоону, таабырыны
билэр, айан кэпсиир, уруһуйдуур.

Дьиэ үүнээйитэ
Дьиэҕэ үүнэр сибэккилэр, оҕуруот аһын арааһын билсэр. Көрүү -харайыы ньыматын, үүнэр
сайдар усулуобуйатын, ситимин, тэтимин, киһи олоҕор суолтатын, туһатын өйдүүр, билэр,
быһаарар.
Үүнээйи чаастарын (умнас, лабаа, силис, сибэкки) араарар. Быһыытынан, өҥүнэн,
умнаһынан ханнык сибэкки эбэтэр оҕуруот аһа буоларын билэр, бөлөхтүүр.
Үүнээйи сэбирдэҕинэн тыынарын, силиһинэн аһыырын, ууга наадыйыыта арааһын билсэр.
Халыҥ эттээх сэбирдэхтээх үүнээйилэр кыра ууга наадыйалларын арааран өйдүүр.
Сибэккини умнаһын силис тартаран, хортуоскатынан эбэтэр сиэмэнэн, оттон оҕуруот аһын
арассааданан үүннэриини араарар.
Сибэккини, оҕуруот аһын үүннэриини, көрүүнү - харайыыны кэтээн көрөр, көмөлөһө
сылдьан араас кээмэй, кэриҥ, ахсаан, өҥ-дьүһүн, күн -дьыл туругун туһунан өйдөбүлү ылар
(уһун-кылгас умнас, кыра-улахан сэбирдэх, элбэх - аҕыйах оҕурсу, итии - тымныы, былыттаах,
ардахтаах күн, ичигэс, хаһыҥнаах түүн уо.д.а.). Көрбүтүн - истибитин сиһилии ситимнээн
кэпсиир, ырыанан, хоһоонунан хоһуйар, ойуулаан - мандардаан көрдөрөр.
Дьиэ сүөһүтэ, кыыла, көтөрө.
Дьиэ кыыла, дьиэ көтөрө, дьиэ сүөһүтэ диэн өйдөбүлү ылар. Куоска, ыт, куруолук,
сибиинньэ - дьиэ кыыллара, куурусса (бөтүүк, чоппууска), кус, хаас - дьиэ көтөрдөрө, ынах,
сылгы, таба, коза - дьиэ сүөһүлэрэ диэн араарар. Ынах сүөһүнү - оҕус, ынах ньирэй, сылгы
сүөһүнү - биэ, атыыр, кулунчук, таба сүөһүнү - кыыл таба, дьиэ табата, тугут диэн араарар.
Дьиэ кыылын, көтөрүн, сүөһүтүн тас тутулун, дьүһүнүн (өҥүн-түүтүн) саҥатын,
хамсаныытын, суолун-ииһин, тугу сиирин билэр, уратыларын быһаарар. Аһыыр, көмүскэнэр
ньыматын, олохсуйар эйгэтин кыыл, көтөр, сүөһү тас тутулун, дьүһүнүн кытта ситимниир.
Ууһуур -тэнийэр ньыматын, улаатар - сайдар хаамыытын билсэр. Дьоҥҥо туһатын өйдүүр,
быһаарар. Дьиэ сүөһүтүн көрүү - харайыы туһунан өйдөбүлүн, күн - дьыл уларыйыытын уонна
дьыл кэмин кытта сибээстиир. Ардахха, тыалга-кууска, күһүн, кыһын, саас, сайын ханнык
сүөһү хайдах көрүллүөхтээҕин, туохха наадыйарын билэр, араарар, быһаарар (кыһын ынах
сүөһү, куурусса, сибиинньэ, куруолук хотоҥҥо киирэллэр, сылгы сүөһү, таба таһырдьа
кыстыыллар уо.д.а.).
Сүөһүнү көрүүнү - харайыыны кэтээн көрө сылдьан, улахан киһи көмөтүнэн, араас кээмэй,
кэриҥ өйдөбүлүн кытта билсэр (ынах табатааҕар улахан, куоска ыттааҕар кыра, ынах
кутуруга, сибиинньэ кутуругуттан уһун). Биир, элбэх, тэҥ ахсааны таба тутта үөрэнэр (биир
аттаахпыт, элбэх кууруссалаахпыт). Дьиэ сүөһүтүн көрсөр, аһатарга, уулатарга көмөлөһөр.
Дьиэ сүөһүтүн туһунан хоһоону, кэпсээни, остуоруйаны билэр, айан кэпсиир, оруолунан
оонньуур, уруһуйдуур.
Халлаан куйаара
Космос, планета, сулустар тустарынан бастакы өйдөбүлү ылар. Космос уйаара-кэйээрэ
биллибэт киэҥ, учуонайдар спутнигы, ракетаны, космонавтары ыытан чинчийэллэр диэн
билэр. Сир, күн, ый, планеталар диэн араарар. Сир күнү, ый сири тула эргийэриттэн дьыл
уонна суукка кэмин ситимэ тутулуктаах диэн өйдүүр. Чолбон, халлаан быыһа сулустар диэн
араарар.

2.2. ОҔО БИЛЭР-КӨРӨР ДЬОҔУРУН САЙЫННАРАР ООННЬУУЛАР
(Игры на познавательное развитие)
Саха иһитэ
Оонньуу сайыннарар кыаҕа: Бу оонньуу 2-4 саастаах оҕолор саха иһитин арааһын кытта
билсиһэллэригэр улахан көмө буолуо. Оонньуу оҕо толкуйун, өйүгэр оҥорор дьайыыларын
(сатаан тэҥниир, араарар, сүрүнүн булар, уобарастаан толкуйдуур) сайыннарар кыахтаах. Ону
тэҥэ бөлөҕүнэн, пааранан үлэҕэ тутуннахха, бэйэ-бэйэлэрин кытта бодоруһарга үөрэнэллэр.
Ааптара: Александрова Н.П., Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай оскуолаларын
чинчийэр институт научнай сотруднига.
Анала: 2-4 саастаах оҕолорго.
Быһаарыыта: Икки аҥыы арахсыбыт хартыыналарга саха иһитин арааһа уруһуйданар:
кытыйа, чороон, ыаҕайа. Хас биирдии иһит тус туспа оһуордаах, халыҥ хортуонунан, туоһунан
эбэтэр чараас маһынан оҥоһуллуон сөп.
Саха ынаҕа
Оонньуу сайыннарар кыаҕа. Бу оонньуу 2-4 саастаах оҕолор туос ынах диэн саха норуотун
төрүт оонньуурун кытта билсиһэллэригэр улахан көмө буолуо. Оонньуур оҕо толкуйун
таһымын, сатаан тэҥниир, араарар, сүрүнүн булар, уобарастаан толкуйдуур кыаҕын
сайыннарар. «Саха ынахтара» оонньууру бөлөҕүнэн, пааранан үлэҕэ тутуннахха, бэйэбэйэлэрин кытта бодоруһар сатабылларын сайыннарыа.
Ааптара: Александрова Н.П., Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай оскуолаларын
чинчийэр институт научнай сотруднига.
Анала: 2-4 саастаах оҕолорго.
Быһаарыыта: Икки аҥыы арахсыбыт хартыыналарга саха норуотун төрүт оонньуурун - туос
ынах араас көрүҥнэрин уруһуйданар. Ооньуур халыҥ хортуонунан, туоһунан эбэтэр чараас
маһынан (ДВП) оҥоһуллуон сөп.
Олоҥхо таабырыннара
Оонньуу сайыннарар кыаҕа. «Ситэрэн биэр» оонньуу билиини-көрүүнү кэҥэтэр,
болҕомтолоохтук истиини, бэйэтин салайынар үөрүйэхтэрин, тыл саппааһын, толкуйу, өйгө
оҥорор сатабылларын (сатаан тэҥниир, араарар, сүрүнүн булар) сайыннарар кыахтаах.
Ааптара: Михайлова Д.Д., Чурапчы улууһун Одьулууннааҕы «Күнчээн» оҕо уһуйаанын
фольклор куруһуогун салайааччыта.
Сыала: оҕону олоҥхо дьоруойдарын аатын толору билэргэ үөрэтии.
Бухатыырдар, абааһылар, айыы дьонун ааттара икки эбэтэр хас да тылынан этиллэрин
өйдөтүү. Болҕойон истэр дьоҕуру сайыннарыы.
Анала: 5-тэн үөһэ саастаах оҕолорго.
Туттуллар тэрилэ: олоҥхо дьоруойдара ойууламмыт хартыыналара.
Оонньуу барыыта: хартыыналары көрөн 1-2 оҕо оонньуур, биирэ сааһылыыр, атына
түмүктүүр, таабырын курдук этэбит, оҕо таайар.
Холобур:
1. Үс саха барахсаны төрөтөн тэниппит, урааҥхай саха барахсаны ууһаппыт... (Саха Саарын

тойон, Сабыйа Баай хотун)
2. Күүстээх-уохтаах күөнэ көҕөччөр аттаах... (Күн Дьирибинэ бухатыыр)
3. Туналҕаннаах ньуурдаах тураҕас дьоруо аттаах... (Туйаарыма Куо)
4. Улуутуйар Улуу тойон аҕалаах, уораан-аараан Хотун Күөхтүйэ ийэлээх, Уот садаҕа моҕой
аттаах... (Уот Уһуму)
5. Күлүмэх сырыылаах үрдүк Дьөһөгөй дьөһөлдьүтэ... (Күн Эрили)
6. Дьулусханнаах дьулуо маҥан халлаан дьураатыгар тура төрөөбүт дьулусхан субуйа
сүүрүк Дьураа хара аттаах... (Дьулуруйар Ньургун Боотур).
7. Үс үүт күрүөнү үрдүнэн көстөр Үрүмэччи маҥан аттаах... (Үрүҥ Уолан)
8. Аҕыс былас суһуохтаах... (Айталыын Куо)
9. Эргэнэ хара тыа иччитэ... (Эригир харах Эргис Боотур)
10. Муҥурун булларбатах Муус Кудулу байҕал иччитэ (Уот Уһутаакы).
2.3 ОҔО ЧИНЧИЙЭР ДЬОҔУРУН САЙЫННАРАР ДЬАРЫКТАР
Ууну кытта билиһиннэрии
Ааптара: Дьяконова Наталья Владимировна. Хаҥалас улууһун "Сардаана" оҕо сайдар
киинин иитээччитэ.
Анала: 3-4 саастаахтарга
Сыала: Уу убаҕас, сыта суох, дьэҥкир эттик, кутуохха сөп диэн тутан-хабан билиилэрин
чиҥэтэллэр.
Туттар тэрил: хаппахтаах пластиковай бытыылкалартан воронкалар, уулаах иһит, араас
иһиттэр (улахан, кыра), уу кутар хамыйахтар, фартуктар.
Оҕо чинчийиитэ.
1 ч. Оҕолор уу хайдаҕын быһаарар – сыттаан, илиини, таҥас сыыһын уган көрөллөр. Сыта
суох, илиим инчэйдэ, таҥас инчэҕэй буолла, уу убаҕас диэн түмүктүүллэр.
2 ч. Улахан киһи воронканан иһиккэ толору уу кутарга этэр. Оҕолор куталлар, уулара
воронка таһынан барар. Воронкаттан иһиккэ сүөкүүллэр. Воронка хаппаҕын ылаллар уонна
өссө куталлар. Уулара воронка хайаҕаһынан иһиккэ кутуллар. Тоҕо воронка таһынан
тохтубакка иһиккэ кутуллубутун быһаараллар.
Түмүк: Хайаҕаһы булан тохтубакка түстэ.
Анала: 4-5 саастаахтарга
Сыала: Ууга кырааска, чэй суураллыан сөп диэн тутан-хабан билиилэрин чиҥэтэллэр.
Туттар тэрил: дьэҥкир иһиттэргэ уу, араас өҥнөөх гуашь кырааска, пакеттаах чэйдэр,
фартуктар.
Оҕо чинчийиитэ.
1. Оҕолору уулаах иһиттэргэ араас кыраасканы булкуйан тэҥнээн көрөргө көҕүлээһин.
Ханнык өҥнөөх буоллулар, онтон уу бэйэтэ хайдах этэй? Тоҕо?
2. Чэйдээх пакеттары суурайыы. Тымныы уулаах иһити уонна иитээччи сылаас уулаах
иһити биэрэр. Хайа ууга чэй түргэнник сууралларый? - диэн быһаараллар.
Түмүк: Уу өҥө суох, кыраасканы, чэйи суурайар эбит. Уу өҥө уларыйар.
Анала: 5-6 саастаахтарга
Сыала: Уу тоҥноҕуна муус буолар, муус ууга тимирбэт диэн чинчийэн билэллэр.
Туттар тэрил: уу, пластиковай иһиттэргэ тоҥоруллубут уу.
Оҕо чинчийиитэ.
1. Ууну тымныыга таһаардахха хайдах буолуой диэн оҕолор кыра пластиковай иһиттэргэ

уу кутан таһырдьа, эбэтэр морозильникка тоҥороллор. Уу убаҕас эттик, онтон тоҥон кытаанах
эттик буолар диэн түмүк оҥороллор.
2. Муус ууга тимириэ дуу, дагдайа сылдьыа дуу, суураллан хаалыа дуу диэн санааларын
үллэстэллэр. Онтон ууга уган бэрэбиэркэлииллэр. Муус тимирдэ дуу, дагдайан устар дуу? Ууга
хааллардахха ууллуо дуу?
Түмүк: Муус уутааҕар чэпчэки, ол иһин тимирбэт. Сылааска сыыйа ирэр. Оҕолор айылҕаҕа
көрбүттэрин кытта сибээстээн кэпсэтии тахсар. Күөл, өрүс уута күһүн тоҥор, саас
сылыйдаҕына ууллар, уу үрдүгэр дагдайар, устар. Дьон тоҕо "Өрүс турда", "Муус барда"
дииллэрин кэпсэтии.
Анала: 6-7 саастаахтарга
Сыала: Уу араас туругун, хаачыстыбатын тутан-хабан чинчийэн быһаарыы.
Туттар тэрил: уулаах иһиттэр, баата, кумааҕы-салфетка, туус, саахар, бурдук, арыы, чэй,
кумах.
Оҕо чинчийиитэ.
1. Иһиттэргэ ыраас уонна кирдээх уулар. Оҕолор ханнык ууну киһи иһиэн сөбүн
быһаарсаллар. Хайдах ыраастыылларын, анал ыраастыыр тэрил суох буоллаҕына хайдах
гыныахха сөбүн воронкаҕа баата, кумааҕы салфетка нөҥүө уу кутан көрөллөр.
2. Ыраас уу, туус, саахар, бурдук, арыы, чэй, кумах баар тэриллэрэ. Оҕолор - Уу бу
эттиктэри куттахха хайдах буолуой?
- Туох түргэнник сууралынна? Уу өҥө уларыйда дуо?
- Туох ууга суураллубата? – диэн ыйытыыларга оҕолор эппиэт көрдүүллэр.
Саахар уонна туус түргэнник суураллан хааллылар.Уу өҥө уларйыбата.
Бурдук эмиэ сууралынна, уу будулхай (өлбөөркөй) буолла. Тохтуу түһэн баран бурдук иһит
түгэҕэр сөҥнө, ол да буоллар уу будулхай.
Арыы ууга суураллыбата, үөһээ пленка, эбэтэр хааппыла-хааппыла буолан дагдайа
сылдьар.
Чэй уу дьүһүнүн уларытта да, быыбакката суураллыбата.
Кумах уу дьүһүнүн кирдээх оҥордо уонна сөҥөн хаалла.
Түмүк: сорох эттиктэр ууга суураллаллар, ол аата уу – суурайар хаачыстыбалаах.

Речевое развитие включает владение речью как средством общения и культуры;
обогащение активного словаря; развитие связной, грамматически правильной
диалогической и монологической речи; развитие речевого творчества; развитие
звуковой и интонационной культуры речи, фонематического слуха; знакомство с
книжной культурой, детской литературой, понимание на слух текстов различных
жанров детской литературы; формирование звуковой аналитико-синтетической
активности как предпосылки обучения грамоте.

3.1. «ТОСХОЛ» БЫРАГЫРААМАҔА ОҔО ТЫЛЫН-ӨҺҮН САЙЫННАРЫЫ
КЫРА БӨЛӨХ
Оҕо саҥатын сайыннарар эйгэтэ
Кинигэ муннугар араас кинигэни, хартыынаны, альбому («Дьиэ кэргэн», «Дьиэ кыыллара»,
«Дьиэ тэрилэ», «Таҥас-сап», «Иһит-хомуос» уо.д.а.) оҕо сэргээн көрөрүгэр ууруу.
Саҥа оонньууру (куукула, массыына,самолёт, борохуот, куобах, иһит-хомуос, куукула
таҥаһа-саба уо.д.а.) сонумсутан, уларыта сылдьан киллэрии.
Күн устата араас табыгастаах кэмҥэ араас остуоруйаны, хоһоону, көрдөөх, күлүүлээх
түгэни о.д.а. иһитиннэрии. Холобур, хааһытын сиэбэккэ кыччаан хаалбыт оҕону ийэтэ кэлэн
булбатаҕын эбэтэр кыыһырбыт уонна үөрбүт тэриэлкэлэр кэпсэтиилэрин, миэстэтин
булбакка хомойбут оонньуур туһунан кэпсиэххэ син.
Араас сорудах биэрии: «Ким кэлбитин тахсан көр эрэ. Онтон кэпсээр.» «Оляттан баран
ыйыт эрэ, хаһан аһыыр үһүбүтүй?», «Димаҕа эт эрэ. Сарсын хойутаабакка кэллин», «Айсен,
бараҥҥын Оляҕа махтан. Олус минньигэс миини истибит дии». «Миша, кэбис, Света
бырастыы гынарын курдук көрдөс».
Ситимнээх саҥа сайдыыта
Дьонум-сэргэм, дьиэм-уотум. О ҕ о бэйэтин аатын, араспаанньатын, сааһын;
төрөппүттэрин, бииргэ төрөөбүттэрин ааттарын билэр. Ийэтин туһунан кэпсиир
(таҥыннарар, аһынар, харыһыйар, бүөбэйдиир, ас астыыр, таҥас сууйар, оҕо көрөр,
иистэнэр). Эбэтин, эһэтин, аҕатын, быраатын, убайын кытта тугу гынарын кэпсиир (кинигэ
ааҕар, оонньуубут, күүлэйдиибит, телевизор көрөбүт, дьиэбитин хомуйабыт). Дьиэ малынсалын, иһитин-хомуоһун аналын быһаарар. Оҕо саада биһиги дьиэбит диэн билэр, ханна туох
хоһо баарын быһаарар. Иитээччи, ньээньэ эмиэ ийэ курдук биһиэхэ кыһаллаллар диэн билэр,
кэпсиир. Сарсыарда дорооболоһор, барарыгар быраһаайдаһар, аһаан баран махтанар.
Оонньуубун. Туох оонньуурдааҕын билэр, хайдаҕын, хайдах оонньуурун туһунан
ыйытыыга хоруйдуур («Икки майгыннаспат куукулалары тэҥнээһин», «Кубигынан
оонньуубут», «Куобахчааным барахсан»). Тыл оонньууларын үтүктэн оонньуур.
Дидактическай («Сардаана куукула аһыыр», «Сардаана суунар», «Сардаана утуйар»),
оруоллаах оонньуулары («Оҕолоох ийэ», «Суоппардаах») билэр, оонньуур. Саҥарар
аппараты сайыннарар эрчиллиилэри: «Түүнү ыраах үр», «Ким оҥочото ыраах устарый?»,
«Хабаҕы үрүү» уо.д.а. - үтүктэр. Иитээччи көмөтүнэн истибит айымньытын остуол театрыгар
эбэтэр хамсанан көрдөрөр («Эриэппэ», «Колобок», «Теремок»).
Туһа киһитэбин. Оонньуурун ханна,хаһан, хайдах, тоҕо хомуйарын билэр, кэпсиир.
Суунарга туттуллар тэрили (соттору, тиис суунар суокканы, тарааҕы, мыыланы) билэр, сатаан
туттар, быһаарар («Тииспин суунабын»). Таҥнар таҥаһын аатын билэр, араарар. Ханнык
таҥаһы хаһан, хайдах кэтэрин билэр, быһаарар («Күһүн күүлэйдиибин»). Утуйар таҥаһын
ааттыыр, хомуйар. Дьиэ кыылын (куосканы, ыты) билэр, хайдаҕын кэпсиир, көрөр-харайар
(ньааҕыныыр, үрэр, эккэлиир, курдьугунуур о.д.а.). Ньээньэ үлэтин кэтээн көрөн кэпсиир
(сууйар, сотор, харбыыр, ыраастыыр, хомуйар, аһатар...), кыаҕынан көмөлөһөр (иһит
тардыһар, аһаан бүттэҕинэ, туора остуолга илдьэр, устуулун миэстэтигэр уурар, оонньуурун
хомуйар).
Сэһэргэһиэх эрэ. Дьиэ кэргэнин туһунан хаартыска эбэтэр хартыына көмөтүнэн кэпсиир

(«Ким бу дьиэҕэ олорор?», «Ийэбэр бэлэх»). Хартыына, кинигэ ойуутун көрөн сэргиир,
туоһулаһар («Салаасканан хатааһылыыбыт»). Көрбүт мультигын, ааспыт бырааһынньык
туһунан кэпсэтиигэ кыттыһар, эбэр-сабар («Биһиги ёлкабыт»). Кимиэхэ туохтааҕын туһунан
кэпсэтэр, ким атыыласпытын, хайдаҕын туһунан санаатын үллэстэр.
Билгэ билиим. Ас-утах амтанын, сытын-сымарын туһунан кэпсиир (чэй, какао, хомпуот,
кисиэл). Оонньууру, таҥаһы-сабы тутан-хабан туохтааҕын (тимэхтээх, саҕалаах, сиэптээх,
сиэхтээх), кээмэйин (улахан, кыра, уһун, кылгас), быһыытын-таһаатын (төгүрүк), өҥүндьүһүнүн, хаачыстыбатын (кэбирэх, бөҕө), аналын (таҥнар таҥас) быһаарар. Маллары
(бүлүүһэ-тэриэлкэ) тэҥнии тутан уратытын этэр, аналынан бөлөхтүүр ( хааһы сииргэ, миин
иһэргэ). Таҥас, мас, эрэһиинэ, кумааҕы диэн матырыйаалын араарар. «Тимирэр, тимирбэт»
диэн кэтээн көрөн быһаарар.
Дьаарбайыы. Оҕо саадын иһин-таһын билэр, быһаарар (оонньуур сир, массыына сылдьар
сирэ, ас астыыр дьиэ). Олорор сирин аатын билэр, чугас эргин туох баарын этэр. Күүлэйдии
сылдьан тугу көрбүтүн кэпсиир («Күөх хонууга»).
Этиини сөпкө оҥоруу
Предмет хайдаҕын быһаарар тылы быһаарар тылын кытта таба ситимниир (төгүрүк
мээчик), тугу гынарын этэр тыллары кытта таба холбуур(мээчик төкүнүйдэ). Тардыы
сыһыарыытын таба туттар (мин эбэм). Туохтууру кэминэн уларытар (барда, барбыта, барыа).
Элбэх ахсаан сыһыарыытын таба туттар. Падеж ыйытыыларыгар хоруйдаан, тылы уларытар
(тугу? - мээчиги). Тэнийбэтэх судургу этиини (мээчик төкүнүйдэ) малы-салы, хайааһыны
быһаарар тылы эбэн тэнитэр (кыра мээчик ыраах төкүнүйдэ).
Дорҕоону чуолкайдык саҥарыы
- дорҕоону чуолкайдык истэр;
- сатаан саҥарбат дорҕооннорун үтүктэн саҥарар;
- истэр, саҥарар аппарааты сайыннарар эрчиллиилэри оҥорор;
- куолаһын улаатыннарар, кыччатар.
Уус-уран айымньыны билсии
Кэпсиир, оонньоон көрдөрөр:
«Эриэппэ», «Колобок», «Маша уонна эһэ», «Теремок», «Куоска, бөтүүк уонна саһыл»,
«Кутуйах дьиэтэ», «Куобах дьиэтэ» нуучча остуоруйалара; «Хааһы» бырааттыы Гриммнэр;
«Эһиги ийэҕит» С. Омоллоон.
Айымньы ис хоһоонун ырытыһар, кэпсиир:
«Куобах» саха остуоруйата; «Куукулабын эмтээн» С. Сомоҕотто; «Мин оонньуурдарым»,
«Суунар ырыа», «Ийэ барахсан» А. Абаҕыыныскай; «Үчүгэй оҕо» С. Тимофеев; «Күһүн»,
«Кыһын» М. Эверстова-Обутова; «Ытанньах кыыс» А. Барто; «Ытанньах герой буолбат» П.
Тобуруокап; «Бөтөс ам-ам» И.Никифоров; «Ханан сылдьар»; «Детсад экскурсията» К.
Туйаарыскай; «Бүү, Маа, Мээ» К. Туйаарыскай; «Мин бэйэм суунабын» И. Артамонов; «Ынах»
И. Эртюков.
Өйүттэн ааҕар
«Мээчик» А. Абаҕыыныскай; «Бөтүүк» И. Эртюков; «Ийэбэр бэлэх» Т. Волгина; «Эһэ
Миисэм» У. Бурнашева; «Ханан сылдьар?» К. Туйаарыскай; «Тураах» А. Кулаковскай.

ОРТО БӨЛӨХ
Оҕо саҥата сайдар эйгэтэ
Кыыл-көтөр, транспорт, спорт, үүнээйи туһунан хартыына, хаартыска, открытка, альбом
көрүү, кэпсэтии. Кинигэ арааһын: халыҥ-чараас, магниттаах, ачыкылаах, үгүс ойуулаах кинигэ муннугар уларыта сылдьан туттуу.
Остуол оонньуурун арааһын уларыта сылдьан туттуу. Оруоллаах, хамсаныылаах оонньууга
туттуллар бэргэһэлэри, малы-салы туһаныы.
Дьарык тас өртүгэр ааҕыллар айымньылары истии, урут буолбут түгэни ахтыы, араас түгэни
кэпсээн ырытыһыы.
Доҕору кытта эйэҕэстик кэпсэтэргэ, көрдөһөргө, бырастыы гыннарарга, доҕор алҕаһын
табыгастаахтык этэргэ үөрэтии.
Ситимнээх саҥа сайдыыта
Дьонум-сэргэм, дьиэм-уотум. Төрөппүттэрэ ханна тугу үлэлииллэрин билэр, судургутук
кэпсиир. Чугас аймахтарын, ыалларын көрөн билэттиир, кэпсэтэр. Тиэргэн иһинээҕи
тутуулары билсэр, аналларын өйдүүр, быһаарар. Дьиэ харамайа (сүөһү, көтөр-сүүрэр)
туһатын араарар. Доҕорун туһунан кэпсиир («Мин доҕорум»).
Оонньуубун. Оонньуурун ойуулуур («Мин сөбүлүүр оонньуурум»). Тыл оонньуутун билэр,
оонньуур («Телефонунан кэпсэтии»). Остуол оонньуутун, хамсаныылаах оонньуулары билсэр,
хайдах оонньонорун быһаарар («Харах симсии»). «Ыаллаах», «Балыыһа», «Оонньуур
маҕаһыына» оруоллаах оонньуулары толкуйдаан оонньуур. Истибит айымньытын
персонаһын саҥатын үтүктэн оонньоон көрдөрөр («Үс эһэ» Л. Толстой, «Хаастар» нуучча
остуоруйата).
Туһа киһитэбин. Бэйэтин харанар, чэбэрдик туттар-хаптар. Ыраас дьиэ-уот, таҥас-сап дьон
үлэтин түмүгэ диэн билэр, харыстыыр. Тугу сатыырын, хайдах оҥорбутун туһунан кэпсиир
(«Саҥа дьылга бэлэмнэнии», «Оонньуурбун сууйабын»). Туттар тэрил аналын билэр,
сэрэхтээхтик туттар («Уокка холбонор дьиэ тэрилэ»). Идэ арааһын билсэр, кимиэхэ туох
наадатын, тугу гынарын туһунан кэпсиир. Сарсыарда, күнүс, киэһэ тугу оҥоруохтааҕын,
эбээһинэһин билэр, толорор, хайдах оҥорбутун кэпсиир.
Сэһэргэһиэх эрэ. Киһи саҥатын, ыйытарын болҕойон истэр, сэҥээрэр, кыттыһар. Бэйэтин
хайдах сананарын, туругун кэпсиир (Уһуктубутум... ). Урут билбитин-көрбүтүн кэпсиир.
Хартыынаҕа тугу көрөрүн ойуулуур («Куоска оҕолорунаан», «Дьиэ кэргэн», «Кыһыҥҥы
оонньуулар»). Уруһуйунан кэпсиир («Эбээ иһитэ», «Чэй кыырпахтара» Л. Левченкова
остуоруйатынан). Кылгас айымньы ис хоһоонун куолаһын уларытан сиһилии кэпсиир («Ыт
иччитин хайдах көрдөөбүтэ»). Истибит айымньытыгар олоҕуран, кэпсээн айар («Эриэппэ»
остуоруйа, «Ыт иччитин хайдах көрдөөбүтэ»), санаатын үллэстэр («Васьканы хайдах
буруйдуохха?» В. Авдеев).
Билгэ билиим. Эттик өҥүн, ньуурун, матырыйаалын, хаачыстыбатын, уратытын кэпсиир.
Иһит-хомуос туохтан оҥоһуллубутун быһаарар (өстүөкүлэ, мас, пластмасс). Таҥнар таҥаһы тас таҥас, ис таҥас, атах таҥаһа диэн бөлөхтүүр. Кыһыҥҥы, сайыҥҥы таҥас диэн араарар,
матырыйаалын быһаарар. Тыаһы-ууһу, дорҕоону истэн быһаарар. Сыты-сымары билэр (ас,
бензин, буруо, от-мас). Амтаһыйан туох ас буоларын, хайдах амтаннааҕын этэр («Сахам сирин
отоно»). Транспорт араас көрүҥүн тыаһынан-ууһунан истэн араарар (таһаҕас массыыната,
кыра массыына, трактор, самолёт). Тыаһы истэн ыраах, чугас, кыра, улахан диэн быһаарар.

Дьаарбайыы. Олорор дьиэтэ, оҕо сада ханан турарын билэр, быһаарар. Ыһыахтыыр сиргэ
тугу көрбүтүн-истибитин кэпсиир. Биир эмэ улахан тэрилтэ тугу үлэлии-хамсыы олорорун
билэр, кэпсиир («Маҕаһыыҥҥа»). Улууһун киинин аатын билэр, хаһан, хайдах сылдьыбытын
кэпсиир.
Этиини сөпкө оноруу
Аат тылы туохтууру кытта сөпкө ситимниир. Кэлэр кэмнээх туохтуур араастаан
туттуллуутун билсэр (барыыһыбын, барыаҕым, бардарбын).
Сыһыат туохтууру туттар. оҕо утуйда, турда (оҕо утуйан турда).
Холбуу этиини оҥорор. Ваня таһырдьа таҕыста, онтон Дима билигин да таҥна олорор.
Ийэм мөхпүтэ, ол иһин ытаабытым. Мин санаабар,... Тоҕо диэтэххэ, ... диэн тыллары туттан
этии оҥорор.
Дорҕоону чуолкайдык саҥарыы
- Кыра-улахан, ыраах-чугас саҥаны, тыаһы арааран истэр;
- төрөөбүт тылын бары дорҕооннорун арааран истэр уонна саҥарар;
- тылга чопчу дорҕоон баарын-суоҕун өйдөөн истэр;
- чопчу дорҕоон тыл хайа өттүгэр баарын этэр;
- тыл иннигэр турар аһаҕас дорҕоону арааран истэр;
- куолаһын сонотор-синньэтэр, улаатыннарар-кыччатар;
- хоһооҥҥо, кэпсээҥҥэ ыйытыы этии интонациятын таба саҥарар;
- санаа уларыйыытын, иэйиини куолаһынан таба биэрэр.
Уус-уран айымньыны билсии
Кэпсиир, оонньоон көрдөрөр: «Ыт иччитин хайдах көрдөөбүтэ» ненец остуоруйата; «Үс
сибиинньэ оҕото», «Хаастар» нуучча остуоруйалара; «Кыһыл Бэргэһэчээн» Ш. Перро;
«Хоһуол оҕолоро уонна бөрө» бырааттыы Гриммнэр; «Куоскалар уонна саһыл» Т. Сметанин;
«Бөрө уонна куобах» саха остуоруйата.
Айымньы ис хоһоонун ырытыһар, кэпсиир:
«Үчүгэй уонна куһаҕан диэн туохтарый?» В. Маяковскай; «Тулуйа үөрэн» К. Ушинскай;
«Сымыйалыаҥ - бэйэҕэр куһаҕаны оҥостуоҥ», «Довоттор» С. Омоллоон; «Кэччэгэй
балыксыт» саха остуоруйата; «Ыһыах» Л. Афанасьев; «Биһиги маамабыт» П. Одорусов;
«Васьканы хайдах буруйдуохха?» В. Авдеев; «Чэй кыырпахтара» Л. Левченкова; «Уу
кутабын», «Чороон», «Кытыйа» И. Мигалкин; «Дьиэтээҕи Саҥа Дьылбыт» М. ОбутоваЭверстова.
Өйүттэн этэр:
«Ардах» М. Ефимов; «Кыһын» М. Тимофеев; «Саас иһэр» Г. Данилов; «Аһын, таптаа кэрэни»
Н. Чуор; «Күүгүнэй» Г. Иванова; «Ийэ мичээрэ» А. Кондратьев.
УЛАХАН БӨЛӨХ
Оҕо саҥата сайдар эйгэтэ
Иитээччи күн устата иһитиннэрэр хоһооно, таабырына, өс хоһооно, остуоруйата, кэпсээнэ
оҕону сайыннарар эйгэнэн буолар. Онон ааспыт нэдиэлэ сонунун, сиэр-майгы, сонун түгэн,
саҥа-оҥоһук кинигэ, саха норуотун урукку, билиҥҥи олоҕун туһунан кэпсиир, кэпсэтэр.

Оҕоҕо аналлаах сурунааллары, араас көтөр, кыыл туһунан ойуулаах кинигэлэри, атлаһы,
каталогы кинигэ муннугар уурар.
Ону таһынан оҕо кэпсиир дьоҕурун, болҕомтотун сайыннарар хартыыналары туттар («Туох
ханна олорор?», «Туох уратылааҕый?», «Биир бөлөххө киирэр маллары бул», «Икки үүт-үкчү
кутуйаҕы бул» о.д.а.).
Оонньуу кэмигэр бэйэ тылын ылыннарарга, кырдьыгын дакаастыырга, алҕаһы билинэргэ
үөрэтэр.
Ситимнээх сана сайдыыта
Дьонум-сэргэм, дьиэм-уотум. Олорор уулуссатын, төрөппүттэрин толору аатын, ханна тугу
үлэлииллэрин билэр, кэпсиир. Билэр-билбэт киһитин кытта хайдах кэпсэтэрин билэр. Чугас
аймахтарын, ыалларын билэттиир, кэпсэтэр. Дьиэ тэриллэрин аналынан көрөн бөлөхтүүр
(аһыырга, утуйарга, сынньанарга, үлэлииргэ аналлаах). Хоһугар ханна туох турарын ойуулаан
кэпсиир («Мин хоһум»). «Дьиэбэр соҕотохпун» диэн тиэмэҕэ кэпсиир. Дьиэ уонна дьиикэй
кыыллары тэҥнии тутан тоҕо итинник ааттаммыттарын быһаарар («Ыт уонна бөрө
аймахтыылар дуо?»).
Оонньуубун. Тыл оонньуутун билэр, оонньуур («Майгынныыр тылы бул», «Төттөрү тылы
бул», «Атыннык эт»). Остуол оонньуутун, хамсаныылаах оонньуулары билэр, хайдах
оонньонорун быһаарар. (Сылбырҕа, күүстээх, быһый, имигэс, халбас харата тыллары туттар).
Араас оруоллаах оонньуулары айан оонньуур («Парикмахерскай», «Рынок», «Телестудия»).
Компьютерга ханнык оонньуу баарын, хайдах оонньонорун быһаарар. Бииргэ оонньуур
доҕорун туһунан кэпсиир. Үтүө доҕор диэн хайдах оҕону этиэххэ сөбүн быһаарар («Үһүс
тоҕо?» А. Аччыгыйа).
Туһа киһитэбин. Дьиэҕэ-уокка көмөтүн туһунан кэпсиир: «Мин дьиэбэр көмөлөһөбүн».
Укуруоп, луук сиэмэтин хайдах олордорун кэпсиир. Тиэргэн ыраастааччы үлэтигэр
көмөлөһөр, тугунан хайдах үлэлиирин быһаарар. Туттар тэрил аналын билэр, сэрэхтээхтик
туттар. Быраас идэтин билсэр, үлэтигэр туох наадатын, тугу гынарын туһунан араастаан
ойуулаан этэр. Хайдах сир астаспытын, оҕуруот аһын харайсыбытын туһунан кэпсиир.
Сэһэргэһиэх эрэ. Хас да хартыынанан кэпсээн толкуйдуур. Урут билбитин-көрбүтүн
кэпсиир («Сайыны хайдах атаардым», «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн», «Үтүө доҕор», «Сонунтан
сонун», «Интэриэһинэй кинигэ», «Мин аҕам-саллаат»). Айан кэпсиир («Арай мин күүстээх
буолуум», «Албынныаҥ -бэйэҕэр куһаҕаны оҥостуоҥ» өс хоһоонунан кэпсээн, «Мооруос
оҕонньорго сурук»). Телефонунан кэпсэтэри сатыыр. Уруһуйунан, оҥоһугунан кэпсиир
(«Интэриэһинэй мультик»). Санаатын дакаастыыр («Дьиэ кыыла дуу, эбэтэр дьиикэй кыыл
дуу?», «Уруһуйдьут алҕаһын көннөр»).
Билгэ билиим. Кумах, буор, туой уратыларын тутан-хабан көрөн быһаарар. Эттик ньуурун,
матырыйаалын, хаачыстыбатын, уратытын кэпсиир (хатыылаах, ньалҕаархай, кумаланымтыа,
кэбирэх, бөҕө). Тыаһы-ууһу, дорҕоону истэн быһаарар (улахан массыына, кыра массыына,
тыраахтар, самолёт тыаһа). Сыты-сымары билэр. Амтаһыйан туох ас буоларын, хайдах
амтаннааҕын этэр (аһыы, ньулуун, минньигэс).
Дьаарбайыы. Оҕо олорор сирин үөскээбит остуоруйатын билэр. Саха сирин киин куората
Дьокуускай диэн билэр, кэрэ миэстэлэрин туһунан кэпсиир. Москва куорат туһунан ойуунан
билиһиннэрэр. Суол быраабылатын билэр, быһаарар.

Этиини таба оҥоруу
Оҕо ситим тыллаах холбуу этиини оҥорор. Укуруоп сиэмэтэ бөдөҥ, оттон луук сиэмэтэ
бытархай. Укуруоп сиэмэтэ бөдөҥ, ол иһин олордорго үчүгэй.
Тэҥниир тыллары туттар: Эриэн үөн курдук... Олоҥхо бухатыырыныы...
Бириэмэ суолталаах баһылатыылаах холбуу этиини туттар. Мин соҕотох хааллахпына, ...
Ийэм үлэтигэр бардаҕына, ... Аҕам армияҕа сулууспалыы сылдьан, ... Аҕам эдэр эрдэҕинэ, ...
Мин кыра эрдэхпинэ, ...
Биир уустаах тыллары туттар: Мин аҕам уһанар. Ыскаап, устуул оҥорор. Кыһыл уот
умайдаҕына, тохтуубут, суолу туораабаппыт.
Туохтууру кэлэр кэминэн уларытар: буолуом, буолууһубун, буолаарыбын.
Кыбытык тыллары туттар. Мин саныырбар,... Тоҕо диэтэххэ,...
Дорҕоону чуолкайдык саҥарыы
- Этии, тыл, сүһүөх, дорҕоон өйдөбүлүн билэр;
- бэриллибит тыллары туттан этии толкуйдуур;
- чопчу ахсааннаах тыллаах этии толкуйдуур;
- этиигэ тыл турар миэстэтин быһаарар;
- 3-4 сүһүөхтээх тылы сүһүөхтэрин араарар, этэр;
- тылга чопчу дорҕоон баарын-суоҕун өйдөөн истэр;
- хас да тылга наадалаах дорҕоон баарын-суоҕун истэр;
- тылтан хас да дорҕоону арааран истэр;
- дорҕоон тыл хайа өттүгэр баарын быһаарар;
- уос, айах хамсааһынынан иитээччи ханнык дорҕоону саҥарарын быһаарар;
- бүтэй, аһадас дорҕоон, дифтонг өйдөбүллэрин билэр;
- уһун, кылгас аһадас дорҕоону, хоһуласпыт, сэргэстэспит бүтэй дорҕоону арааран истэр;
- 4-5 дорҕоонноох тылы фишканан бэлиэтиир;
- сыһыанын куолаһынан тириэрдэр.
Уус-уран айымньыны билсии
Кэпсиир, оонньоон көрдөрөр:
«Саһыл уонна бөрө», «Баҕа сарыабына», «Сивка-Бурка» нуучча остуоруйалара; «Бремен
куорат музыканнара» бырааттыы Гриммнэр; «Чыычаах икки моҕус икки», «Өҥөй Бөтүүк»,
«Дьол чорооно», «Муммут уолаттар», «Дьэрэкээн оҕолор», «Таал-Таал эмээхсин» саха
остуоруйалара; «Кэҕэ» ненец остуоруйата; «Тулуйа үөрэн» К. Ушинскай.
Айымньы ис хоһоонун ырытыһар, кэпсиир:
«Күһүн кэлиитэ», «Куһаҕан» Г. Данилов; «Куоска уонна кутуйах» И. Мигалкин; «Чанчарык»
С. Данилов; «Куобах кутуруга суох буолбута» Н. Якутскай; «Куоскалар уонна саһыл» Т.
Сметанин; «Үчүгэй уонна куһаҕан диэн туохтарый?» В. Маяковскай; «Үһүс тоҕо?» А.
Аччыгыйа; «Өйдөөх оҕо» П. Ойуунускай; «Барабыай» К. Туйаарыскай; «Тула өттүм тула хаар»
П. Тобуруокап; «Тыыннаах сэлээппэ» Н. Носов; «Танюша туһунан» П. Тобуруокап; «Лётчик
буолуом» И. Федосеев; «Үлэни ситэри бүтэр» Л. Афанасьев; «Сымыйаччы» К. Туйаарыскай;
«Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх» С. Данилов.
Өйүттэн этэр:
«Күһүн» М. Тимофеев; «Кыһын» С. Данилов; «Саҥа Дьыл» М. Обутова-Эверстова;
«Улаатарым буоллар мин», «Тоҕо?» П. Тобуруокап; «Доҕордоһуу тойуга» С. Омоллоон,

БЭЛЭМНЭНИИ БӨЛӨХ
Оҕо саҥатын сайыннар эйгэ
Алын бөлөхтөргө этиллибити таһынан көрдөрөр матырыйааллар:
- глобус эбэтэр каарта — сир быһыытын удумаҕалатарыгар, олорор дойдутун булан
көрөрүгэр, аан дойду киэҥ эбит диэн өйдөбүл ыларыгар;
- истиэнэ эбэтэр кумах чаһыта — бириэмэ өйдөбүлүн билсэригэр, күнүн былаанныырыгар;
- халандаар - сыл-хонук өйдөбүлүн билсэригэр;
- оруоллаах оонньууга сонун киллэриилэр;
- хамсаныылаах оонньууга бэргэһэлэр;
- уларыйа турар кинигэ, остуол оонньуутун муннуктара;
- дуоска, миэл — оҕо дуоска ньуурун тутуһан уруһуйдууругар;
- кубик, магниттаах, кырыллыбыт буукубалар;
- телевизор — сонун биэриини ырытыһарга;
Ситимнээх саҥа сайдыыта
Дьонум-сэргэм, дьиэм-уотум. Хантан, кимтэн төрүттээҕин кэпсиир, быһаарар. Дьонунсэргэтин дьарыгын туһунан кэпсиир, кинилэр үлэлэрэ дьоҥҥо туох көмөлөөҕүн быһаарар.
Олорор дэриэбинэтин, улууһун, республикатын аатын билэр, кэпсиир (Мин дойдум — Саха
сирэ). Куорат, бөһүөлэк, дэриэбинэ, сайылык уратытын быһаарар. Дойдутун биллиилээх
дьонун билэр, убаастабыллаахтык сыһыаннаһар. Дьиэтэ-уота, оҕо саада турар миэстэтин,
аадырыһын билэр, быһаарар. Өбүгэ олоҕун-дьаһаҕын билсэр, сиэрин-туомун туһунан
кэпсиир, тутуһар. Бырааһынньык тоҕо бэлиэтэнэрин билэр, тэрийсэр, көхтөөхтүк кыттар.
Маҕаһыыҥҥа, уулуссаҕа, киинэҕэ сылдьыы бэрээдэгин билсэр, тутуһар, быһаарар.
Оонньуубун. Тыл, остуол оонньуутун, хамсаныылаах оонньуулары билэр, оонньуур, хайдах
оонньуурун быһаарар (Сөбүлүүр оонньуум). Араас оруоллаах оонньуулары айан оонньуур
(«Почта», «Ателье», «Оскуола», «Стадион»). Оонньууругар туох наадатын быһаарар. Сахалыы
оонньуулары билсэр, быраабылатын билиһиннэрэр. Бииргэ оонньуур доҕорун туһунан
кэпсиир. Үтүө доҕор диэн хайдах оҕону этиэххэ сөбүн быһаарар. Иллээхтик оонньуур.
Алҕаһаатаҕына бырастыы гыннарар.
Туһа киһитэбин. Дьиэ үлэтин чэпчэтэр араас массыыналары аналларынан быһаарар. Киһи
олоҕор, үлэтигэр араас тэрили туттарын билэр, быһаарар. Туттуллар аналынан көрөн
бөлөхтүүр. Дьиэтигэр сорох уокка холбонор маллары сатаан туттар. Дьиэҕэ-уокка кыаҕынан
көмөлөһөр, хайдах үлэлээбитин туһунан санаатын этэр («Эбэм аһын таптыыбын» ас
астааһын). Идэ арааһын салгыы билсэр. Чугас эргиннээҕи тэрилтэлэргэ (почтаҕа, оскуолаҕа,
маҕаһыыҥҥа) сылдьан тугу үлэлииллэрин көрөр, билсэр, тугу көрбүтүн быһаарар. Күһүн
оскуолаҕа барабын диэн билэр, бэлэмнэнэр.
Сэһэргэһиэх эрэ. Хас да хартыынанан кэпсээн толкуйдуур. Буолбут түгэни («Өрөбүл
күнүм», «Икки көлөһөлөөх тимир көлөм») кэпсиир. Урут билбиккэ-көрбүккэ тирэҕирэн
(«Көрдөөх кэпсээн»; «Уруһуйунан кэпсээн»; «Харандаас уонна уруучука мөккүөрдэрэ») айан
кэпсиир. Истибиккэ-көрбүккэ олоҕуран кэпсээн айар («Харыйачаан айана» остуоруйа,
«Колобок», «Кыһыл көмүс балык», «Тыыннаах суорҕан»), санаатын үллэстэр («Ким
күүстээҕий?», «Ийэм тоҕо хомойдо?» А. Аччыгыйа айымньытынан). Истибит кэпсээнин
(«Сөбүлэппэтэх» эбээ» Л. Михайлов), остуоруйатын («Кэҕэ» диэн ненец остуоруйата) салгыы
ситэрэн айар.

Билгэ билиим. Дьиэ тэрилин (куукуна, утуйар хос, саала миэбэлэ), иһити-хомуоһу (эбиэт
иһитэ, чэй иһитэ, ас астыыр иһит), таҥнар таҥаһы ( ис, тас, атах таҥаһа, бэргэһэ) аналынан
бөлөхтүүр. Уратытын: матырыйаалын, өҥүн-дьүһүнүн, кээмэйин, быһыытын-таһаатын,
аналын быһаарар. Өстүөкүлэ уонна пластмасс, мас уонна туос уратыларын тутан-хабан көрөн
быһаарар, тугу оҥороллорун кэпсиир. Эттик уһунун, кэтитин, үрдүгүн тэҥнээн, холоон,
сабаҕалаан быһаарар.
Дьаарбайыы. Олорор сирин, республикатын сүрүн уратытын быһаарар, кэпсиир. Саха
сирин куораттарын (Дьокуускай, Алдан, Мирнэй, Нерюнгри), өрүстэрин туһунан билэр,
кэпсиир. Алмааһы хостуур сир, кырыылыыр завод туһунан билэр. Араас омук оҕолорун
туһунан хартыынанан кэпсиир. Дэриэбинэ, куорат уратытын, сайыҥҥы, кыһыҥҥы, мас-таас
дьиэлэри тэҥниир, быһаарар. Араас техниканы аналынан бөлөхтүүр, ис-тас оҥоһуутун, тас
көрүҥүн, уратытын, суолтатын, аналын быһаарар. («Ким массыынаны оҥороруй?») Чугас
тэрилтэҕэ сылдьар, тугу көрбүтүн кэпсиир («Музейга», «Оскуолаҕа»).
Этиини таба оноруу
- тылга сыһыарыы эбэн араас тылы оҥорор (от, отуу, оттуур, отчут);
- икки тылы холбоон саҥа тылы таһаарар (арыы иһитэ, баттах кырыйааччы);
- сыһыарыы көмөтүнэн үөскээбит тыллары таба туттар (иитээччи, атыылааччы);
- ойуулуур-дьүһүннүүр тыллары туттар;
- падеж сыһыарыыларын таба туттар;
- судургу да, холбуу да этиини таба оҥорор;
- араас көрүҥнээх баһылатыылаах холбуу этиилэри туттар;
- этиигэ биир уустаах чилиэннэри таба туһанар;
- санааны чуолкайдык этэр тылы көрдүүр, булар (булкуйар, мэһийэр, дэхсилиир);
- туохтуур кэмнэрин таба туттар (үүммүтэ, үүннэрбитэ, үүнүө, үүнээччи, үүнүмтүө).
Чуолкайдык саҥарыы, ааҕыы
- Этии, тыл, сүһүөх, дорҕоон өйдөбүлүн билэр;
- этии хас тыллааҕын быһаарар;
- уһун, кылгас этиини тэҥниир;
- кылгас этиини уһатар;
- бэриллибит тылларынан этии оҥорор;
- төрөөбүт тылын дорҕооннорун чуолкайдык этэр, арааран истэр;
- аһаҕас, бүтэй дорҕоон өйдөбүлүн билэр;
- уһатыылаах, кылгас аһаҕас дорҕооннору быһаарар;
- сэргэстэспит, хоһуласпыт бүтэй дорҕооннору араарар;
- тылы дорҕоонунан, сүһүөҕүнэн ырытар;
- этиллибит дорҕоон хаһыс турарын быһаарар;
- чопчу дорҕоонтон саҕаланар, бүтэр тылы толкуйдуур;
- биир-икки сүһүөхтээх тылы хас да сүһүөхтээх тылга кубулутар;
- тыл биир дорҕоонун атынынан солбуйдахха, атын тыл тахсар эбит диэн билэр;
- төрөөбүт тылын дорҕооннорун бэлиэтин, буукубатын билэр;
- кылгас тыллары аадар;
- дорҕоон суруллуутун, этиллиитин тэҥниир (у-ү; н-ҥ; в-б);
- кырыллыбыт буукубанан, кубигынан кылгас тылы суруйар;
- тэтэрээт сурааһынын тутуһан буукуба элеменнэрин суруйар.

- этиитин ис хоһоонуттан көрөн куолаһын уларытар.
Уус-уран айымньыны билсии
Кэпсиир, оонньоон көрдөрөр:
«Төбөтө дуу, төрдө дуу?» Британия остуоруйата; «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин»
саха остуоруйата; «Олус наһаа умнуган» С. Маршак; «Уон икки ый»; «Тураах уонна саһыл» үгэ
И. Крылов; «Күөгэйэ Куо» М. Обутова-Эверстова; «Уйбаанчык сурус уонна Өлөөнчүк эдьиий»
нуучча остуоруйата.
Айымньы ис хоһоонун ырытыһар, кэпсиир:
«Оля фартуга» И. Грингберг; «Ийэлэр күннэрэ» М. Обутова — Эверстова; « Бирээнньик
толооҥҥо үүммүтэ» С. Омоллоон; «Аҕа уонна ийэ» Н. Якутскай; «Түөрт баҕа санаа» К.
Ушинскай; «Кыһыл көмүс ходуһа» М. Пришвин; «Хойукку космонавтар» М. Ефимов;
«Хаппыыста» С. Данилов; «Баһаарынай ыттар» Л. Толстой; «Тугу алҕаһаатыбыт?» А. Аччыгыйа;
«Үүт хантан үөскүүрүй, оттон килиэп?» А. Фёдоров; «Дьоһун киһи» М. Ефимов;
«Доҕордуулар» В. Слепцова; «Үтүө майгы - көтөр кынат» П. Фёдоров; «Сөбүлэппэтэх» эбээ» Л.
Михайлов; «Билэр буукубаларым» П. Тобуруокап; «Үлэ барыта үчүгэй» С. Тимофеев; «Сымыйа
куһаҕан» С. Омоллоон; «Аптаах тыл» В. Осеева; «Слива уҥуоҕа» Л. Толстой.
Өйүттэн этэр:
«Сайын» П. Дмитриев; «Ахсаан» К. Туйаарыскай; «Чабырҕахтар» П. Тобуруокап; «Ёлкаҕа»
Г. Данилов; «Саҥа дьыл» О. Иванова; «Айыы» И. Левин; «Ийэҕин харыстаа» С. Тимофеев;
«Сайын» Д. Васильев; «Оскуолаҕа киириэхпит» С. Сомоҕотто.
3.2. ТЫЛЫ-ӨҺҮ САЙЫННАРАР ООННЬУУЛАР УОННА ДЬАРЫКТАР
Төрөөбүт айылҕам олоҥхо тылынан
Оонньуу сайыннарар кыаҕа. Оонньуур көмөтүнэн оҕо тылын байытыы, уустаан-ураннаан,
бэргэн-хомоҕой тылынан кэпсэтэр дьоҕурун байытыы; оҕо ойуулаан-дьүһүннээн,
уобарастаан толкуйдуур дьоҕурун эрчийии.
Ааптара: Константинова Тамара Григорьевна, Чурапчы сэл. «Кэскил» оҕо сайдар киинин
иитээччитэ.
Сыала: Оҕо ойуулаан кэпсиирин олоҥхо тылынан байытыы.
Анала: бэлэмнэнии бөлөххө.
Туттуллар матырыйаал: картотекаҕа, слайдаҕа айылҕа көстүүтэ: күн, халлаан, өрүс, хонуу,
от-мас, хатыҥ, былыт, хайа, аал-луук мас. Кырыйарга – кумааҕы, кыптыый, килиэй, ватман,
олоҥхо запиһа, хомус тыаһа.
Саҥа тыллар: хомурах, холбороҥ, сүндэлэ.
Эрдэтээҥҥи үлэ: «Эрчимэн Бэргэн», «Куруубай хааннаах Кулун Куллурустуур», «Күн
Эрили», «Буура Дохсун», «Дьулуруйар Ньургун Боотур», «Тойон Дьаҕарыма» олонхолорго
айылҕа көстүүлэрин хоһуйууларын үөрэтии.
Дьарык барыыта:
Намыын музыка тыаһыыр. Релаксация.
Сахалыы таҥастаах оҕолор олбоххо төгүрүччү олороллор. Харахтарын симэллэр. Салгыны
муннуларынан ылаллар, айахтарынан таһаараллар.
Хомус тыаһыыр.
(Хомус тыаһа тохтуур, оҕолор харахтарын аһаллар).

- Эһиги хараххытыгар туох көһүннэ?
Оҕолор биир-биир этэллэр.
Айылҕа көстүүтүн туһунан сэһэргэһии.
Слайдаҕа айылҕа көстүүтэ көстөр, олоҥхо запиһа тыаһыыр.
Ньургун Боотур атынан көтүтэн иһэрэ көстөр. Оҕолор Ньургун Боотуру кытта тэҥҥэ
айанныыллар. Аты миинэн бөтөрөҥнөтөллөр, айахтарынан ат туйаҕын тыаһын үтүктэн
тылларын эрчийэллэр.
Иитээччи оҕолорго Ньургун Боотурдуун тэҥҥэ олоҥхо дойдутугар айанныылларын этэр.
1 тохтобул: Остуол оонньуута "Олоҥхо дойдутун устун айан".
Остуол оонньуута: Орто дойду айылҕатын хартыыната: күн, халлаан, өрүс, хонуу, от-мас,
хатыҥ, былыт, хайа, аал-луук мас. Айылҕа көстүүлэрин устун сыыппаралардаах ыллык суол
барар. Оҕолор 1-6 дылы төгүрүктэрдээх кубигы биир-биир быраҕан ыллык суол устун
айаннаталлар. Ханнык айылҕа көстүүтэ түбэһэр да, онно хоһуйуллубуту биир-биир этэллэр.
Холобура: Күн.
Ойор күн уота,
Сырдык күн сырала,
Ойооллоон тахсар
Уоттаах күн. (Күн Эрили)
Иитээччи оҕолордуун ойуу тыллары хатылыыллар, ырыталлар.
Арай икки оҕоҕо өрүс, хонуу ойуулара түбэспит. Иитээччи олоҥхоҕо айылҕа хоһуйуллубут
олугун ааҕар:
Тоҕус үрэх тутуһуутугар
Сүндэлэ далай уулаах
Сүүрүктээх өрүс. (Дьулуруйар Ньургун Боотур)
Хомурах кыайан хоммотох,
Холбороҥ маҥан хонуу. (Тойон Дьаҕарыма)
Оҕолор истибит олуктарыгар саҥа тыллары (хомурах, холбороҥ, сүндэлэ) булаллар,
иитээччи ону быһаарар.
Тыллар быһаарыылара:
хомурах - чигдитийбит хаар
холбороҥ - тыа тулалаах киэҥ сир
сүндэлэ - улахан, дьоһуннаах, улуу.
Хамсаныылаах сынньалаҥ: музыка тыаһыгар талан ылбыт карточкаларынан
хамсаныылары оҥороллор. Холобура, от-мас буолан хамсаналлар.
2 тохтобул: Остуолга олорон кырыйыы: күн, халлаан, өрүс, хонуу, от-мас, хатыҥ, былыт,
хайа, аал-луук мас.
Мэһэйдээбэт гына олоҥхо иһиллэр.
Бүтэрбит оҕо үлэтин аҕалан улахан кумааҕыга сыһыаран орто дойду айылҕатын
оҥороллор.
Саҥа ойуу тыллары (хомурах, холбороҥ, сүндэлэ) чиҥэтэн хат-хат хатыланар.
Тоҕус үрэх тутуһуутугар
Сүндэлэ далай уулаах
Сүүрүктээх өрүс. (Дьулуруйар Ньургун Боотур)
Хомурах кыайан хоммотох,
Холбороҥ маҥан хонуу. (Тойон Дьаҕарыма)
Өрө көтөҕүллүүлээх музыка тыаһыыр.

Слайдаҕа Ньургун Боотур атынан иһэр:
- Оҕолоор, төрөөбүт айылҕабытын харыстыырга сиэрдээх буолуу ханнык быраабылатын
билэҕитий?
Оҕолор айылҕаны харыстааһыҥҥа сиэрдээх буолуу быраабылаларын Ньургун Боотурга
этэллэр:
- Айылҕаны харыстаа.
- Ытык мас таһыгар айдаарыма, оонньоомо.
- Ууну киртитимэ, харыстаа.
- Оту-маһы мээнэ алдьатыма.
- Сибэккини мээнэ үргээмэ. (Тэрис)
Оҕолор Ньургун Боотуру кытта быраһаайдаһаллар.
Иитээччи:
- Тугу ордук сөбүлээтигит?
- Олоҥхо тылынан ойуулаан-дьүһүннээн туох туһунан кэпсэттибит?
- Саҥа билбит тылларгытын күннээҕи олоххо туттуохха сөп дуо? (Холобура, мин тиэргэммэр хомурах хаарга оонньуурбун сөбүлүүбүн).
Дьарыкка көмө матырыйаал:
Күн: Ойор күн уота, сырдык күн сырала. Ойоҕолоон тахсар уоттаах күн.(Күн Эрили)
Сырал - уот итиитэ биллэрэ, суоһа кэлэр.
Ойоҕолоон тахсар - кытыытынан, ойоҕоһунан.
Халлаан:Туналҕан маҥан килбиэн халлаан. Үрдүк мэҥэ добун халлаан. (Күн Эрили)
Туналҕан - олус ыраас, сырдык.
Килбиэн - чаҕылхай, арылхай.
Мэҥэ - олус үрдүк, киэҥ, улахан.
Добун - үрдүк, улахан, улуу.
Былыт: (үрүҥ былыт үөрдүстэ, хоҥор былыт холбосто. (Дьулуруйар Ньургун Боотур)
үөрдүстэ - холбосто, чөмөхтөстө.
Хоҥор былыт - кытарымтыйан көстөр хой былыт.
Аал-луук мас: Аҕыс иилээх саҕалаах, атааннаах-мөҥүөннээх Аан ийэ дойдуларын хаба
ортотугар Аҕыс салаалаах Аар Кудук мас үүммүт эбит. (Дьулуруйар Ньургун Боотур)
Атааннаах-мөҥүөннээх - айдааннаах, иирсээннээх.
Хайа: Арҕааттан ааҥнаан тахсан иһэр ардах былытын курдук Адаар-бадаар арҕастаах
Аалыы таас хайалардаах. (Буура Дохсун)
Ааҥнаан - суолу бүөлээн, бүрүйэн.
Арҕас - хайа, сыыр субурҕатын үөһэ өттө.
Аалыы - манна: аалбыт курдук ньалхаархай.
Хатыҥ: Хаар көрбөтөх, хаһыҥы билбэтэх минньигэс сыттаах, минньигэс дьүһүннээх күөх
сирэм чэчир... (Дьулуруйар Ньургун Боотур)
Сирэм - хонуу, сыһыы, саас саҥа тахсар ото, сир күөх кырса.
Чэчир - ыһыахха, урууга сиргэ анньыллыбыт эдэр хатыҥ.
От-мас: Аҕыс салаалаах ача күөх ото аҥаарыйа үүнэн анньар. (Тойон Дьаҕарыма)
Аҥаарыйа үүнэн анньар - быстыбакка ыраахха дылы нэлэһийэ барар, унааран көстөр.
Сибэкки: Оһуор ойуу охсулунна, синньэ дьэрэкээн тардылынна. (Күн Эрили)

Тыл аукциона
Оонньуу сайыннарар кыаҕа. Бу оонньуу нөҥүө оҕо билэр-көрөр баҕатын, тылын-өһүн,
кэпсэтэр дьоҕурун сайыннарыахха сөп.
Ааптара: Ноева Анна Гаврильевна, Чурапчы улууһун Сылан сэлиэнньэтин "Сулусчаан"
оҕо сайдар киинин иитээччитэ.
Анала: Түөртэн үөһэ саастаах оҕолорго.
Быраабылата: саамай элбэх хоһуйар тылы эппит оҕо кыайыылаах буолар. Холобур: хатыҥ
– кыраһыабай, лаглаҕар, кэрэ, суугунас, күөх намыын лабаалаах, уһун, көнө, маҥан субалаах
о.д.а.
Таай, туохтарый?
Оонньуу сайыннарар кыаҕа. Оҕо тылын оҥорон көрөр, толкуйдуур дьоҕурун, тылын
сайыннарыы.
Ааптара: Ноева Анна Гаврильевна, Чурапчы улууһун Сылан сэлиэнньэтин "Сулусчаан"
оҕо сайдар киинин иитээччитэ.
Быраабылата: Иккилии предмети туохтарынан майгынныылларын, уратыларын
өйдөрүгэр толкуйдаан таайтараллар.
Барыыта: Оҕолор иккилии предмети истэригэр оҥорон кэпсииргэ бэлэмнэнэллэр.
Иитээччи (эбэтэр оҕо) биир оҕоҕо кубик биэрэр, ол оҕо санаабыт предметтэрэ туох
майгынныыр өрүттээхтэрин, уратыларын этэн ойуулуур. Атыттар таайаллар. Холобур: "Иккиэн
харамайдар. Сыыдам сырыылаахтар. Биирэ бороҥ, биирэ кугас. Иккиэн ойуурга олороллор.
Биирэ хорооҥҥо олорор, кууруссаны уорар, биирэ мээнэ сылдьар, сүөһүнү тардар." "Иккиэн
айан көлөлөрө (транспорт). Биирэ улахан түннүктээх, сүүрэр, сиринэн сылдьар, дьону таһар,
биирэ – эмиэ дьону таһар, көтөр, халлаанынан сылдьар".
Күһүн
Таабырын-садаача сайыннарар кыаҕа. Оонньуу оҕо билиитин-көрүүтүн кэҥэтэр,
болҕомтолоохтук истэр, сатаан былаанныыр, хонтуруолланар кыахтарын сайыннарарга көмө
буолуон сөп.
Ааптара:Ноева Анна Гаврильевна, Чурапчы улууһун Сылан сэлиэнньэтин "Сулусчаан" оҕо
сайдар киинин иитээччитэ.
Ис хоһооно:Сашаҕа саас ийэтэ кинигэ атыыласпыт. Кинигэтэ үс ойуулаах эбит. Бастакы
ойууга ойуур көстөр. Мастар кыһыл, саһархай, араҕас сэбирдэхтээхтэр. Сир барыта эмиэ
оннук сэбирдэхтэринэн бүрүллүбүт. Күн уотугар мастар көмүс аалыыта буолан көстөллөр.
Сүрдээх кэрэ хартыына. Иккис хартыынаҕа сэбирдэхтэр аҕыйаабыттар. Халлааны хараҥа
былыт саппыт. Ардах түһэр. Үһүс хартыынаҕа мастар биир да сэбирдэҕэ суохтар. Арай бэс,
харыйа уруккуларын курдук күөх тураллар. Халлаантан хаар кыырпахтара тэлээрэн кэлэкэлэ сиргэ түһэллэр. "Бастакы хартыына аата тугуй?" – диэбит Саша ийэтэ. "Күһүн" – диэбит
Саша. "Оттон иккис?""Күһүн". "Онтон үһүс?""Эмиэ күһүн". Эһиги санааҕытыгар? Тоҕо?

Художественно-эстетическое развитие предполагает развитие предпосылок
ценностно-смыслового восприятия и понимания произведений искусства
(словесного, музыкального, изобразительного), мира природы; становление
эстетического отношения к окружающему миру; формирование элементарных
представлений о видах искусства; восприятие музыки, художественной литературы,
фольклора; стимулирование сопереживания персонажам художественных
произведений; реализацию самостоятельной творческой деятельности детей
(изобразительной, конструктивно-модельной, музыкальной и др.).

4.1. «ТОСХОЛ» БЫРАГЫРААМАҔА ОҔО КЭРЭНИ ӨЙДҮҮР ДЬОҔУРУН САЙЫННАРЫЫ
Ойуулуур-дьүһүннүүр искусство, музыкальнай искусство,
саха фольклора
Ойуулуур дьүһүннүүр искусство туһунан өйдөбүлэ:
Живопись, скульптура, графика - ойуулуур-дьүһүннүүр искусство көрүҥнэрэ диэн билэр.
Биирдии көрүҥ туһунан сүрүн өйдөбүлү ылар, уратытын быһаарар.
Пейзаж, портрет, натюрморт, тематическай хартыына ойуулуур-дьүһүннүүр искусство
жанрдара диэн билсэр. Биирдии жанр туһунан сүрүн өйдөбүлү ылар, уратытын быһаарар.
Искусство айымньытын болҕойон көрөр, ис хоһоонун өйдүүр, бэйэтин санаатын этэр.
Живопиһы уонна графиканы кырааска арааһынан, харандааһынан; скульптураны
пластилинынан, туойунан, тааһынан, бетонунан, тимиринэн, маһынан оҥороллор диэн
араарар.
Ойуулуур - дьүһүннүүр искусство айымньыылара араас ньыманан оҥоһуллаллар диэн
өйдөбүлү ылар. Живопись, графика киистэнэн ойууланаллар: скульптура мэһийиллэн,
сыбаан, чочуйуллан оҥоһуллар диэн өйдүүр, билэр. Араас ньыманан туһанан ойуулуурга
үөрэнэр. Оҥоһуктарыгар, айымньыларыгар тулалыыр эйгэҕэ сыһыанын көрдөрөр.
Декоративнай - прикладной искусство сүрүн көрүҥүнэн орнамент арааһа буолар диэн
билэр. Орнаменынан дьиэни, дьиэ араас тэрилин, иһити - хомуоһу, таҥнар таҥаһы
киэргэтэллэр диэн өйдүүр. Орнамент ойуута араас, тус - туһунан суолталаах диэн өйдөбүлү
ылар. Саха орнаменын сүрүн ойууларын суолтатын билэр, араарар, быһаарар, уруһуйдуу
үөрэнэр.
Араас омук араас орнаменнаах буолар диэн билэр. Хохломской, дымковскай,
филимоновскай, богородскай, городецкай орнаменнар тустарынан өйдөбүлү ылар,
уруһуйдуу үөрэнэр.
Архитектура - искусство биир көрүҥэ буолар диэн өйдөбүлү ылар. Элбэх этээстээх улахан
таас дьиэлэр, үлэлиир тэрилтэ дьиэлэрэ, театрдар, дыбарыастар, заводтар, фабрикалар,
вокзаллар, улахан оскуолалар, детсадтар, маҕаһыыннар, музейдар, пааркалар, фермалар,
чааһынай олорор дьиэлэр араас архитектурнай бырайыагынан тутуллаллар диэн өйдүүр.
Архитектура сүрүн көрүҥнэрин, араас матырыйаалынан билсэр. Пластилинынан, туойунан,
конструкторынан тута үөрэнэр.
Ойуулуур-дьүһүннүүр искусство ис хоһоонун сөпкө өйдүүр, ылынар, уус-уран образтары
сатаан быһаарар, көрөн астынар.
Маннык айымньылары кытта билсэр:
"Эһэ уонна собо" М.Г. Старостин иллюстрацията; "Кырачаан балтым" М. Гуляева-Карим;
"Сүрэҕэ суох чыычаах" М.Г. Старостин; "Кыыллар" Е.М.Шапошников; "Таал-Таал эмээхсин"
И.И.Попов, Г.И.Попов; "Дьулуруйар Ньургун Боотур" В.Карамзин, И.Корякин; Э.Сивцев
"Тэллэйдээх кыыс"; "Түннүк" М.Рахлеева, литография; "Саха бөҕөстөрө", "Муус аннынан
балыктааһын бырааһынньыга - муҥха" А.Н.Осипов, живопись; "Уолан сүгүннэрэн иһэр
кыыһынаан" П.Романов, живопись; "Ырыа" П.Романов, мозаика; "Сэргэ аттыгар турар саха
дьахтара" В.П. Попов, скульптура; "Чэй иһиитэ" Э.Сивцев, графика; "Хоноһо", "Летящий шаман"
М. Федулов, гобелен; "Күһүн", "Кыһын", "Саас", "Сайын" В.Д. Иванов; "Аал луук мас", "Олоҥхо
сүрүн геройдара" Т.А. Степанов, живопись; "Золотая осень" Левитан, живопись; "Аленушка",
"Бухатыырдар" В. Васнецов, живопись; "Сарсыарда бэс чагдаҕа" И. Шишкин, живопись.

Оҕо ойуулуур - дьүһүннүүр сатабыла
Уруһуй
Уҥа, хаҥас эбэтэр икки илиитинэн тэҥҥэ уруһуйдаан көрөн бэйэтигэр табыгастаах суолу
булар. Оҕо уруһуйдуурга туттуллар тэриллэри билэр, талан туттар (гуашь, акварель,
фломастер, өҥнөөх харандаас, боростуой харандаас, миэл, чох, тушь, пастель, арыылаах
кырааска, темпера). Хараҕынан холоон көрөн, харандааһы сөпкө баттаан, киистэ төбөтүнэн
эбэтэр бүтүннүү туһанан ойуулуурга дьарыктанар. Кырааскатын, харандааһын, кэмчилээн
туттарга кыһаллар. Харандааһынан, киистэнэн, миэлинэн барыллаан уруһуйдуурга,
төгүрүччү, көнөтүк, долгуннуу, туруору, сытыары сотон, суруйан ойуулуурга үөрэнэр; бэлэм
омоону кырааскалыыр. Боростуой быһыылаах эттиктэри ойуулуур. Төгүрүк, үс муннук,
квадрат, ньолбоҕор, түөрт муннук быһыылаах эттиктэри көрөн олорон ойуулуур. Хас да
ойууну холбоон биир ис хоһооннуур, боростуой саха оһуорун бэлэм фоҥҥа оҥорор, өйтөн,
санаан көрөн, уус-уран айымньыттан, көрөн олорон уруһуйдуур. Дьыл кэмин, түүн, күнүс
өйдөбүлүн, айылҕа уларыйыытын, үүнээйи, кыыл арааһын тутулун тулалыыр эйгэ
көстүүтүттэн айан ойуулуур. Алта сүрүн өҥү билэр, кытархай, бороҥ, сырдык халлаан күөҕэ
өҥү араарар. Өҥ сырдыгын хараҥатын араарарга, өҥү булкуйан дьүөрэлииргэ үөрэнэр.
өҥнөр көмөлөрүнэн тулалыыр эйгэ киһи туругун көрдөрүөххэ сөбүн өйдүүр.
Ыраах, чугас турар эттиги хайдах уруһуйдууру сатыыр уонна эттик пропорциятын
хараҕынан холоон ойууулуурга үөрэнэр.
Саха уонна атын омук оһуорун хараҕынан холоон оҥорор, кырааскалыыр уонна
оһуорунан оҥоһуктары киэргэтэр.
Оҕо маннык сахалыы орнаменнары билэр, сатаан уруһуйдуур.
3-4 саастаахтар. "Быа ойуу","Туоһахта ойуу","Күн ойуу", "От ойуу", "Тараах ойуу", "Тиис ойуу".
3-5 саастаахтар. "Хабарҕа ойуу", "Тыҥырах ойуу", "Тыал ойуу", "Илим ойуу", "Ураһа ойуу",
"Таҥалай ойуу", "Сибэкки ойуу" (ньыма).
3-6 саастахтар. "Саахымат ойуу", "Тыҥырах ойуу", "Биэ эмиийэ", "Сүрэх ойуу", "Туйах ойуу",
"Сибэкки ойуу", "Тоноҕос ойуу", "Сарбынньах ойуу", "Эриллэҕэс ойуу", "Көҕүөр ойуу".
Аттарыы
Оҕо 3-4 сааһыттан аттара, сыбаан оҥоро, тигэ, уһана, тута үөрэнэр.
Оҕо араас өҥнөөх кумааҕылары табатык дьүөрэлээн сыһыарарга, сөптөөх өҥү (фону)
талан ыларга үөрэнэр. Бастаан биир өҥнөөх кумааҕыны, онтон 2-3 өҥү дьүөрэлии
силимниир. Кырыйбакка эрэ бэлэм оһуору, ойууну, "малы-салы" сыһыарар. 4-5 сааһыттан
кыптыыйынан тутта үөрэнэр.
Кумааҕыны бүк тутан, квадраттан көнө муннугу, көнө муннуктан ньолбоҕору, квадраттан
төгүрүгү, үс муннугу, кылгас, синньигэс, кэтит кэрчиктэри, харах холооһунунан кырыйар. Ис
хоһоонноох үлэни өҥүн, быһыытын, кээмэйин, балаһыанньатын көрөн, наардаан сыһыарар.
Кумааҕыны, килиэйи кэмчилээн туттарга кыһаллар, үлэтин харыстыыр, саҕалаабытын
бүтэрэр.
Сыбаан оҥоруу
Туойунан, пластилинынан үлэлии үөрэнэр; сыбаан оҥоруу араас ньыматын билэр, сатаан
туһанар; ытыс икки ардыгар, көнө ньуурга араастаан (көнө, төкүнүк гына) хатайдыыр;
хаптаччы баттыыр; бобо тутан сыһыарар; тарбах төбөтүнэн тобулу, дьөлө баттыыр, тэллэччи
тардар; сыһыары тутан имэрийэн холбуур; тарбах төбөтүнэн хаптаччы тутар; чорбоччу
тардар; стеканы туһанар, сыбаан уонна гуашь кыраасканан араас ойууну түһэрэр.

Иистэнии
5 сааһыттан кыыс оҕо тигэ үөрэнэр:
Иннэнэн, сүүтүгүнэн сатаан туттар, сабы иннэҕэ угар, түмүктүүр, кырыйар; субуйа анньыы
ньыматынан куукула таҥаһын бүүрэр, таҥаска оһуордуур. Улахан, орто кээмэйдээх оҕуруону
тиһэр, кыра көбүөрү киэргэтэр. Оҕуруону, сабы өҥүнэн наардаан туттар, таҥаһы кырыйарга
кэмчилээн туттарга үөрэнэр.
Уһаныы
Уол оҕо: 5-6 сааһыгар быһыччанан кыһарга, суруйарга, дьөлө хаһарга, ойуу түһэрэргэ,
быһах эрбиинэн, өтүйэнэн туттарга, тоһоҕону саайарга үөрэнэр. Маһынан сатаан үлэлииргэ
(эрбииргэ, саайарга, көтүрэргэ), сатаан уһанарга (кыһарга, быһарга, чочуйарга, ааларга,
таптайарга ) үөрэнэр, сэрэнэн туттар.
Тутуу
Тута үөрэнэригэр уһатыы, үрдэтии, бүрүйүү, сыһыары тутуу, холбооһун, кэҥэтии, биллэҕэ
быраҕыы, туора сабыы курдук ньымалары билэр. Кирпииччэни туруоруу, кэккэлэччи,
төгүрүччү, түөрт муннуктуу, утуу-субуу, сыһыары уурталыыры сатыыр.
Конструкторы туһанан араас моделы таҥар, оҥорор. Бэйэтэ былааннаан эбэтэр
уруһуйунан (схеманан) сирдэтэн айан тутар. Сууллубат гына эрдэттэн былааннан табыгастаах
сири булан кээмэйин, быһыытын, матырыйаалын, хайысхатын таба талан тутарга үөрэнэр.
Туттуллар матырыйаал (кубик, кирпииччэ, хаптаһын, буруус уо.д.а.) туох уратылааҕын, хайдах
туруктааҕын билэр, туттарыгар ону учуоттуур.
Музыкальнай искусство
Музыкалънай искусство туһунан өйдөбүлэ
Музыкальнай искусство көрүҥнэрин (вокальнай: инструментальнай, симфоническай
музыка, балет) туһунан бастакы өйдөбүлү ылар.
Опера, академическай уонна народнай ырыа вокальнай искусство көрүҥнэрэ диэн
өйдүүр, билэр, уратыларын араарар, быһаарар. Операда оперетта, академическай ырыава
романс, ария, народнай ырыава частушка, тойук, кылыһах киирэллэр диэн билэр.
Үҥкүү уонна балет хореография категориялара диэн өйдүүр. Үҥкүү көрүҥнэрин билэр.
Музыкальнай искусство жанрдарынан үҥкүү, ырыа, марш буолаллар диэн араарар. Ритм,
динамика, тиэмпэ, тембр, регистр музыка сүрүн ньымалара диэн билэр, араарар, быһаарар.
Республикаҕа, улуустарга аатырбыт саха композитордарын, мелодистарын, норуот
ырыаһыттарын, мелодистар А. Новгородов, Н. Бойхолов, З. Винокуров, Ф. Корнилов, К.
Пахомова, Д. Данилов, В. Ноев, Г. Слепцов, Игн. Слепцов, О. Иванова - Сидоркевич ырыаларын
билсэр. Г. Григорян, Д. Салиман - Владимиров, М Жирков, П. Иванова, К. Герасимов, В.
Ксенофонтов, улуу композитордар Шуберт, Шуман, Бетховен, П.И. Чайковскай, Д.И.
Шостакович, М. Глинка айымньыларын билсэр.
Оһуохай арааһын (Бүлүүлүү, Аммалыы, Өлүөхүмэлии, сээдьэ) арааһын билэр. Олоҥхо,
тойук туһунан бастакы өйдөбүлү ылар.
Музыканан хамсанар сатабыла
Музыка тэтимин, уратытын истэн хамсанар (хаамар, үҥкүүлүүр, сүүрэр). 2-3 чаастаах
музыканы арааран истэн сөпкө хамсанар. Музыкальнай айымньыга сөп түбэһиннэрэн айан
хамсанар. Кыыл, көтөр хамсаныытын үтүктэн, саха үҥкүүтүн хамсаныыларын туһанан
үҥкүүлүүр, хамсанар. Араас түгэни имигэс хамсаныынан көрдөрөр. Киһи араас туругун

сирэйинэн, илиитинэн хамсанан, туттан - хаптан көрдөрөр, быһаарар. Музыка, үҥкүү ис
хоһоонун хамсаныы көмөтүнэн тириэрдэр. Айылҕа көстүүлэриттэн, олохтон-дьаһахтан
ылыллыбыт хамсаныылары үҥкүүтүгэр туттар. Кыыл - көтөр хамсаныытын үтүктэр,
дьүһүннээн көрдөрөр. Үҥкүүнү умсугуйан, иэйиилээхтик толорор. Сиэр-туом үҥкүүлэрин ис
хоһоонун өйдүүр, үҥкүүлүүр. Оһуохай арааһын билэр, үҥкүүлүү үөрэнэр.
Оҕо айылҕа көстүүтүн, өбүгэтин олоҕун - дьаһаҕын, үлэтин -хамнаһын, кыылы - сүөлү,
көтөрү - сүүрэри саха үҥкүүтүн маннык сүрүн хамсаныыларынан ойуулаан көрдөрөрү
сатыыр: хомус тардыы, ынах ыаһын, кымыс ытыйааһын, булчут хаамыыта, дьиэрэҥкэй,
сүгүрүйүү, атах тэпсиитэ, туора хааман өгдөҥнөөһүн, кулун куллуруһуу, дэйбиирдээх хаамыы,
сулустуу хаамыы, чороонноох хаамыы, ойон атах тэпсии, оһуохай хаамыыта.
Музыканы истэр сатабыла
Музыканы болҕойон, кэрэхсээн истэр, ырыаны, музыкальнай айымньы матыыбыттан билэ
үөрэнэр, ырыа ис хоһоонун өйдөөн истэр. Музыкальнай айымньы киириитэ, бүтүүтэ диэн
араарар. Музыкальнай айымньы бүтүөр дылы интэриэһиргээн истэр, иэйиитин - санаатын
өйдүүр, образтарын уустаан-ураннаан кэпсиир. Музыкальнай айымньыны арааран билэр.
Музыкальнай инструмент арааһын билсэр. Тыллаах, охсон оонньонор, тыастаах,
чаачардаах, тарбаҕынан оонньонор тимир хомус, икки тыллаах хомус, мас хомус, дүҥүр,
күпсүүр, кырыымпа, скрипка, виолончель, таҥсыр, кылыһах, балалайка, домбра, гитара,
барабан, табык, металлофон, бубен, дьаҕа, хобо, румба, маракас, погремушка диэн араарар.
Музыкальнай инструмент ис тутулун (тыла, струна, хобото), тугунан оонньонорун
(чаачарынан, медиаторынан) билэр. Хомуска дьүһүйүүнү өйдүү үөрэнэр.
Оҕо музыкальнай айымньыны истэн дуоһуйууну ылар. Композитор уонна айымньы аатын
арааран билэр.
Маннык композитордар айымньыларын истэр
Кыра бөлөх
"Биһик ырыата" норуот матыыба тыллара; "Ардах" К.Пахомова мел. М.Ефимов тыл. (хомус.);
"Чыычаах оҕото" Д.Данилов мел., Туйаарыскай тыл. (хомус.); "Куобахчаан" П.Одорусов тыл.
(тойук.); "Куобахчааннар ырыалара" Н.Бубякин мел.; "Чооруос" К.Пахомова мел., А.Бродников
тыл.; "Күүтүүлээх киэһэ" К.Пахомова мел., О.Эврестова тыл.; "Таежные тропы" циклтан
Н.Берестов муз.; "Маҥан хаар" Т.Дьяконова мел., тыл.; "Чыычаах" (хомус.); "Чооруос"
Н.Бойхолов муз., Абаҕыыныскай тыл.; "Таммахтар" А.Алексеев мел., В.Дедюкин тыл.;
"Куукалка" Д.Данилов мел.; "Ньургуһуннар" Г.Дьяконов мел., А.Кондратьев тыл.; "Кэҕэ" (хомус); "Сайын" Г.Григорян муз., С.Васильев тыл.; "Күөрэгэй" Д.Салиман - Владимиров муз.,
Н.Александров тыл.
Орто бөлөх
"Биһик ырыата" В.Ксенофонтов мел., Руфов тыл.; "Кыталык" нор.мат. (хомус); "Бүлүү"
нор.мат.; "Мичээрдэр" Г.Слепцов мел., И.Брызгалов тыл.; "Күһүн" Н.Тимофеев (тойук); "Саха
үҥкүүтэ" А.Алексеев мел., С.Данилов тыл.; "Булчут аргыһа" (алгыс-тойук); "Булчут ырыата"
М.Жирков муз.; "Хаар кыырпахтара" — 8 № «Эбэ», 11№, П.Иванова (фортепьяно);
"Оленегорскай сээдьэтэ" О.Иванова мел., Ст.Дадаскинов тыл.; "Табалар үҥкүүлэрэ" Р.Борисов
(баян); Н.Берестов "Таежные тропы" циклтан (ф-но.); "Кыысчааммар" В.Ноев мел., тыл.; "Саас"
Н.Берестов мел., И.Тимофеев тыл.; "Ийэ барахсан" Абаҕыыныскай тыл.; «Ньургун Боотур»
операттан "Сорук Боллур ырыата", "Кыыс Кыскыйдаан ырыата", М.Жирков. Г.Литинскай;

"Дьиэрэҥкэй" Г.Слепцов мел.; "Таптыаҕыҥ ийэни" О.Иванова мел., Эллэй тыл.; "Оһуокай"
М.Егорова тол.; "Үчүгэйиэн сааскы киэһэ" "Сааскы санаа" И.Слепцов мел.,тыл.; "Киирэр тахсар
саһарҕалар" З.Степанов муз., И.Гоголев тыл.; "Күөрэгэй" Иг.Слепцов мел., тыл.; "Сайыҥҥы
сарсыарда" П.Оготоев (хомус); "Сайын" нор. мат. (хомус).
Улахан бөлөх
"Барабыай" В.Ноев мел.; "Күөх сайын барахсан" В.Ноев мел.; "Бүлүү" (Е.Захарова тол.,н.м.);
"Оһуокай" н.т.; "Сылгыһыт" В.Кац муз., И.Тимофеев тыл.; "Булчут ырыата" Г.Комраков муз.,
М.Тимофеев тыл.; "Тайҕаҕа" Г.Комаров муз. (Ф-но); "Манчаары" О.Иванов мел., Т.Сметанин
тыл.; "Алтынньы" П.Одорусов тыл (тойук); "Байанай алгыһа" (алгыс-тойук) З.Данилов
толоруутугар; "Кыһын тыаҕа" (хомус), "Танец оленя", "Танец охотников" В.Кац (ф-но); "Кыһын"
С.Данилов тыл. (тойук), З.Данилова тол.; "Хаппытыан" Х.Максимов мел. П.Тоборуокап тыл.;
"Өндөрүүскэ тиэтэйбэт" Х.Максимов мел.; "Таптыаҕыҥ ийэни" О.Иванова мел. Эллэй тыл.;
"Аммам, иһит ыллыыр ырыабын" О.Иванова мел.; "Сайын" (н.м.т.), "Чороон" (В.И.А.); "Таҥалай
ырыата" (н.м.т. У.Нохсоров тол.); "Кыракый кыысчааммар" В.Ноев мел., тыл.; "Күөрэгэйдиин
көрсүһүү" В.Ноев мел., тыл.; "Сааскы ырыа" В.Ксенофонтов муз., М.Николаева тол.;
"Кэҕэ","Күөрэгэй" (хомус) П.Оготоев тол.; "Сайын" (тойук) Эверстова-Обутова тыл.
Бэлэмнэнии бөлөх
"Марш", "Вальс" (ф-но) Г.Комраков; "Сарсын, сарсын сарсыарда" (тойук) С.Зверев; "Попурри"
сах.нар. ырыаларга Л.Муркин тол. (хомус); "Танец охотников" В.Кац (ф-но); "Балыксыт алгыһа"
(алгыс тойук); "Күһүн" (хомус); "Кыталыктар үҥкүүлэрэ" (индонезийскай варган) П.Алексеев
тол.; "Кыһыҥҥы күн" (хомус); "Оленегорскай сээдьэтэ" О.Иванова мел., Ст.Дадаскинов тыл.;
"Айыы Умсуур удаҕан ырыата", "Туйаарыма Куо" (тойук, М.Канаева тол.); "Көрдөөх
чабырҕахтар" О.Егоров тол.; "Чабырҕахтар араастара" (Ст.Ник.Николаев тол.); "Сахам сирэ
барахсан" Г.Григорян мел., И.Гоголев тыл.; "Саха сирэ" С.Владимиров муз.; "Мин дойдум"
А.Егоров мел., С.Данилов тыл.; "Таммахтар" Х.Максимов мел.; "Сааскы санаалар" С.Шишигин
(Аммалыы, Бүлүү, Өлүөхүмэлии оһуокай) У.Нохсоров тол.; "Сээдьэ", "Айылҕа уһуктуута" (хомус);
"Киэһээҥҥи ырыа" М.Жирков (саха инстр.анс.тол.сал. Н.Стручков); "Ыһыахха ыҥырыы"
Вл.Ксенофонтов.
Ыллыыр сатабыла
Холкутук, унаарыччы, намыыннык, биир тэҥҥэ ыллыы үөрэнэр. Ырыа тылын чуолкайдык
саҥарар, музыкальнай фраза икки ардыгар сөпкө тыын ылар, фразаны сымнаҕастык,
холкутук бүтэрэр. Ырыа матыыбын, тэтимин сөпкө тутуһан, чуолкайдык, намыыннык,
чэпчэкитик ыллыыр, кэмигэр салгыыр, бүтэрэр. Ырыа ритмин, тэтимин истэн, өйдөөн, атын
киһини кытта дьүөрэлээн ыллыыр, киирии чааһын, хос ырыатын, бүтүүтүн матыыбын билэр,
матыыба, доҕуһуола диэн араарар. Дэгэрэҥ, дьиэрэтии, таҥалай ырыалар көрүҥнэрин
араарар.
Оҕо ырыа аатын, тылын уонна музыкатын авторын билэр, ааттыыр. Маннык ырыалары
сатаан ыллыыр.
Кыра бөлөх
"Ардахчаан" Бурнашева мел.,тыл.; "Чыычаах" К.Пахомова мел., Г.Протодьяконов тыл.;
"Маҥан куобах" К.Пахомова мел., А.Владимиров тыл.; "Чооруос" К.Пахомова мел.,
А.Владимиров тыл.; "Чоппуускалар" К.Пахомова мел., А.Бродников тыл.; "Топ-топ хаамабын"
А.Новгородов мел., П.Одорусов тыл.; "Детсад оҕолоро" Н.Бойлохов мел., Күннүк Уурастыырап
тыл.; "Саас буолаҕа" н.м.,т. "Мин бэйэм" К.Пахомова мел., П.Тоборуокап тыл.; "Туллуктар"
З.Винокуров муз., Данилов тыл.; "Хаачыал-маачыал" К.Пахомова мел., К.Сосин тыл.

Орто бөлөх
"Тугун бэрдэй кэрэтэй" нор. матыыба.; "Ыаҕайабын ыламмын" Т.Дьяконова мел., Г.Иванова
тыл.; "Куобах" В.Ксенофонтов мел., И.Алексеев тыл.; "Куобахчааннар ырыалара" Н.Бубякин
мел., Г.Данилов тыл.; "Таба" Ф.Корнилов муз.; "Кыһыҥҥы ырыа" К.Пахомова мел., Чаҕылҕан
тыл.; "Хаар кыыспыт" Д.Данилов мел., тыл.; "Маҥан хаар" Т.Дьяконова мел., тыл.; "Мин бэйэм"
К.Пахомова мел., П.Тобуруокап тыл.; "Көрдөөх ырыа дьиэрэйэр" Романова муз. "Ат миинэн"
К.Пахомова мел., Т.Сметанин тыл.; "Баҕа санаа" Константинов мел., тыл.; "Күөрэгэй"
Кобельянов мел., И.Алексеев тыл.; "Оонньуур көлөлөр" В.Егоров мел., Сомоҕотто тыл.; "Кымыс
ырыата" нор.мат.; "Лыах" В.Петров мел., В.Тарабукин тыл.
Улахан бөлөх
"Үлэһит оҕолор" Е.Лукинова мел.; "Моряк буолуом" В.Егоров мел., Е.Тимофеева тыл.;
"Оҕуруонан оһуордуубут" н.м.; "Тугун бэрдэй кэрэтэй" н.м. Н.Сергеев тыл.; "Хайыһарым" н.м.,
Т.Семенов тыл.; "Булчут ырыата" М.Жирков муз., "Чаҕылҕан" тыл.; "Төгүрүкчээн мээчигим"
К.Пахомова мел., А.Николаев тыл.; "Күүтүүлэээх киэһэ" К.Пахомова мел., Э.Обутова тыл.;
"Саҥа дьылбыт кэлиитэ" Новгородов мел.; "Кыһын тоҕо буоларый?" Н.Бойхолов мел.;
"Хаарынан оонньуубут" З.Винокуров мел., Абаҕыыныскай тыл. "Мин летчик буолум"
Х.Максимов мел.; "Үрүмэччи" Н.Бойхолов мел.; "Тотоша" В.Егоров мел., П.Одорусов тыл.; "Ийэ
барахсан" Новгородов мел., П.Тобуруокап тыл.; "Сааскы ырыа" З.Винокуров мел.
Абаҕыыныскай тыл.; "Чороон" К.Пахомова мел., Г.Иванова тыл.; "Оҕо сааһым" И.Сивцев мел.,
С.Данилов тыл.; "Үөрэнэ барабыт" Н.Бойхолов мел., И.Артамонов тыл.; "Алааска" К.Пахомова
мел. С.Тимофеев тыл.
Бэлэмнэнии бөлөх
"Көмүс түгэн" А.Егоров мел., С.Данилов тыл.; "Кыталык" н.м.т.; "Ыаҕайа" Е.Лукинова мел.,
Ороһуунускай тыл.; "Дорообо тугутчаан" В.Парников мел., Едукин тыл.; "Кыһын тоҕо
буоларый? " З.Степанов муз., П.Одорусов тыл.; "Сарсыарда" н.м., т.; «Ньургуһуннар»
Т.Дьяконова мел.; "Үчүгэй" К.Пахомова мел., Дмитриев тыл.; "Хатыы" В.Парников мел.,
П.Тобуруокап тыл.; "Куукалка" Д.Данилов мел.; "Дыргыл сыттаах дьэдьэним" В.Егоров мел.,
Петров тыл.; "Хомус тыаһын истиим, да" К.Пахомова мел., В.Ксенофонтов тыл.; "Сибэкки"
К.Пахомова мел., В.Петрова тыл.
Саха фольклора
Фольклор көрүҥнэрин (остуоруйа, таабырын, өс хоһооно, чабырҕах, оһуокай, тойук,
олоҥхо) туһунан өйдөбүлү ылар, сэргии үөрэнэр, сөбүлээн истэр, дуоһуйар. Фольклору
көрүҥнэринэн арааран билэр, остуоруйалары, таабырыннары, чабырҕахтары, өс
хоһооннорун билэр, сатаан кэпсиир, толорор. Айымньы ис хоһоонун ойуулаан - дьүһүннээн
көрдөрөр, геройдарын үтүө өрүттэрин холобур оҥостор, түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн
саҥатыгар, кэпсээнигэр туһанар.
Остуоруйа
Остуоруйа норуот бэйэтин баҕатын, эрэлин, олоҕун-дьаһаҕын туһунан этэр, кэрэхсээн
истиллэр дьикти - дьиибэ фантастическай кэпсээн диэн өйдүүр. Араас омук остуоруйаларын
арааран билэр.
Саха остуоруйата үс бөлөххө (хамсыыр - харамай, олох - дьаһах туһунан, алыптаах двиктилээх) арахсар диэн билэр.
Оҕо бөлөхтөрүнэн (кыра, улахан) маннык остуоруйалары истэр, билэр, сатаан кэпсиир.

Кыра, орто бөлөх
"Куобах", "Тураах хара дьүһүннэммитэ", "Саһыл эһэлиин", "Кутуйахтаах тайах", "Куоҕас суор
икки", "Кыһын уһаабытын, сайын кылгаабытын туһунан", "Күтэр, чыычаах икки", "Саһылы кытта
сыалыһар", "Холлоҕос уонна дүлүҥ", "Кэччэгэй балыксыт", "Куобах туһунан остуоруйа".
Улахан, бэлэмнэнии бөлөх
"Өҥөй бөтүүк", "Кырынаас кутуругун төбөтө хара буолбута", "Дьэрэкээн оҕолор", "Чыычаах
икки моҕус икки", "Чөркөй икки хаххан икки", "Чурум - Чурумчуку", "Таал - Таал эмээхсин",
"Сылгы баһын саҕа көмүһү туппут оҕонньор", "Дыбык кылыыһыт".
Өс хоһооно
Олох - дьаһах, быһыы - майгы туһунан түмүктэммит өйү - санааны аҕыйах тылынан
дьүһүннээн этии өс хоһооно дэнэр диэн өйдүүр. Доҕордоһуу, майгы-сигили туһунан уонна
сүбэ-ама суолталаах маннык өс хоһооннорун билэр, ис хоһоонун өйдөөн, тоҕоостоох
кэмигэр түбэһиннэрэн, оҕолору, улахан дьону кытта сыһыаныгар, бодоруһуутугар туһанар.
Кыра, орто бөлөх
Доҕордоһуу туһунан
«Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар», «Атас туһугар атах тостор», «Киһи кэпсэтэн, сылгы
кистэһэн, ынах маҥыраһан билсэр», «Эйэҕэс киһи элбэх доҕордоох», «Элбэх бырааттыылартан эһэ да куттанар».
Майгы - силги туһунан
«Үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах», «Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх», «Күлэр
икки ытыыр икки аҕыс балыс», «Куттаҕас бэйэтин күлүгүттэн куттанар», «Тот тоҥуй, аччык
амарах», «Аҕыйах тыл минньигэс, үгүс тыл сымсах», «Аҕал диэтэххэ антах хайыһар, ыл
диэтэххэ ымах гынар, кулу диэтэххэ курус гынар», «Тимир тириитин кэппит», «Биэрэрин бэскэ
ыйаабыт, уурарын умнан кэбиспит», «Көҕөн көттөҕүнэ көппөх өрүкүйэр», «Үрдэ үүс бэргэһэ,
анна адьыр уу», «Этиллибит иһиллибэккэ буолбат», «Иһигэр былас муостаах киирбит»,
«Эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийбит», «Сүбэ - ама суолталаах», «Биир бэйэҥ биэс буолуоҥ суоҕа»,
«Кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин ыл», «Киһи киэнигэр баҕарыма, бэйэҥ киэҥҥиттэн
матыаҥ», «Куһаҕаннаах үчүгэй куустуспутунан сылдьаллар», «Оннооҕор от - мас үрдүктээх
намыһахтаах», «Сүөһү күрүөлээҕэ, киһи төбөлөөҕө үчүгэй», «Тумсугун дулҕаҕа соттума»,
«Хантайан туран силлээмэ, хараххар түһүө», «Күрүө намыһаҕынан көтүллэр», «Тиэтэйбит
сыарҕа сыыр анныгар хаалар, тиэтэйбэтэх сыыр үрдүгэр тахсар», «Ыстаабыккын эрэнимэ,
ыйыстыбыккын эрэн», «Токко сыа да сымсах, ааска уу да минньигэс».
Таабырын
Таабырын диэн тугу эмэни атын көстүүнэн сыһыаннаан таайтарар кыра айымньы ааттанар
диэн өйдүүр. Холоон, сабаҕалаан, туохха сыһыаннааҕын быһаарар, таайыытын тобулар.
Иллэҥ кэмҥэ, анал дьарыкка, дьоро киэһэлэргэ таабырын таайсан булугас өйүн, хомоҕой
тылын эрчийэр, сайыннарар.
Маннык сыһыаннаах таабырыннары үөрэтэр, таайыыларын билэр.
Кыра, орто бөлөх
- Дьиэ уот, мал-сал: дьиэ, дьиэ мала, остуол, олоппос, күлүүс, чаһы, сылабаар, сиппиир.
- Дьиэ кыыллара: куоска, ыт, сибинньэ, ат, оҕус.
- Хамсыыр - харамай, кыыллар: эһэ, бөрө, кус, туруга, күөрэгэй, хараҥаччы, сылгы чыычааҕа, чооруос, туллук, элиэ, тураах.

- От-мас, үүнээйи: тыа, харыйа, бэс, хатыҥ, сэбирдэх, тэтиҥ, тиит мас, талах, тиит лабаата,
мутук, тэллэй.
Улахан, бэлэмнэнии бөлөх
- Айылҕа көстүүлэрэ: күн, ый, халлаан, сир, былыт, ардах, хаар, тыал, чаҕылхан, этиҥ.
- Кыыллар: эһэ, бөрө, саһыл, тайах, таба, кырынас, киис.
- Хамсыыр-харамай (үөн-көйүүр, уу харамайа): кымырдаҕас, хомурдуос, аһыҥа, лыах,
тоноҕосчут, кумаар, сахсырҕа, тигээйи, тойон ыҥырыа, күлүмэн, ооҕуй оҕус, чиэрбэ, таракаан,
баҕа, балык, сордоҥ, собо.
- Киһи, киһи миэстэлэрэ: киһи, төбө, баттах, харах, мурун, кулгаах, айах, тиис, тыл, илии,
тарбах, тыҥырах, ытыс.
- Сэп-сэбиргэл: саа, буулдьа, атырдьах, хотуур, кыраабыл, сиэрпэ, суха, муҥха, тыы, чааркаан, сохсо, кыптыый, быһах, сүгэ, эрбии.
- Таҥас - сап, иистэнэр тэрил: иннэ, сап, сүүтүк, тимэх, үтүлүк, бэргэһэ.
- Үөрэх, наука, техника: кинигэ, сурук, харандаас, радио, телевизор, трактор, борохуот, аал,
электростанция, электричество, самолет.
Чабырҕах
Чабырҕах саха норуотун тылынан айымньытын саамай сытыы сатирическай формата диэн
өйдөбүлү ылар. Чабырҕах лабырҕаччы, түргэнник этиллэр, араастаан туттан-хаптан ис
хоһоонун бэриллэр диэн билэр. Биэс сааһыттан маннык чабырҕахтары билсэр, этэргэ
үөрэнэр, холонор:
Улахан, бэлэмнэнии бөлөх
"Этиһиик хобуоччу кыргыттар"; "Тыллаах буолар чабырҕах"; "Куһаҕан уол туһунан"
(В.Еремеев); "Оҕус саҕа буолуоҕун... " (П.Тоборуокап); "Чыыбы-чаабы чыычаах" (Г.Иванова);
"Ахсаан чабырҕах" (Е.Местникова); "Чабырҕахтар" (Е.Местникова); "Анды сымыыта"
(Т.Наумовскай); "Сылгы чабырҕаҕа" (Г.Никулин); "Атах туһунан" (Е.Местникова); "Төбө"
(Г.Иванова); "Үөн чабырҕаҕа" (Г.Никулин); "Ат", "Детсад олоҕуттан", "Аана алаадьыта"
(П.Тоборуокап); "Туруйа сымыыта" (П.Степанов); "Чыычаах оҕото", "Кыһын" (Е.Местникова);
"Күһүн", "Сааскы түптэ", "Былыргы чабырҕахтар" (С.Зверев); "Ахсаан чабырҕах" (Е.Мартынов).
Оһуокай
Оһуокай үҥкүү, ырыа, поэзия холбоспут фольклор сүрүн көрүҥэ буолар диэн өйдөбүлү
ылар. Оһуокай арааһын көрөн, истэн билэр. Кыра орто бөлөх оҕото оһуокай хаамыытын
толорорго, улахан, бэлэмнэнии бөлөх оҕото оһуокай тылын үтүктэн ыллыырга, оһуокайы
таһаарарга үөрэнэр, холонор.
Тойук
Тойук - норуот ырыата, дьиэ-буо диэнинэн саҕалаан дьиэрэтии уонна дэгэрэҥ
мелодиятынан толоруллар диэн өйдөбүлү ылар. Саха киһитэ төрөөбүт дойдутун кэрэтин, бардьонун мааны майгытын уруйдаан, айхаллаан хоһуйан туойар, алгыһын этэр диэн билэр,
олоҥхоттон уратытын араарар. Сэргээн истэргэ үөрэнэр, туойарга холонор.
Олоҥхо
Саха норуотун уус-уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала - олоҥхо, эпическай
айымньы диэн өйдөбүлү ылар. Бухатыыр модун обраһын, таҥаһын - сабын, сэбин-сэбиргэлин,
сырыытын - айанын, күүһүн - уоҕун, айыы санаатын сэргиир, сөҕөр-махтайар. Айыы

бухатыырын уона абааһы бухатыырын уратыларын арааран өйдүүр, быһаарар, сүрүн
геройдарын аатын билэр, бэйэтин сыһыанын ойуулаан - мындырдаан көрдөрөр, тылын
хоһуйар.
Улахан, бэлэмнэнии бөлөх оҕото маннык олоҥхолору кытта билсэр: С.Васильев, "Эрчимэн
Бэргэн", "Быыра Баадьай", П. Ойуунускай "Дьулуруйар Ньургун Боотур".

4.2. ОҔО КЭРЭНИ ӨЙДҮҮР ДЬОҔУРУН САЙЫННАРАР ООННЬУУЛАР
Мин олоҥхоттон кэллим
Оонньуу сайыннарар кыаҕа. Бу театрдаах оонньуу нөҥүө оҕо өйгө тутар дьоҕурун, билиэнкөрүөн баҕатын уонна тылын-өһүн сайыннарыахха сөп. Сэмэй, кыбыстанньаҥ оҕолор
бэйэлэрин кыахтарын сайыннаралларыгар улахан көмө буолуон сөп.
Ааптара: Михайлова Дария Дмитриевна, Чурапчы улууһун Одьулууннааҕы «Күнчээн» оҕо
уһуйаанын фольклор куруһуогун салайааччыта.
Сыала: Олоҥхоҕо интэриэһи үөскэтии, уустаан-ураннаан, куолаһы уларытан олоҥхо
дьоруойун уобараһын биэрэргэ эрчийии.
Анала: 4-тэн үөһэ саастаах оҕолорго.
Туттуллар тэрилэ: Сирэй көстөр хайаҕастаах тантомареска — 120 см үрдүктээх, 60 см
туоралаах. Олоҥхо дьоруойдарынан уруһуйдаммыт, атахха тypap көнө муннук.
Оонньуу барыыта: оҕо талбыт олоҥхотун дьоруойун тантомарескатыгар сирэйин көрдөрөр
уонна уобараһы толорор.
2-с көрүҥэ: икки оҕо тантомарескаҕа киирэн, утарыта туран уобарастарын оруолун
толороллор.
«Күөнэ көҕөччөр аттаах күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр» тарбах театра
Оонньуу сайыннарар кыаҕа: Тарбахха кэтиллэр оонньуурдар театрализваннай уонна
режиссерскай оонньууга туттарга олус табыгастаах. Бу оонньуурунан оҕону кыра сааһыттан
оонньотуохха сөп. Ол курдук төрөппүт тарбах куукулаларын туһанан, оҕотун тылын-өһүн,
иэйиитин сайыннарарыгар кыах биэрэр. Онтон оҕо 3 сааһыттан бу куукулалары бэйэтэ
кыайан кэтэр буоллаҕына, тарбахтарын былчыҥнарын эрчийэр, олоҥхону бэйэтэ кэпсиир
кыахтаннаҕына, тылын-өһүн да, айар дьоҕурун да таһымын үрдэтэр кыахтанар.
Ааптара: Александрова Н.П., Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай оскуолаларын
чинчийэр институт научнай сотруднига.
Анала: 3-тан үөһэ саастаах оҕолорго.
Быһаарыыта: Бу тарбах театрын персонажтарын сымнаҕас араас өҥнөөх таҥастан
тигиллэр. Үрдүгэ – 5-8 см.
Олоҥхо үс дойдута
Оонньуу сайыннарар кыаҕа. Бу оонньууга оҕо билиитин-көрүүтүн кэҥэтиэ, айар дьоҕурун,
тылын-өһүн, тарбахтарын былчыҥнарын сайыннарыа.
Ааптардара: Сунтаар улууһун Кутанатааҕы «Мичээр» оҕо уһуйаанын иитээччилэрэ.
Сыала: Олоҥхо үс дойдутун уратытын кырааска нөҥүө ойуулуур-дьүһүннүүр дьоҕуру
сайыннарыы, олоҥхо дойдуларын туhунан билиилэрин чиҥэтии.

Анала: 5-7 саастаах оҕолорго.
Туттуллар матырыйаал: А4 аҥарыгар олоҥхо дойдуларын уруhуйдара (эскизтэр): Үөһээ
дойду – халлаан куйаара, былыттар, сулустар, Үрүҥ Айыылар; Орто дойду – сир араҥата,
айылҕа, үүнээйилэр, кыыллар, үөн көйүүр, көтөрдөр; Аллараа дойду – сир аллараа
араҥата.Акварель, цветной харандаас.
Оонньуу хаамыта:3-6 оҕону оонньотуллар. Иитээччи:«Оҕолоор, билигин биhиги олоҥхо
абылаҥнаах дойдутугар айанныахпыт. Бу илиистэртэн биирдиини талан ылабыт уонна ким
ханнык дойдуга айаннаан тиийбитин кырааскалаан ситэрэн биэрэбит».
Бухатыыр ата
Оонньуу сайыннарар кыаҕа. «Бухатыыр ата» оонньуу оҕо билиитин-көрүүтүн кэҥэтэр,
болҕомтолоохтук истэр, сатаан былаанныыр, хонтуруолланар, дьону-сэргэни кытта
бодоруһар, кэпсэтэр кыахтарын сайыннарарга иитээччигэ, төрөппүккэ көмө буолуон сөп.
Ааптардара: Сунтаар улууһун Кутанатааҕы «Мичээр» оҕо уһуйаанын иитээччилэрэ.
Сыала: Ат сэбин - сэбиргэлин билиhиннэрии, бухатыыр ата сылгыттан уратытын чиҥэтии.
Тыл саппааhын байытыы.
Анала: 5-7 саастаах оҕолорго.
Туттуллар матырыйаал: Сиэдэрэй киэргэллээх бухатыыр атын тестопластикаттан макыата,
эбэтэр хаартыската, ат тэрилэ, ат сэбин - сэбиргэлин көрдөрөр уруhуйдаммыт карточкалар.
Оонньуу быраабылата: 6-7 оҕо ооньуур. Оҕолор карточканан ат сэбин-сэбиргэлин
ааттыыллар, оччоҕуна макыат акка кэтэрдэн иhэбит. (үүн, көнтөс, ыҥыыр, тэhиин, чаппараак,
бото – ыҥыыр анныгар угуллар, кычым, сыма- тирии мөһөөччүк, сулар, иҥэhэ, дэйбиир,
кымньыы).
Боотур кура
Оонньуур сайыннарар кыаҕа. Оонньуу оҕо билитин-көрүүтүн кэҥэтэр, айар дьоҕурун,
тарбах былчыҥнарын, оҕо өйүгэр оҥорор дьайыыларын (сатаан тэҥниир, араарар, сүрүнүн
булар о.д.а.), тылын-өһүн сайыннарарга улахан көмө буолуон сөп.
Ааптара: Монастырева Дария Васильевна, Чурапчы сэл. «Мичил» оҕо сайдар киинин саадын иитээччитэ.
Дьарык көрүҥэ: оонньуу-ситуация
Дьарык тиибэ: Эйгэлэр алтыһыылара: билии-көрүү, бодоруһуу, сэрэхтээх буолуу, айар
оҥорор үлэ, музыка.
Сыала: Олонхо сүрүн геройун өйдөбүлүн биэрии, интэриэһи үөскэтии.
Оҕо Боотур курун тутан-хабан, урукку билиитин туһанан, айан оҥорон таһаарар баҕатын
үөскэтии.
Ньымалара: эйгэ тэрийии, сэһэргэһии, көрдөрүү, түгэн тэрийии, оонньуу, хайҕааьын,
сэҥээрии
Туттар тэрил: кур арааһын быыстапката, сарыы, кашемир таҥас, кыптыый, килиэй,
подставкалар, төбөҕө харысхал,
Тэрийии: Оҕолор оонньуу сылдьаллар. Иитээччи киирэр.
- Үтүө күнүнэн, оҕолоор! Туох сонун, туох кэпсээн?
(«Олонхо Ньургун Боотура» слайд көстөн кэлэр)
- Хайа, оҕолоор, бу кимнээҕий?
- Эһиги курдук кинилэр эмиэ оҕолор. (слайд көрө-көрө кэпсэтиини таһаарыы)
Ыйытыылар: - Хайдах таҥастаах уолаттарый? (таҥастарын көрүү)

- Саха уола төбөтүгэр тугу кэтэр эбитий? (бастыҥа)
Бастыҥа кэтэрдии.
- Саха уолаттара хайдах буолалларый? (күүстээх, сымса, быһый…)
- Онтон бу тугуй? Харысхал кинилэр күүстэрин, уохтарын көмүскүүр эбит. Ол иһин мин
эһиэхэ харысхал аҕаллым. Боотурдар курдук буола түстүгүт.
Оройугар харысхаллаах,
Быыппастар былчыннаах,
Көмүс курдаах
Саха Боотур уола.
- Өссө туоххут суоҕуй? (Курдара суоҕун бэйэлэринэн этитии).
- Төбөлөрүгэр харысхаллаах, курдаах эрэ буоллахтарына дьиҥнээх Боотур буолаллар эбит.
Мин эһигини уус кыһатыгар ыҥырабын.
Уус кыһатыгар киирии.
- Кур арааһа манна баар эбит. (Курдар тула кэпсэтиһии, көрдөрүү)
- Барыта сиппит, толору оҥоһуллубут курдар дуу?
- Мантан кур оҥостобут дуо? (кур талыы, туттар малларын булунуу)
Сорудах: талбыт кургутун ойуулаан – мандардаан биэриҥ.
(музыка тыаһыыр, оҕолор үлэлиилэр)
Сынньалаҥ (музыканан): «Боотур хамсаныылара».
Оҕолор үлэлэрэ. Иитээччи биирдиилээн чугаһаан, ханнык быһыылары наардаан куру
киэргэтэллэрин ыйыталаһар.
Курдарын бүтэрэн иилинэллэр.
Түмүк:
- Бүгүн тугу гынныбытый? Тугу сөбүлээтигит? Хайдах бириэмэбит ааста? (Үчүгэйдик,
эйэлээхтик, интэриэһинэйдик, туһалаахтык бириэмэбитин атаардыбыт).
- Миигин кытта бииргэ буолбуккутугар махтал.
ЭҺиги маннык таҥнан-симэнэн олоҥхо Боотура буоллугут. Алгыспын тиэрдэбин:
Алгыс: Буулаҕа мас курдук мускулун,
Үөт талах курдук эрилин,
Санныҥ үрдүгэр диэри
Саргы талааныҥ салаллыннын,
Өттүккэр диэри
Өрөгөй талааныҥ үрдээтин,
Туппуккун ыһыктыма,
Эппиккин энчирэтимэ.

Физическое развитие

Физическое развитие включает приобретение опыта в следующих видах
деятельности детей: двигательной, в том числе связанной с выполнением
упражнений, направленных на развитие таких физических качеств, как координация
и гибкость; способствующих правильному формированию опорно-двигательной
системы организма, развитию равновесия, координации движения, крупной и
мелкой моторики обеих рук, а также с правильным, не наносящем ущерба организму,
выполнением основных движений (ходьба, бег, мягкие прыжки, повороты в обе
стороны), формирование начальных представлений о некоторых видах спорта,
овладение подвижными играми с правилами; становление целенаправленности и
саморегуляции в двигательной сфере; становление ценностей здорового образа
жизни, овладение его элементарными нормами и правилами (в питании,
двигательном режиме, закаливании, при формировании полезных привычек и др.).

5.1. «ТОСХОЛ» БЫРАГЫРААМАҔА ОҔО ЭТИН-СИИНИН САЙЫННАРЫЫ
Оҕо кыраҕы, кытыгырыс, сылбырҕа, сымса, имигэс, бэйэтин кыанар, чэбдик туруктаах
буоларыгар хаамыы, сүүрүү, ыстаныы, ыттыы, сыыллыы, быраҕыы, хабыы курдук сүрүн
хамсаныылар, сарсыардааҥы эрчиллии, сахалыы хамсаныылаах, күрэхтэһиилээх
оонньуулар, араас анал эрчиллиилэр уонна күн, салгын, уу суолтатын өйдүүр, сыаналыыр,
сатаан хамсанарга, эрчиллэргэ дьулуһар, кыһаллар, үөрэнэр.
Хаамыы, сүүрүү
Атаҕын сөпкө, чэпчэкитик, көнөтүк, эрийэ - буруйа, төгүрүк тула, биир колоннанан, атаҕын
төбөтүнэн, тилэҕинэн, тобугун өрө көтөҕөн, уллуҥаҕын тас өртүнэн, ойоҕоһунан, киэҥник,
кыараҕастык хардыылаан, музыканан, хамаанданан тэтимин уларытан, атаҕын иннин диэки
быраҕан, кириэстии, көхсүнэн, тэпсэҥэлээн ыла-ыла, хараҕын симэн баран, чохчоохойдоон,
илиитин араастаан хамсата - хамсата, хаамарга-сүүрэргэ анал дьарыктаныыларга үөрэнэр.
Ону таһынан эттиктэр быыстарынан, эттиги атыллаан 30-35см үрдүктээх иҥнэри хаптаһын
устун: суон быанан, синньигэс ыскамыайка үрдүнэн (мээчиги төкүнүтэ-төкүнүтэ; төбөтүгэр
мөһөөччүк ууран баран; мэһэйи атыллаан; чохчойон ылан; эттиги уура -уура).
Ыстаныы
Ыстанарыгар турар балаһыанньатын билэр, атаҕын төбөтүнэн чэпчэкитик сиргэ ыстанан
оҕо 3 - 4 сааһыгар иннин диэки 2-3 м саҕырыйар.
Онтон 5 - 6 сааһыгар 5-6 м уһуну ойуоккалаан барар. Икки атахха туран эрэ өрө ыстанан
эргийэр. Биир сиргэ туран, атаҕын уларыта сылдьан ыстанар. Төгүрүктэн төгүрүккэ, эттик икки
ардынан, эттик тула, эттик үрдүнэн, уһун - кылгас ыскакаалканан соҕотоҕун, иккиэ буолан
ойуоккалыыр, ыстанан илиитинэн оонньууру таарыйар.
- 3-4 сааһыгар миэстэттэн 25 - 30 см, 4-5 сааһыгар - 40 - 50 см уһуну, 5-6 сааһыгар 60 - 80
см уһуну ыстанар. Сүүрэн кэлэн 100 см уһуну, 6-7 сааһыгар 100 - 120 см ыстанар.
Миэстэтиттэн 15 -20 см үрдүктээх быа нөҥүө ойор, сүүрэн кэлэн 40 см үрдүгү ойор. 5-10 см
үрдүктэн, 15-20 см үрдүктэн, 30 см үрдүктэн, 40 см үрдүктэн ыстанар.
- табатык тэбинэн үөһэ кыырайан ойору - ыстанары сатыыр. Ыраахтан сүүрэн кэлэн
ыстаныы техникатын сыысхала суох толорор.
Ыттыы
Туруору турар кирилиэскэ ыттар, түһэр араас көрүҥүн сатыыр: 3-4 сааһыгар 1,5 м
үрдүктээх кирилиэскэ ыттар, түһэр, кэккэлэһэ турар кирилиэскэ көһөр. 5-6 сааһыгар 2,5 м
үрдүктээх кирилиэскэ икки атаҕынан хардарыта, түргэнник, бытааннык, мэһэйи туораан
үөһээ ыттар, түһэр. Быа кирилиэскэ ытта үөрэнэр.
Сыыллыы
Сыылларыгар тобуктаан эттик тула, эттиктэр икки ардыларынан барар. Кэнники тобуктаан
сыыллыы араас көрүҥүн сатыыр: (ыскамыайка үрдүнэн тобуктаан, тоҥолохтоон, кэннинэн,
төбөтүнэн мээчиги анньа - аннва уо.д.а.).
Сиргэ умса, ыскамыайкаҕа сытан илиитинэн тардыһан сыыллары сатыыр. 50 см үрдүктээх
быа, мэһэй аннынан муостаны илиитинэн таарыйбакка төҥкөйөн араастаан тахсар. 35-50 см
уобуруччу иһинэн ааһар.

Быраҕыы, хабыы
Мээчиги уҥа - хаҥас илиитинэн кыыратан, аларааттан үөһээ, быа нөҥүө быраҕар, эттик
икки ардынан бэйэ - бэйэҕэ мээчиги алларааттан, кэтэхтэн таһааран, 1,5 м икки ардыгар
бырахсар, ытыһын таһынан быраҕан баран хабар. Мээчиги сиртэн тэйитэр, мээчиги хабар. 34 сааһыгар 4-5 төгүл субуруччу сиртэн тэйитэр. 5-6 сааһыгар мээчиги тэйитэ - тэйитэ 5-6 м
саҕырыйар. Туран эрэ уонна хаама сылдьан мээчиги уҥа - хаҥас илиитинэн солбуһуннара
үөһэттэн түһэр мээчиги хабар, 3-4 сааһыгар 2-2,5 м ыраах турар сыалы уҥа - хаҥас
илиитинэн таба быраҕар. 5-6 сааһыгар 6 м ыраахтан хамсыыр, хамсаабат сыалы таба
быраҕар.
Сахалыы хамсаныылар
Хомуска оонньооһун, ынах ыаһын, кымыс ытыйыыта, дьиэрэҥкэй, атах тэпсии, сүгүрүйүү,
оһуокай хаамыыта, кулун - куллуруһуу, аҥар атахха ойуу, тилэх тэпсии, чохчоохой, сүгүрүйүү
арааһа, атаралаан сүүрүү, оһуокай араас хаамыыта, ойон атах тэпсии, буурдааһын.
Иистэнии, тирии имитии, уһанар хамсаныылар, илими, муҥханы тардыы, хайыһарынан
сырылаан түһүү хамсаныылара. Сохсо иитии, от охсуу, мунньуу, уот оттуута, сап хатыыта,
эрийиитэ, кыыллар хаамыылара, булчут хайыһарынан хаамыыта.
Оҕоэтин-сиинин туругурдар тыыныы, харах, тарбах анал эрчиллиитин баһылыыр.
Сахалыы хамсаныылаах ооннъуулар холобурдара
"Иэс баайсыы", "Орой охсуһуу", "Биһилэх кутуу", "Бырыычыка", "Мохсуо", "Ат сүүрдүүтэ", ;
"Миэстэ былдьаһыыта", "Харах симсии", "Хаамыска", "Хабылык", "Салгыдый", "Тэлэрик", "Атах
тэпсиитэ", "Хайах хостооһуна".
Сахалыы курэхтэһиилээх ооннъуулар холобурдара
"Куобах","Кылыы","Ыстаҥа","Буурдааһын","Мас тардыһыыта","Мохсоҕоллоһуу".
5.2. ОҔО ЭТ-СИИНИН САЙЫННАРАР ООННЬУУЛАР
Олоҥхо хамсаныылара
Оонньуур сайыннарар кыаҕа. Бу оонньуу оҕону эт-хаан да өттүнэн, уйулҕатын да өттүнэн
сайыннарарга көмө буолуо. Ол курдук, оонньуу быраабылатын тутуһан, сатаан
хонтуруолланар, бэйэтин салайынар сатабылларын сайыннарар кыахтаах. Оҕо бэйэтин
сымсатык туттарыгар, дьулуурдаах буоларыгар көмөлөһүө.
Ааптара: Чехордуна Н.В, Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгин «Сардаана» уһуйаанын
методиһа.
Ис хоһооно: Олоҥхо хамсаныылара эрчиллиилэр физкультура дьарыгар, хамсаныылаах
сынньалаҥҥа, анал дьарык быһыытынан ыытыллыан сөп. Оҕоҕо тиийимтиэ, кэрэхсэнэр гына
олоҥхо олук тыллара эрчиллиигэ киирдилэр.
Хас биирдии эрчиллиигэ иитээччи олоҥхо олугун этэр, оҕо хатылыыр. Кэлин үөрэнэн
истэҕин аайы оҕо бэйэтэ этэ-этэ оҥорор буолар. Үөрэ-дьүөрэ ситимнэнэн иһиллэр буолан,
олоҥхо этиитин оҕо кэбэҕэстик өйдүүр, ис хоһоонуттан таһааран ылынар.
Эрчиллиилэр холкутук тыынан, ыксаабакка оҥоһуллаллар, оҕо сайдыытын көрөн
уустугурдан иһиэххэ сөп. Оҕо өйүн ууһугар дьүөрэлээн хамсаныылары бэйэтин кыаҕынан,
сөптөөх тиэмпэнэн оҥорор.

Оҕо олоҥхону чугастык ылыннын диэн хамсаныы анал сөрүөҕэ, эбэтэр тирии тэллэххэ
оҥоһуллара ордук.

Орто дойду айыллыыта
Оҕонньор барахсан
Уотун иннигэр
Уҥа атаҕынан
Оллоон кэбистэ,
Хоппо ытыһынан
Кулгаах баттанна
О.б. Сиһи көнөтүк туттан олоруу.
1-4 төбөнү эргитии;
5-8 төттөрү кэлии
1. Иннэ-кэннэ биллибэт
Киэҥ куйаар ортотугар
Биир кыракый
Таас оҕото
Төкүнүйэ-бөкүнүйэ
Сылдьыбыта үһү.
О.б. Сиһи көнөтүк тутуу.
1-4 икки илиинэн улахан төгүрүк оҥоруу;
5-8 төттөрү түһэрии
2. Ол таас,
Үрдүк айыылар ыйаахтарынан
Сараадыйа үллэн
Билиҥҥи киэбигэр
диэри улаатан
Сир шара буолбут.
О.б. (4-6 төгүл)
3. Ол сири
Ойоҕолоон тахсар
Уоттаах күн сылыппыт.

О.б. Тобукка олоруу
1-4 уҥаттан хаҥас иҥнэри түһүү;
5-8 төттөрү түһүү (4 төгүл)
4. Күрүлүү- харылыы сүүрдэр
Көҥүс үрэхтэр устубуттар.
О.б. Тобукка туруу,
тарбахтары холбоон долгун оҥоруу (4-6 төгүл)
5. Үлүскэннээх сүүрүктээх
Үтүө өрүстэр устубуттар.
О.б. Тобукка олоруу,
илиини быластаан
долгун оҥоруу (4-6 төгүл).
6. Ол кэннэ от-мас үүннүн диэн,
Баттаатахха маталдьыйбат
Хара буору томточчу куппуттар.
От-мас силис тардыбыт.
О.б. Илиини көнөтүк уунан умса сытыы.
Илиини-атаҕы тэҥҥэ чиккэтии (4-6 төгүл).
7. а) Адаархай лабаалаах
Тулларыттаҕас хатырыктаах
Тиит мастар үүммүттэр.
О.б.Илиини иннигэр көнөтүк уунан умса сытыы.
Илиини, тарбаҕы адаарытан туруу
Төттөрү түһэрии (2 төгүл).
б) Дэбигирэс-илибирэс сэбирдэхтээх
Тэтиҥ мастар киэргэппиттэр.
О.б.Илиини, тарбаҕы илибирэтэн туруу,
төттөрү түһэрии.(2 төгүл).
в) Имигэс иирэ талахтар
тулалаабыттар.
Хамныы-имнии турар
Хатыҥ мастар симээбиттэр.

О.б.Имиллэҥнээн туруу,
Илиини өрө уунуу (2 төгүл)
8. Хонуутугар хороҕор муостааҕы
Мунньубуттар.
Сыһыытыгар сыспай сиэллээҕи
Дэлэппиттэр.

О.б. Түөрт атах буолан туруу:
1. Уҥа илиини өрө көтөҕүү.
2. Хаҥас илиини өрө көтөҕүү.
3. Уҥа атаҕы кэннин диэки тэбии.
4.Хаҥаһынан оҥоруу. (4 төгүл)

9. Халлааныгар көтөр кынаттааҕы
Ыыппыттар.
Кыльдыылаах харахтаах,
Кырыылаах тумустаах,
Кырааскалаах атахтаах,
Кынталдьыйбыт быһыылаах
Кыталык кыыл.

О.б. Тобугу үөһэ тардан,
илиини имигэстик сапсынан хаамыы.
10. Ойууругар кыыл арааһын
олохтообуттар.

О.б. Ойуоккалааһын, сүүрүү (кыылы үтүктүү)

11. Ити курдук сиэдэрэй айылҕа анаан оҥорон,
Көхсүттэн тэһииннээх күн улууһун дьонун
Олохсуппуттара үһү.
О.б. Салгыны муннунан эҕирийии.
Салгыны айаҕынан эҕирийии.

Олоҥхо дойдутугар айан
Ааптара: Поисеева Надежда Николаевна, Чурапчы улууһун Хайахсыт нэһилиэгин
«Күнчээн» оҕо саадын иитээччитэ.
Анала: улахан бөлөх оҕолоругар.
Сыала: Оҕо толкуйдуур дьоҕурун, болҕомтотун сайыннарыы, тылын саппааһын байытыы.
Туттуллар тэрилэ: «Олоҥхо дойдутун устун айан» остуол оонньуутун хонуута, быраҕыллар
кубик, хаамар 3-4 бухатыыр.
Оонньуу барыыта: Оонньууга 3 эбэтэр 4 оҕо оонньуон сөп. Кубигы быраҕан, хас харах
түспүтүнэн талан, ылбыт бухатыырынан хаамар. Оонньуу хонуутугар саһархай, халлаан күөх,
кыһыл, хара уонна от күөх төгүрүктэр устун хаамаллар. Кыһылга – үөһэ тахсыы, саһархайга –
сынньаныы, халлаан күөххэ – эбии биир хаамыыны барыы, хараҕа – аллараа төннөн түһүү.
Ким урут Үрүн Уолан Туйаарыма Куону атыгар олордон иһэр ойуутугар тиийбит кыайар.
Оҕо араас дьүһүннээх төгүрүктэргэ кэллэҕинэ, иитээччи эппит олоҥхоҕо этиллэр
умнуллубут эбэтэр өйдөммөт тыллар суолталарын быһаарар.
Тыл суолтатын быһаарыы

Биэс ынахтаах Бэйбэрэкээн эмээхсин остуоруйанан
“Сонор” эккирэтиилээх оонньуу
Оонньуур сайыннарар кыаҕа. Бу хамсаныылаах оонньуу оҕону эт-хаан өттүнэн эрэ
сайыннарар буолбакка, кини оонньуу быраабылатын тутуһан, сатаан былаанныыр,
хонтуруолланар, бэйэтин салайынар сатабылларын, өйгө тутар дьоҕурдарын уонна тылын
сайыннарар. Оонньуу кыттааччылара бары оруоллаах, тыллаах буолан, сэмэй оҕолор
бэйэлэрин кыахтарын сайыннаралларыгар да көмө буолуон сөп.

Ааптар: Сыромятникова В.Н., Томпо улууһун Кириэс-Халдьаайытааҕы “Сырдыкчаана” оҕо
уһуйаанын иитээччитэ.
Сыала: Саха норуотун уус-уран айымньыларыттан ылыллыбыт тэттик хоһооннору уонна
сытыы өс хоһооннорун көмөтүнэн тулалыыр эйгэни, саха итэҕэлин, тыл суолтатын
өйдүүрүгэр үөрэтии.
Анала: 5-7 саастаах оҕолорго.
Тэрилэ: оонньонор хонуу – алаас, ортотугар – күөл, кэбиһиилээх от.
Дьоруойдар: 2 Бэйбэрикээн эмээхсин, 5 хороҕор муостаах.
Оонньуу барыыта: Сайыҥҥы сөрүүн киэһэҕэ ынахтар дьиэлэригэр кэлбиттэр.
Бэйбэрикээн эмээхсин алааска ынахтарын хомуйа барар.
Хаамыыны Бэйбэрикээн эмээхсин саҕалыыр:
Эҕэрдэлээх илин халлаан,
Уруйдаах маҥан халлаан,
Киирэн эрэр күн килбиэнэ
Үрүҥ былыт үөрдүстэ,
Хонор былыт холбосто,
Ынахтарбын хомуйа барыахха.
1 ынах:
Хаар көрбөтөх,
Кыһыны билбэтэх
Минньигэс сыттаах,
Кэрэ дьүһүннээх
Күөх сирэм чэчир
Минньигэс даҕаны.
2 ынах:
Аҕыс иилээх-саҕалаах
Атааннаах-мөҥүөннээх
Аан ийэ дойдубут
Самаан сайына кэрэтиэн.
3 ынах:
Маа-маалар маҥыраан,
Мээ-мээлэр мэҥирээн,
Хороҕор муостаахтар
Мэччийэ сылдьабыт.
4 ынах:
Бэйбэрикээн эмээхсин кэлэрэ буоллаҕа,
мин өссө да тото иликпин.
5ынах:
Чэ, оччоҕо куотуохха!
Хайдах ханна куотабыт?
(Ити курдук ынахтар оонньуур хонуу устун сыҕарыйаллар).
Бэйбэрикээн эмээхсин: Орто дойду хороҕор муостаахтара, үрүҥ илгэҕитинэн күндүлээҥ.
1 ынах: Оҕолорго үүт биэрээри мэччийэ сылдьабыт.
2 ынах: Бэйбэрикээн эмээхсин сытар ынаҕы туруорбат үтүө майгылаах. Тоҕо куотаҕыт?
3 ынах: Үтүө тыл баайдааҕар күндү.
4 ынах: Тылбын тыалга бырахпат киһибин. Син биир куотуом.

5 ынах: Дьүһүммүн көрөн сэнээмэҥ, мин эмиэ куотабын.
Бэйбэрикээн эмээхсин: Түптэ буруота унаарда, ынахтарым барахсаттар кэлиҥ.
1 ынах: Аччыгы аһатар, тоҥмуту ириэрэр, ыалдьыты маанылыыр иччибит барахсан
түптэтин буруота унаарда, барыаҕыҥ.
2 ынах: Баҕар, тимир тириитин кэппитэ буолуо.
3 ынах: Муора миэхэ тобукпунан, халлаан миэхэ хабарҕабынан. Кимтэн даҕаны
куттаммаппын.
4 ынах: Киһиргээҥҥин кирсиҥ быстаарай, кыһыл тылгынан оонньоомо.
5 ынах: Уутааҕар чуумпутук, оттооҕор намыһахтык сылдьыахха, баҕар көрүө суоҕа.
Дьэ, ити курдук ынахтар иччилэриттэн куота сатыыллар. Оонньуу бүтэһигэр хас сурааһын
аайы тиийбит ынах ылбыт бэлиэлэрин ааҕан, тэҥнээн кыайыылааҕы быһаараллар.
Оонньуу «Дьөһөгөй оҕолоро»
Оонньуу сайыннарар кыаҕа. Бу оонньуу оҕону эт-хаан да өттүнэн, уйулҕатын да өттүнэн
сайыннарарга көмө буолуо. Ол курдук, оҕо билиитин-көрүүтүн кэҥэтэр, оонньуу
быраабылатын тутуһан, сатаан былаанныыр, хонтуруолланар, бэйэтин салайынар
сатабылларын, тылын уонна өйгө тутар дьоҕурдарын сайыннарар кыахтаах. Оҕо бэйэтин
сымсатык туттарыгар, дьулуурдаах буоларыгар көмөлөһүө.
Ааптара: ФилатоваА.А.,Чөркөөхтөөҕү«Аленушка» оҕо уһуйаанын иитээччитэ, Таатта.
Сыала: Дьөһөгөй туһунан билиилэрин кэҥэтии. Тулалыыр эйгэни кытта билиһиннэрии,
тылларын саппааһын байытыы, саҥарар, кэпсиир дьоҕурдарын сайыннарыы.
Анала: 5-7 саастаах оҕолорго.
Оонньуу барыыта: Сылгыһыт талыллар, онтон атыттар «ат» буолаллар, оонньууну
саҕалыыллар.
Аттар:
«Сыспай сиэллээхпин,
Түөрт төгүрүк туйахтаахпын,
Субуллар уһун кутуруктаахпын,
Илистибэт уһун тыыннаахпын» диэн тобугу өрө тардан сүүрэллэр.
Онтон «сылгыһыт»:
Күн оҕото-көлөм,
Айыы оҕото-атым,
Айаннаан биэриий,
Алааспар тиэрдиий! - диэн хардаран оонньууну саҕалыыр.
«Сылгылар» кэннилэригэр «кутуруктаахтар», «сылгыһыт» кутуруктарын тута сатыыр, онон
оҕо тутуллубута быһаарыллар. Оонньууну сытыырҕатан араас мэһэйдэри туруоруллар
(«күөл», «тыа» о.д.а.).
“Балыксыт” оонньуу
Оонньуу сайыннарар кыаҕа. Бу оонньуу эт-хаан өттүнэн эрэ сайыннарар буолбакка, оҕо
билиитин-көрүүтүн кэҥэтэр, оонньуу быраабылатын тутуһан, сатаан былаанныыр,
хонтуруолланар, бэйэтин салайынар сатабылларын, өйгө тутар дьоҕурдарын уонна
тылларын сайыннарар кыахтаах.

Ааптара: Гоголева М.Н., Дьокуускай куорат 86 №-дээх «Колокольчик» оҕо уһуйаанын
этнопедагога.
Сыала: Уу иччитин, олоҥхо тылын-өһүн билиһиннэрии. Сиэри-туому өйдөтүү.
Анала: 5-6 саастаах оҕолорго.
Тэрилэ: Оҕо аайы атаҕар балык баайыллар. Балык көрүҥүнэн көрөн халыҥ хордуонтан
кырааскалаан оҥоһуллар (собо, сордоҥ, күндүөбэй о. д. а.).
Оонньуу барыыта: Саалаҕа миэлинэн улахан төгүрүк тардыллар, бу күөл буолар. Бу
иһиттэн балыктар тахсыа суохтаахтар.
2-3 оҕо балыксыт буолар. «Бүгүн кимиэхэ байанайа тосхойуон, күөх далай иччитэ Күөх
Боллох оҕонньор кими күндүлүөн быһаарар күннэрэ үүннэ» диэн оонньуу саҕаланар.
Балыксытгар тэҥҥэ этэллэр:
«Күөх ньамах бытыктаах,
Күрүҥ хара дьүһүннээх
Күөх далай иччитэ
Күөх Боллох оҕонньор,
Чороох туубар
Лоһуор собо барахсаны,
Көмүс хатырыктааҕы
Толору уган кулу даа!
Күндүөбэй балыккынан
Күндүлээ даа!
Көрдөһөбүт! Көрдөһөбүт!» «Күөлгэ» киирэн атахтарыгар баайыллыбыт балыктары
атахтарынан үктээн сабын быһа сатыыллар. Быһыллыбыт балыктарын анал иһиттэригэр уган
иһэллэр. Балыксыттар тус туһунан иһиттээхтэр. Балыгын быстарбыт оҕо оонньууттан туоруур.
Түмүгэр ким бултуйбутун, байанайдаммытын быһаараллар. Элбэх балыгы ылбыт оҕо
кыайыылааҕынан ааҕыллар. Оонньуур оҕо ахсаанынан көрөн балыксыттары талаллар.
Аллараа дойду олохтооҕо уонна айыы оҕолоро
(Олоҥхо абааһыта уонна орто дойду оҕолоро)
Оонньуу сайыннарар кыаҕа. Оонньуу быраабылатын тутуһан, оҕо сатаан былаанныыр,
хонтуруолланар, бэйэтин салайынар сатабылларын эрчийэр. Оҕо толкуйун, өйүгэр оҥорор
дьайыыларын (сатаан тэҥниир, араарар, сүрүнүн булар)уонна тылын-өһүн таһымын
сайыннарарга улахан көмө буолуо. Бөлөҕүнэн үлэ оҕолор бэйэ-бэйэлэрин кытта бодоруһар
сатабылларын сайыннарыа.
Ааптара: Филатова Айталина Афанасьевна, Чөркөөхтөөҕү «Аленушка» оҕо уһуйаанын
иитээччитэ.
Сыала: Хараҕынан холоон көрөн, толкуйдаан, сөптөөх хаамыылары оҥорорго, таба
быһаарыныыны түргэнник буларга үөрэтии. Оҕолору бэйэ-бэйэ көмөлөһөргө, иллээх
буоларга иитии. Олоҥхо дьоруойдарын билиһиннэрии.
Анала: 5-тэн үөһэ саастаах оҕолорго.
Туттуллар тэрилэ, оонньуу быраабылата: Хас биирдии оҕо иккилии төгүрүктээх. Оҕо биир
төгүрүгү сиргэ уурар, ол үрдүгэр турар уонна иккиһин илиитигэр тута сылдьар. Төгүрүктэрин
сыһыары ууран, онно атыллаан эбэтэр ыстанан сыҕарыйан барар. Тутааччы эмиэ бу курдук
сыҕарыйар, айыы оҕолоругар утары хаамыы оҥорор. Оонньуу «Сонор» хаамыытынан
ыытыллар. Көннөрү эккирэтиһии быһыытынан эмиэ барыан сөп.

Оонньуу барыыта:
Оонньууну абааһы саҕалыыр:
«Аллараа дойду ааттааҕа,
Түгэх дойду түөкүнэ,
Топпотоҕум тоҕус хонно.
Аһаабатаҕым аҕыс хонно.
Сиэбэтэҕим сэттэ хонно.
Сиэхпин, аһыахпын баҕардым.
Барыйары барыаҕым
Түбэспити тутуоҕум», - диэн абааһы уола иннин диэки туһаайан төгүрүгүн сыһыары тутан
иннин диэки тутан бастакы хардыы оҥорор.
Салгыы айыы оҕолоро оонньуулар маннык тылларынан:
«Тоҕус уон тоҕус Куотар кубулҕатын,
Аҕыс уон аҕыс
Ааһар албаһын баһылаатахпыт буоллун», - диэт, бары биирдии хардыыны оҥороллор
уонна иннилэрин диэки утары баар сурааһыҥҥа тиийэ сатыахтаахтар. Абааһы уола ситэн
таарыйдаҕына, оҕо тутуллубутунан ааҕыллар уонна миэстэтигэр туран хаалар. Өскөтүн оҕо
тутулла сыһан куоттаҕына:
«Ситим саҕаттан силбэнним,
Caпсаҕаттан салҕанным»
эбэтэр «Тимирэ-тимирэ күөрэйдим,
Быста-быста салҕанным», - диэн бэргэн тыллары туттуон сөп.
Абааһы уола туппут оҕото миэстэтигэр туран хаалар, салгыы сыҕарыйбат. Атын куотааччы
кэлэн кинини таарыйдаҕына, бу оҕо «тиллэр», салгыы оонньуур. Манна өс хоһооннору,
бэргэн этиилэри туттар ордук. Холобура: «Атас туһугар, атах тостор», «Ойуурдаах куобах
охтубат, дьонноох киһи өлбөт» уо.д.а.
Бухатыырдар күөн көрсүһүүлэрэ
Оонньуу оҕону сайыннарар кыаҕа. Оонньуу быраабылатын тутуһан, оҕо сатаан
былаанныыр, хонтуруолланар, бэйэтин салайынар сатабылларын сайыннарар. Ону тэҥэ
оонньуу оҕо толкуйун, өйүгэр оҥорор дьайыыларын (сатаан тэҥниир, араарар, сүрүнүн булар),
тылын-өһүн сайыннарар кыахтаах.
Ааптара: Филатова Айталина Афанасьевн,Чөркөөхтөөҕү «Аленушка» оҕо уһуйаанын
иитээччитэ.
Сыала: Оҕо булугас, мындыр өйүн сайыннарыы. Олоҥхо дьоруойдарын уобарастаан
көрөн, үтүө-мөкү өрүттэрин арааран, билэ-көрө үөрэнэригэр уһуйуу. Оҕо уус-уран тылын
байытыы.
Анала: 5-тэн үөһэ саастаах оҕолорго.
Тэрилэ: Хас биирдии оҕоҕо иккилии төгүрүк бэриллэр. Күөн көрсөр сирдэрэ - Орто дойду.
Эккирэтээччи - Ньургун Боотур, куотааччылар - абааһы бухатыырдара.
Оонньуу барыыта:
Оонньууну эккирэтээччи - орто дойду бухатыыра Дьулуруйар Нъургун Боотур саҕалыыр:
«Биэс тарбах биэриитэ билиэ,
Уон тарбах уунуута быһаарыа,
Үгүстэн үгүс охтуо,

Аҕыйахтан аҕыйах охтуо», - диэн, иннин хоту бастакы хардыыны оҥорор. Куотааччылар
утары маннык тыллаах буолуохтарын сөп:
«Ийэ уустары иҥнэрэр,
Аҕа уустары алдьатар
Аллараа дойду
Адьарайдара
Күөн көрсөр
Күммүт үүннэ».
Кинилэр араас хайысханан куотар хаамыылары оҥороллор. Оонньууга эккирэтээччи
саамай быһаччы туһаайыынан күөйэ-хаайа сатыыр уонна:
- Муос муоска, тиис тиискэ, сэрэн! - диэн саҥалаах буолар.
Оонньууну уустугурдан, хонууга араас мэһэйдэр ойууланаллар эбэтэр эттиктэр
ууруллаллар. Мэһэйдэри тумнубакка барбыттар, суулларбыттар ыстарааптаналлар, ол эбэтэр
төттөрү хаамыыны оҥороллор, эбэтэр иккистээн саҥаттан хаамаллар. Куотааччылар
тутулуннахтарына, маннык саҥарыахтарын сөп; «Уһун уҥуох урусхалланна, кыра уҥуох
кырбастанна». Тутуллубут абааһы оонньууттан туораан иһэр. Оҕо ахсаанынан көрөн, Айыы
бухатыырдарын ахсааннарын 2-3 тиэрдиэххэ сөп.
Алаас оҕолоро
Оонньуу оҕону сайыннарар кыаҕа. Оонньуу оҕо эт-хаан өттүнэн да, уйулҕатын да
сайыннарар кыахтаах. Ол курдук, оҕо билиитин-көрүүтүн кэҥэтэр, оонньуу быраабылатын
тутуһан, сатаан былаанныыр, хонтуруолланар, бэйэтин салайынар сатабылларын, өйгө
тутар дьоҕурун уонна тылын-өһүн эрчийиэ.
Ааптара: Филатова Айталина Афанасьевна,Чөркөөхтөөҕү «Аленушка» оҕо уһуйаанын
иитээччитэ.
Сыала: Оҕоҕо олоҥхо дьоруойдарын билиһиннэрии, тылын-өһүн сайыннарыы, түргэнник
сөптөөх быһаарыныыны ылынарга, кутталы утары хорсуннук барарга, мүччү көтө сатыырга,
оонньуу быраабылатыгар уонна ис хоһоонугар сөп түбэһиннэрэн, бэйэ-бэйэни быыһыырга,
харыстыырга үөрэтии буолар.
Анала: 5-тэн үөһэ саастаах оҕолорго.
Оонньуу үс бөлөххө арахсар:
1. Олоҥхо дьоруойдара.
2. Орто-дойду олохтоохторо, олохторо-дьаһахтара.
3. Сиэр-туом.
Оонньуу быраабылата:
1. Хамсаныылаах оонньууга сүрүн быраабыла тутуһуллар, ол эбэтэр хонуу устун
төгүрүккэ төгүрүгү сыһыары тутан сыҕарыйаллар.
2. Оонньууга сүрүн дьоруойу таларга сэрэбиэйдээн быһаарсаллар эбэтэр
ааҕынньыктары тутталлар. Куотааччылар миэстэлэригэр бэйэ-бэйэлэриттэн төһө ыраах,
чугас тураллара көҥүллэрэ. Тутааччы кинилэртэн тэйиччи туора эбэтэр утары турар.
3. Хас биирдии оонньооччу иккилии төгүрүктээх. Биир төгүрүгү сиргэ ууран, ол үрдүгэр
турар, иккиһин илиитигэр тута сылдьар. Тутар төгүрүгүн хамсаппакка иккиһин аттыгар
сыһыары уурар, онно атыллаан эбэтэр сыҕарыйан баран, хаалбыт төгүрүгүн илиитигэр ылан
тутар. (Куотааччылар төгүрүктэрэ -25-30 см., тутааччы гиэнэ - 38-40 см.)

Развивающая предметно-пространственная среда обеспечивает максимальную
реализацию образовательного потенциала пространства Организации, группы, а
также территории, прилегающей к Организации или находящейся на небольшом
удалении, приспособленной для реализации Программы (далее – участок),
материалов, оборудования и инвентаря для развития детей дошкольного возраста в
соответствии с особенностями каждого возрастного этапа, охраны и укрепления их
здоровья, учета особенностей и коррекции недостатков их развития.

1. САЙЫННАРАР ЭЙГЭНИ ТЭРИЙИИ
Н.П. Александрова,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай
оскуолаларын чинчийэр институт научнай сотруднига
Сайыннарар эйгэни тэрийии үөрэх тэрилтэтин үлэлиир хайысхатынан, оҕо сайдыытынан,
сааһынан, илдьэ сылдьар омугун култууратынан уратылаах буолар. Ол курдук оҕо саада, оҕо
сайдар киинэ, чааһынай оҕо тэрилтэтэ, уратылаах оҕо сылдьар эйгэтэ тус-туспа сайыннарар
эйгэни олохтууллар. Онон бу тэрилтэ сайыннарар эйгэтин ис (интерьер) уонна тас (экстерьер)
көстүүлэринэн кини укулаатын, иитэр-сайыннарар үлэтин ситимин, оҕону иитэр култууратын
быһаарыахха сөп. Билиҥҥи кэмҥэ сайыннарар эйгэни оҥоруу тус-туспа киэбинэн барар:
тэрилтэ ис-тас көстүүтэ биир истииллээх, биир эмэ сахалыы хос, туона, норуот култууратын
көрдөрөр кыра музей, муннук буолуохтарын сөп. Ол гынан баран аныгы ирдэбил
быһыытынан бу киэптэр оҕо хамсыыр-имсиир, сүүрэр-көтөр, чинчийэр, бэйэтэ тутан-хабан
оонньуур, оҥорор кыаҕын хааччахтаабат уларыта-тэлэритэ тутуохха сөптөөх гына
тэриллэллэр.
Сайыннарар эйгэни тэрийэргэ маннык ирдэбиллэр тураллар:
- оҕо көҥүллүк арыллан оонньуур, сайдар, көрө-билэр дьоҕура аһыллар, сайдар эйгэтин
тэрийии;
- оҕо доруобуйатыгар куттала суох усулуобуйаны оҥоруу;
- матырыйаалы, өҥү туттууга норуот култууратыгар, көрүүтүгэр олоҕуруу, кэрэ эйгэтигэр
киллэрии;
- оҕо үөрэ-көтө, дуоһуйа сылдьар, тутан-хабан билэ-көрө сатыыр, чинчийэр усулуобуйатын
тутуһуу;
- оҕоҕо тиийимтиэ, чугас, кэбэҕэстик, чэпчэкитик уларыта тутарга сөптөөх малы-салы,
оонньууру, туттар сэби-сэбиргэли туһаныы.
Сайыннарар эйгэҕэ киирэр:
- Дьиэ таһа "Тусаһа": "Күөх туона" (оҕо дьаарбайар, оонньуур тэлгэһэтэ); "Түһүлгэ" (оҕоаймах, дьон-сэргэ тэрээһиннэри ыытар сирэ); "Оонньуур туона" (оҕо сүүрэр-көтөр, чинчийэр
сирэ)
1. Дьиэ ис көстүүтэ: оҕону көрсөр киирэр сир, көрүдүөр; оҕо сылдьар, сайдар эйгэтэ
(бөлөхтөр хосторо); кэрэ эйгэтин хоһо; оонньуур, сайыннарар, чинчийэр, айар-тутар туона.
2. Эти-сиини эрчийэр туона.
Сайыннарар эйгэ көрүҥэ, ис хоһооно оҕо тэрилтэтин үлэлиир хайысхатынан араас
көрүҥнээх киэбинэн оҥоһуллар.
1. Оҕо сылдьар дьиэтин бүтүннүүтүн ис-тас көстүүтэ, оҥоһуута, өҥө-тутула, ойуута-бичигэ,
оҥоһуллар матырыйаала саха норуотун көрүүтүгэр, култууратыгар олоҕурар, киирэр аантан
оҕо орто дойду эйгэтигэр киирбитин кэрэһэлиир. (Алгыстаах алаһа).
Дьиэ таһа "Тусаһа"
Түһүлгэ - араас тэрээһиннэргэ мустан сиэри-туому тутуһар сир. Түһүлгэ Аал Луук мас тула
олохтонор. Аал Луук мас оҕо тэрилтэтин аайы араас көрүҥнээх буолар. Мастан оҥоһуллар.
Үрдэлгэ турар (сцена), тула кустук өҥнөөх 12 мас лэкээлэр күн эргииринэн ыйдары,
бириэмэни көрдөрөллөр.

Оонньуур туона - сахалыы быһыылаах (алта кырыылаах дьиэ, балаҕан) оҕо сынньанар,
оонньуур, дьарыктанар верандалара, оҕо киирэн бүөмнээн оонньуур отуута, ураһалыы
быһыылаах үлэҕэ туттуллар сэби-сэбиргэли уурар сир. Чугас оҕо үлэлиир, оонньуур төгүрүк
үрдүк, намыһах остуоллар, ыскамыайкалар.
Хамсаныылаах оонньуу туоната - лабиринт төгүрүк быһыылаах, 3 эргимтэлээх, үс сиринэн
киирэр суоллаах. Бастакы эргимтэҕэ - эрэки-дьэрэки оҕолор (айылҕаны харыстыыры,
көмөлөһөрү көрдөрөллөр), иккис эргимтэҕэ - олоҥхоҕо ойууланар кыыллар-көтөрдөр
олохсуйбуттара көстөр, үһүс эргимтэҕэ кыра үөн-көйүүр. Мастан, талахтан, лэкээттэн күрүө.
Күрүө ылыллар, кэтэрдиллэр конструктор быһыытынан оҥоһуллар. Мастан өҥнөөх быалары
туһанан олоҥхо бухатыырдара, кыргыттара оҕо үрдүгүн саҕа оҥоһуллаллар. Оҕо
оонньууругар, тарбаҕын былчыҥҥара сайдарыгар анаан кыргыттар баттахтара өҥнөөх
быаттан, бухатыырдар үҥүүлэрэ, куйахтара туспа арааран ылыллар гына оҥоһуллаллар.
Бухатыыр ата, таба оҕо мэҥэстэригэр, быа быраҕа оонньууругар аналлаахтар. Үөһээ-аллараа
ыттар, хатаастар тэрилэ "хайа", бэрэбинэ, таба быраҕыыга, сыал ытарга туттуллар истиэнэ оҕо
доруобуйатыгар куттала суох оҥоһуулаах, быһыылаах-таһаалаах буолаллар.
Күөх туона - айылҕалыын алтыһар туона. Манна олохтоох мастар (хатыҥ, тиит, бэс),
сэппэрээктэр, отонноох талахтар, мастар (моонньоҕон, хаптаҕас, харас, сарбынньах), оттор,
сибэккилэр (сардаана, сылгы ньургуһуна, ньээм от, сир симэҕэ, ромашка) олордуллаллар, оҕо
чинчийэр миэстэтэ (кумах, уу, таас, айылҕа матырыйаала баар анал тэриллэр) оҥоһуллар.
Экологическай ыллык күөх туонаҕа үүнэр оту-маһы билиһиннэрэр, айылҕаны кэтээн көрүүнү
ситимниир, айылҕаҕа сылдьыы бэрээдэгин билиһиннэрэр аналлаах. Тыал хайысхатын
көрдөрөр тэрил, халандаар, чыычаахха ас уурар сир, сир кырсын тутулун көрдөрөр аквариум,
террариум, оҕуруот аһын үүннэрэр кирээдэ, парник уо.д.а. оҥоһуллаллар.
Дьиэ ис бараана - киирэр аан, көрүдүөр, бөлөхтөр хосторо, оҕо дьарыктанар, оонньуур
анал туоналара бэйэ-бэйэлэрин кытта өҥүнэн, киэргэлинэн ситимнээх, ситэрсэн биэрэр
тутуллаах буолаллар.Бөлөхтөр хосторун ис көстүүлэрэ оҕо сылдьар бөлөҕүн аатын ис
суолтатын арыйаллар. Истиэнэ ойуута, түннүк сабыыта биир көстүүлээх буолара ордук.
Сахалыы өҥү, оһуору тутуһан аныгылыы быһыылаах түннүк сабыыта уопсай көстүүнү
тупсарар, дьиэлии сылаас-сырдык эйгэни олохтууллар. Бөлөх хоһугар оонньуу туоната оҕону
сайыннарар хайысхалаах буолуон сөп: "Тииҥ мэйии", "Бэдэр мэйии", "Долоҕой оонньуута".
Эти сиини эрчийэр туонаҕа айылҕа матырыйаалыттан оҥоһуллубут эти-сиини хатарар,
сайыннарар тэриллэр: илбийиигэ туттар сылгы сиэлиттэн, маһынан оҥоһуллубут тэриллэр,
сиэлинэн, тааһынан хаамар сөрүөлэр, хамсаныылары оҥорорго кылтан оҥоһуктар (быалар,
мээчиктэр), сахалыы илии-атах оонньуутугар (мас тардыһыыта, ыстаныы) туттуллар мас, туос
тэриллэр.
Кэрэ эйгэтин туонатыгар норуот музыкальнай инструменнара, музыканан хамсанар
эрчиллиилэргэ, үҥкүүгэ туттуллар атибруттар (бастыҥа, киэргэл, былаат, лиэнтэ, чороон
уо.д.а.), театральнай көстүүмнэр хомуллаллар. Туона өҥө, көстүүтэ, киэргэтиитэ ураты ис
хоһоонноох, оҕо ис туругун арыйар, үөрдэр-көтүтэр аналлаах буолар.
2. Оҕо тэрилтэтин бары эйгэтэ буолбакка, биир эмэ бөлөх хоһугар тэриллэр анал туоналар.
Оонньуу туоната:
- оонньууну тэрийэр туонаҕа оонньуурдар, куукулалар, остуол оонньуулара сахалыы
тыыннаах, ис хоһоонноох буолаллар.
3-4 с.: куукула, мас ат-ынах, иһит-хомуос, кубиктар;
4-5 с.: сыахай, хомулук Тиэргэн, остуол оонньуулара (күүгүнэй, Сонор, лото);

5-6 с.: олоҥхо геройдарынан куукулалар, остуол оонньуулара (хабылык, хаамыска,
тыксаан), өйү сайыннарар хомулук арааһа;
6-7 с.: олоҥхоҕо ойууланар бухатыыр дьиэтэ-уота, иһитэ-хомуоһа, кыыл-көтөр, сахалыы
лото, өйү сайыннарар хомулук арааһа.
Оҕо айан оонньуур туоната:
Анал миэстэҕэ элбэх функциялаах кыра сыана (подиум) оҥоһуллар. Манна сороҕор оҕо
чуумпуран олорон бэйэтэ тугунан эмэ дьарыктанар сирэ (уруһуй, мэһийии, иистэнии уо.д.а.),
сороҕор - хоһоон, ырыа толоруллар сирэ, онтон куукула театра, муода көрдөрөр сир буолан
уларыйа турар аналлаах. Оҕо тугунан дьарыктанарын бэйэтэ быһаарар. Быыс буолар чэпчэки
ширмалары, күрүөлэри туттан миэстэтин оҥостор. Манна туттуллар матырыйааллар,
оонньуурдар, мал-сал көлүөһэлээх, долбуурдаах анал остуолларга, эбэтэр хопполорго
ууруллаллар.
Оҕо билиэн-көрүөн баҕатын көҕүлүүр туона:
Норуот култууратын билиһиннэрэр анал кыра-музей тэриллэр. Манна норуот олоҕундьаһаҕын көрдөрөр мал-сал, иһит-хомуос, норуот маастардарын үлэтин кэпсиир
хартыыналар, альбомнар, кинигэлэр, оҕо төрөппүтүн кытта оҥорбут кыра кинигэлэрэ,
чинчийиилэрин кэпсиир буклеттар "Мин дэриэбинэм", "Өбүгэм дьарыга", "Тыа баайа", "Олоҥхо
бухатыыра", "Сахам сирэ", "Спорт", "Атын дойдуга айан", "Куйаар" уо.д.а., Оҕоҕо көрдөрөр
сахалыы мультфильмнар, норуот ырыатын, олоҥхону иһитиннэрэр аудиозапистар
хомуллаллар. Оҕо уонна төрөппүт бу туонаҕа олорон дьарыктаналлар, кэпсэтэллэр.
1.1. САЙЫННАРАР ЭЙГЭНИ ТЭРИЙЭРГЭ КӨМӨЛӨҺӨР ООННЬУУРДАР
«Ураһа» көрдөрөр оонньуур
Ааптара: Александрова Н.П., Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай оскуолаларын
чинчийэр институт научнай үлэһитэ.
Анала: 3-тан үөһэ саастаах оҕолорго.
Быһаарыыта: «Ураһа» демонстрационнай оонньуур 40 см үрдүктээх, 36 см иэннээх.
Халыҥ киэбин тутар таҥастан тигиллэр. Ортотунан тырылыырдаах (молниялаах), ону
астаххына театрализованнай оонньуулары оонньуохха сөптөөх эйгэ баар буолар. Ортотугар Аал луук мас, ол тула «Олоҥхо геройдара» куукулалары сыһыаран оонньуохха сөп. Ураһа
биир өттүтүгэр олоҥхоһут олоҥхолуу олорор, онтон утары – аппликациянан оҥоһуллубут
(тигиллибит), липучкаҕа сыстар саха иһитэ-хомуоһа, туттар тэрилэ.
Сайыннарар кыаҕа: Бу оонньуур театрализованнай оонньууну тэрийэргэ туттуллар.
«Ураһа» оонньуур чэпчэки, сымнаҕас, алдьаммат буолан, оҕо куттаммакка тута сылдьан
оонньуон сөп. «Ураһа» аһыллан кэллэҕинэ, оҕо бу оонньууру тугунан эрэ толорон,
«олоҥхолоох оонньуох» баҕата кириэн сөп. Бу баҕатын «Олоҥхо дьоруойдара»
куукулаларын туһанан толоруон сөп. Ол курдук, оҕо тарбахтарынан куукуланы хамсатар,
хаамтарар уонна бэйэтэ олоҥхону кэпсиир. Ону таһынан «Ураһа» оонньуур бэйэтин туспа
туттан, былыр сахалар олорбут олохторун-дьаһахтарын кэпсиэххэ сөп: иһит-хомуос
арааһын, олох-дьаһах тутулун.
«Олоҥхо үс дойдута» сайыннарар панно
Ааптара: Александрова Н.П., Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай оскуолаларын
чинчийэр институт научнай үлэһитэ.

Анала: 3-тан үөһэ саастаах оҕолорго.
Быһаарыыта: «Үс дойду» панно 3 чаастан турар: Үөһээ дойду – халлаан куйаара, былыттар,
сулустар, Үрүҥ Айыылар; Орто дойду – сир араҥата, айылҕа, үүнээйилэр, кыыллар, үөн көйүүр,
көтөрдөр; Аллараа дойду – сир аллараа араҥата. Хас биирдии «дойду» бэйэ бэйэлэрин кытта
липучканан, тимэҕинэн сысталлар. Ол курдук хас биирдиитин тус туспа да туттар кыах баар.
Панно Үс дойду тутулунан «аттаран тигии» ньыманан, оҕо илиитигэр сымнаҕас таҥаһынан
тигиллэр. Хас биирдии дойду бэйэтэ туспа, ис хоһоонугар сөп түбэһэр, липучканан сыстар
деталлардаах буолар.
Сайыннарар кыаҕа: «Үс дойду» панно оҕо сенсорнай сайдыытын хааччыйар уонна
Олоҥхо Үс дойдутун билсиһиннэрэр демонстрационнай матырыйаал буолар. Бу панно
театрализованнай да оонньууга тулалыыр эйгэ буолан туһалыан сөп. Бу оонньуур оҕону кыра
да сааһыттан сайыннарарга көмө буолуон сөп. Ол курдук панно кыра деталларын баайан,
сыһыаран, тимэхтээн оҕо тутан-хабан сайдарын, илиитин былчыҥнарын эрчийэрин
ситиһиэххэ сөп. Улаата түспүт оҕо олоҥхону бэйэтэ кэпсиир кыахтаннаҕына, тылын-өһүн,
айар, кэпсиир уонна болҕомтолоохтук истэр дьоҕурун таһымын үрдэтэр кыахтанар.
2. ОҔО ТЭРИЛТЭТИГЭР ЫҺЫАҔЫ ТЭРИЙИИ
Е.П. Чехордуна, Д.Г. Ефимова,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай
оскуолаларын чинчийэр институт научнай сотрудниктара
Ыһыах саха норуота сайын кэлбитин көрсөр төрүт бырааһынньыга. Үтүөтүк ыытыллыбыт
Ыһыах үөскүлэҥ төрүөҕү үксэтэр, үүт-ас үксүүр баай-байылыат олоҕу түстүүр үтүө-мааны
дьыл кэлиитин тосхойор. Ол иһин Ыһыах саха саҥа дьыла салаллыытын бэлиэтиир
календарнай бырааһынньыга.
Сыала: Өбүгэ үгэһин билиһиннэрии оҕоҕо сиэрдээх майгыны-сигилини олохсутуу,
түмсүүлээх буоларга уһуйуу.
Соруктар:
1. Ыһыах сиэрин-туомун тутуһарга үөрэтии:
а) оҕо ыһыах туһунан билиитэ-көрүүтэ кэҥиэхтээх;
б) бэрээдэктээхтик сылдьарын, туох көҥүллэнэрин, бобулларын билиэхтээх;
2. Ыһыахтыыр сири ыраастааһын, киэргэтии.
3. Ыһыахха эрдэттэн тэринии:
а) ыһыахтыыр сири ыраастааһыҥҥа, киэргэтиигэ оҕону кытыннарыы;
б) таҥас-сап, киэргэл-симэх оҥостуутугар, ас-үөл бэлэмигэр оҕо бэйэтэ
кыттыһыыта;
в) оонньууга, көргө-нарга кыттарга бэлэмнэниитэ.
4.Ыһыах сиэрин-туомун тутуһан сценарийы суруйуу.
5.Ыһыахха оҕо барыта көхтөөхтүк үөрэ-көтө кыттарын ситиһии.
Ыһыах сиэрэ-туома. Ыһыах бары сиэрин-туомун тутуһан, үгэс быһыытынан ыһыллар.
Ыһыах көргө-нарга кубулуйара сатаммат, онон аһыллыаҕыттан сабыллыар диэри үгэстэн
туораабакка тэрийэр сорук турар.

Түһүлгэни тэрийии
Ыһыахтыыр сир бары тутуута, киэргэлэ
сахалыы көстүүлээх, сырдыгы, ырааһы тарҕатар, олохсутар аналлаах. Ханнык баҕарар
оҥоһук ыһыах ис хоһоонун арыйар, сиэргэтуомҥа аналлаах, өбүгэлэр өйдөбүллэригэр
сөп түбэһэр буолуохтаах. Оҕо ыһыахтыыр сирэ
туспа буоллаҕына, олус элбэх тутууну
оҥорбокко, киэҥ ыраас сиргэ сахалыы киэргэл,
бэлиэ, аҕыйах оҥоһук баара ордук.
Аар-баҕах ойуулаах-оһуордаах, күрүөлүү
туорай мастаах сонос соҕус сулламмыт тиит
баҕаналар. Аар-баҕаҕы икки өттүнэн кэккэлэһэ
силэллибит титириктэр эбэтэр хахыйахтар,
арыт иккиэн бииргэ тураллар. Аҕыйах
баҕаналаах Аар-баҕахха төбөлөрүн холбуу
баайаллар.
Түһүлгэни саламанан симииллэр. Салама ситиинэн оҥоһуллар, онно кыракый туос иһит,
томторук иилиллэр, өҥнөөх таҥас кырадаһына баайыллар. Былыр сылгы сиэлин, кус
куорсунун ыйыыллара. Саламаны чэчиртэн чэчиргэ күрүөлүү тардаллар.
Түһүлгэ иһитэ-хомуоһа. Ыһыах сиэрин-туомун ыытарга аналлаах мас, туос, тирии
иһиттэри тутталлар. Иһиттэри Аар-баҕах анныгар харалаах аас тэллэх үрдүгэр, саахымат
ойуулаах эбэтэр суҥ сөрүөҕэ уураллар. Иһит барыта астаах буолара ирдэнэр.
Таҥас-сап. Ыһыах дьонун мааны таҥаһа-саба сахалыы буолар.
Алгыс
Ыһыах бары тэрээһинэ уус-уран эбэтэр
ыраас сахалыы тылынан барар. Тылы
харыстааһын – ыһыаҕы харыстааһын.
Тылбытыгар үтүө санаа иҥэ сылдьар. Ол алгыс
нөҥүө дьоҥҥо тиийэр.
Алгыс – чуумпуга наҕыллык, дьоһуннук
ыытыллар сиэр-туом. Ол сиэринэн алгыс
кэмигэр ханнык да саҥа-иҥэ, барыы-кэлии
тохтуур. Ыһыахха кэлбит киһи барыта
бэйэтигэр алгыс ыларга бэлэмнэнэр. Өйүнсанаатын ыраастыыр, ол аата, наар үчүгэйи
өйүгэр оҥорор, ыралыыр, тугу баҕарарын
саныыр. Ыһыах хаамыытыгар сиэр-туом сахалар айылҕаны кытары ыкса сибээстээхтэрин
көрдөрөр тэрээһин. Бу туому Алгысчыт толорор. Кини айыыларга хайыһан сүгүрүйэр, айах
тутуу туомун толорор. Ол аата кымыһы ыһан, сири-дойдуну алгыыр, аал уокка арыылаах
алаадьы, сыа кэбиһэн, сиэл биэрэн уот иччитин күндүлүүр. Бу туом айылҕа күүһүн киһи
билинэрин, сиргэ-уокка, дьоҥҥо-сэргэҕэ сиэрдээхтик, бэрээдэктээхтик сылдьарга
эбээһинэстэнэрин кэрэһэлиир. Алгыс - ордон кэлбит, саамай харыстанар сиэрбит-туоммут.
Онон оҕо манныгы билиэхтээх:

- Алгыс кэмигэр оҕо барыта ханан турарын, хайдах туттарын-хаптарын билэр
буолуохтаах. Оттон Алгысчыт оҕо кыра сааһын учуоттаан, алгыһын уһуннук ыыппата ордук.
Ыһыахха оҕо алгыһы ылан, бэйэтигэр иҥэринэрин билэр, өйдүүр буолара эрэйиллэр.
- Ыһыахха кэлбит киһи барыта Алгысчыкка сирэйинэн туран, этэр тылын бэйэтигэр
иҥэрэн иһэр. Үтүө тыл киһи өйүгэр-санаатыгар түһэн, этигэр-хааныгар киирэн олохсуйар,
кутун-сүрүн бөҕөргөтөр.
Улахан дьоҥҥо сыһыаннаах сиэр-туом:
- Ыһыахха алгысчыт сүрүн оруолу ылар. Алгысчыт үтүө санаалаах, биһирэнэр уус-уран
тыллаах, сир-халлаан ситимин тутар, алгыһа тиийимтиэтинэн аатырар киһи буолар. Алгысчыт
ыһыаҕы аһарыттан, алгыһы ыытарыттан ыһыах хаамыыта улахан тутулуктаах.
- Алгысчыт түһүлгэҕэ арыалдьыттарыныын киирэн, күн тахсар сирин туһаайан, илин
диэки хайыһан туран алгыһын ыытар. Алгысчыт киирэрин боччумнук сэргэхтик туттан, үөрэкөтө көрсүллэр. Алгысчыты ытыс таһынан көрсүбэттэр уонна атаарбаттар, алгыс кэмигэр
ханнык да түгэҥҥэ ытыс таһымматтар, кэпсэппэттэр, хаамсыбаттар.
- Ыһыахха алгыс ылан, киһи отуорун олохсутар, сыллааҕы кэскилин түстэнэр. Ол иһин
киһи сааһыттан тутулуга суох алгыска улахан суолтаны биэрэр. Былыр алгыһы ылбатах киһи
сылы кыһалҕалаахтык туоруур курдук сананара.
- Алгыс, сиэр-туом буолар сиригэр ыт суох буолуохтаах. Былыр алгыс кэмигэр ыты
баайар үгэс баарын ааҕан билэбит.
Киһи бэйэтин кыаҕын, күүһүн-күдэҕин,
айар дьоҕурун көрдөрүүтэ
Киһи сыл устата этэҥҥэ сылдьыбытын, элбэҕи
билбитин, саҥаны иҥэриммитин ыллаан-туойан,
үҥкүүлээн дьоҥҥо-сэргэҕэ тахсар, санаатын-оноотун
сылаанньытар, ирэ-хоро кэпсэтэн, үөрэн-көтөн
сылдьар. Сэниэтэ эстибэтэҕин, үлэлиир-хамсыыр,
сүүрэр-көтөр кыахтааҕын, туруулаһар туруктааҕын
хамсанан-имсэнэн итэҕэтэр. Онон ыһыахха ырыатойук, үҥкүү-битии элбэх, күүс-күдэх көрдөрөн, күрэс
былдьаһыы тэрээһиннээх буолар.

Ыһыаҕы сабыы, түмүктээһин
Ыһыаҕы сабыыга мустубут дьоҥҥо алгыс ыытан, дьолу-соргуну баҕаран атаарар өбүгэ
үтүө үгэһин быһыытынан сыаналанар. Ыһыаҕы оһуохайынан түмүктүүр үтүө өрүттээх
буолар. Билиҥҥи кэмҥэ оһуохай сир аайы биир тэҥник сайдыбыт буолбатах. Ол иһин өбүгэ
үтүө үгэһин сир аайы тилиннэрэргэ оҕо барыта кыттарын ситиһиллиэхтээх. Онон ыһыах
дьону түмэр, сомоҕолуур көрүҥүн – оһуохайы – сайыннарыы оҕо тэрилтэтин сүрүн сыала
буолар. Дьон бары уопсай түһүлгэҕэ – оһуохайга – киирэн, ыһыах онон түмүктэнэрэ тэрээһин
үрдүгүн көрдөрөр.

Ыһыах таҥаһа
(иистэнньэҥ сүбэтэ)
Оҕо таҥаһа: Ыһыахха кыра оҕоҕо сөптөөх таҥаһы-сабы
сырдык өҥнөөх, бытархай ойуулаах сиидэстэн, маркизаттан,
поплинтан, атын да чэпчэки таҥастан тигэллэр. Киэргэлин,
симэҕин оҕуруонан, туостан оҥорор кыра оҕоҕо ордук барар.
Оҕо саха былыргы төрүт үгэһин тута сылдьар таҥаһын таҥнара,
симэҕин кэтэрэ кини кутун-сүрүн бөҕөргөтөр, өйүн-санаатын
олохсутар, норуотунан киэн туттууну үөскэтэр.
Эдэр уол таҥаһа: бэргэһэ, кыл сэлээппэ, сарыы сон, кур,
сутуруо, этэрбэс.
Эдэр кыыс: оҕуруо, охсуу көмүс-алтан симэхтээх бастыҥа,
сон, хаһыаччыктаах халадаай ырбаахы, сарыы этэрбэс, кур.
Кэргэннээх дьахтар: бууктаах, кытыылаах, оноолоох,
таҥалай сон, халадаай ырбаахы, муостаах күннээх бэргэһэ,
сиэдэрэй ойуулаах биһилэх, ытарҕа кылдьыы иилинэллэр,
сүнньүөх кур, сарыы этэрбэс.
Кэргэннээх эр киһи: мааны оноолоох эбэтэр кытыылаах сон, дьабака, дьорбуоҥка бэргэһэ,
сарыы, саары этэрбэс, куһаат, көмүс кур.
Ыһыах
(сценарий)
Ыһыахтыыр сир саламанан, сахалыы ойуунан-бичигинэн ыҥыра-угуйа турар гына
киэркэйэр. Түһүлгэҕэ тойон сэргэ анныгар саахымат ойуулаах сабыылары, түүлээх, таҥас, суҥ
олбохтору тэлгииллэр. Ол үрдүгэр кыынньар кымыстаах чорооннор, кэриэн айахтар, сир
иһиттэрэ толору астаах-үөллээх кэккэлэччи тардыллаллар, кинилэри сэргэ чабычах,
матаарчах ууруллубуттар. Ортотугар алгысчыт туттар мала-сала, сири аһатарга аналлаах
иһит-хомуос бэлэмнэнэр.
Кыттар дьоно:
Ыһыах сиэригэр-туомугар кытталлар: эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор,Дьөһүөлдьүт уол, Этигэн Куо,
Алгысчыт.
Ыһыах кыттааччылара: оҕо тэрилтэтин иитиллээччилэрэ, иитээччилэр, төрөппүт.
Ыһыах ыалдьыттара: төрөппүттэр, түөлбэ олохтоохторо.
Ыһыах аһыллыыта
Ыһыах түһүлгэтигэр сахалыы музыка, хомус оонньуур. От-мас быыһыттан эрэкэ-дьэрэкэ
оҕолор илибириһэн тахсаллар, көтө-дайа үҥкүүлүүллэр. Үҥкүү бүтэр, оҕолор тахсаллар. Икки
өттүттэн утарыта Дьөһүөлдьүт уол, Этигэн Куо киирэллэр.
Дьөһүөлдьүт уол:
Уйгу ыһыаҕын олохтуу кэлбит күндү оҕолор уонна төрөппүттэр, ыраахтан-чугастан
мустубут ытык-мааны ыалдьыттарбыт! Бүгүн биһиэхэ өрөгөйдүүр күммүт үүннэ – ыһыах кэмэ
кэллэ. Саргы-дьаалы салалынна!
Этигэн Куо:Сиэдэрэй олбоххо
Кыынньар кымыстаах

Тоҕус сиринэн
Томторҕолоох ойуулаах
Тойон чороон иһиттэр
Тоҕуоруһан тураллар.
Дьөһүөлдьүт уол: Дьэрэкээн олбоххо
Сэттэ сиринэн
Кэрэниистээх ойуулаах
Кэриэн айахтар
Кэчигирээн тураллар.
Этигэн Куо:Саха ыалдьытымсах үгэһинэн самаан сайын ыһыаҕар бычыгыныар ойуулаах,
симэхтээх дьэрэкээннээх сир иһиттэрэ толору астаах-үөллээх кэккэлэччи тардыллан эһигини
күүтэллэр.
Дьөһүөлдьүт уол:Кинилэри сэргэ
Таҥалайдаах ойуулаах
Далбар чабычах,
Этигэн Куо:Бачыгырас ойуулаах
Матаарчах иһиттэр
Киэргэл буолан
Бачыгыраччы ууруллубуттар.
Ыһыах сиэрэ-туома
Дьөһүөлдьүт уол: Өбүгэлэрбит үтүө үгэһинэн алгыс тыллаах ыһыахпытын олохпутун
түстүүр сырдык күҥҥэ Үрүҥ Аар тойоҥҥо сүгүрүйэр сиэринэн-туомунан саҕалыыбыт.
Этигэн Куо: Аан ийэ дойдубут
Арыы далбар быарыгар
Арыаллаһан тураммыт
Айыы дьонун үгэһинэн
Сиэри-туому тутуһан
Ыһыахпытын аһыаҕыҥ!
Сахалыы сырдык мааны таҥастаах Алгысчыт эдэр оҕолору арыалдьыттанан киирэр.
Алгысчыт кымыстаах чороон тутан киирэр (илин диэки хайыһан турар):Аламай маҥан күммүт
аалыы көмүс сардаҥата аан ийэ дойдубар арылыйа дугунна. Уйгулаах улуу дойдум унаар күөх
ньуура уйгуура уһунна. Ыһыах эбир хамыйаҕа уруйунан далбаатанна. Уруй-туску улаатта!
(тойон чороонтон эбир хамыйаҕынан кымыһы баһан ылан үс төгүл сири аһатар). Саха бастыҥ
түһүлгэтин, кэлэр кэнчээрибит, оҕо дьоммут ыһыаҕын астахпыт буоллун! (үс төгүл оту-маһы
аһатар). Уруй-айхал буоллун! Уруй-туску буоллун! (үс төгүл үс өттүнэн ыһар). Алгысчыт
арыалдьыттарыныын тахсар.
Ыһыах оонньуута
Дьөһүөлдьүт уол: Күндү оҕолор!Түһүлгэҕэ чугаһааҥ,
Ырыа-тойук тардыаҕыҥ,
Сайыммытын көрсүөҕүҥ,
Саргыланан үөрүөҕүҥ!
Оҕолор кэнсиэр көрдөрөллөр.

Ыһыах аһылыга
Этигэн Куо: Улуу тунах ыһыаҕар
Саалыыр биэбит кымыһын,
Утаппыттыы иһиэҕиҥ!
Саха мааны астарын
Түһүлгэҕэ тардыаҕыҥ!
Түһүлгэни төгүрүччү олорон аһааһын. Оҕолору кытары иитээччилэр, төрөппүттэр,
ыалдьыттар күөх окко, таҥас олбоххо олорон аһыыллар.
Ыһыах көрө-нара, илии-атах оонньуута
Дьөһүөлдьүт уол: Чэй эрэ, эдэр чэгиэн эрэттэр, кус быһыйдар, ат бөҕөстөр, оонньоонкөрүлээн көрдөрүҥ! Тустуук оҕо тустар, быһый оҕо сүүрэр кэрэ кэмэ кэллэ!
Ким баҕалаах илии-атах оонньуутугар киирэр, сорох сырсар. Ол кэнниттэн өбүгэ
оонньуутуттан маассабай оонньуунан бу түһүлгэни түмүктүүллэр.
Ыһыах сабыллыыта
Этигэн Куо: Бүгүн бука бары үөрдүбүт-көттүбүт, үрүҥ күҥҥэ сүгүрүйдүбүт. Кыайбыт-хоппут
оҕолорго бириис туттарабыт, барыгытын эҕэрдэлиибит уонна инникитин даҕаны быыппастар
былчыҥнаах, кытаанах иҥиирдээх, сүүрүк бэрдэ, кылыыһыт ааттааҕа буолуҥ диэн алгыыбыт.
Күндү оҕолор, төрөппүттэр, ыалдьыттар! Саха таптыыр үҥкүүтүгэр оһуохайга ыҥырабыт
уонна онон ыһыахпытын түмүктүүбүт!
Дьөһүөлдьүт уол: Көхсүттэн тэһииннээх,
Көмүскэстээх санаалаах
Күн өркөн дьоннорун
Күрүөх билэ ыччата,
Биһиги кэрэчээн оҕолорбут
Кэнчээри ыччаппыт!
Үҥкүүлээбит сиргитигэр
Үкэр от үүннүн!
Атыллаабыт сиргитигэр
Ача от астын!
Үрүҥ күн мэлдьитин
Эһиэхэ эрэ мичээрдин!
Оһуохай: ыһыах дьоно бука бары киирэн оһуохайдыыллар.

ҮӨРЭХ СҮРҮННҮҮР БЫРАГЫРААМАТА
ТӨРДҮС САЛАА
ОСКУОЛАҔА КИИРИЭХТЭЭХ СААСТААХ ОҔО СИТИҺИИТЭ

Тосхол

75

1. ОСКУОЛАҔА КИИРИЭХТЭЭХ СААСТААХ ОҔОНУ САЙЫННАРАРГА
СҮРҮН ИРДЭБИЛЛЭР
(СР Үө.М. 01-08/4342 N-дээх 2008 с. ахсынньы ый 22 к. бирикээһинэн бигэргэммитэ)
Ааптардар: Ефимова Д.Г. ТООЧИ с.н.с., салайааччы. Аммосова В.В.ТООЧИ н.с., Прокопьева
М.М.п.н.к., СГПА профессора, Карамзина У.А., п.н.к., СГУ ПИ доцена, Капрынова А.С., Чурапчы
УҮөУ методиһа, Харитонова М.Н., СГУ психология факультетын ст. преподавателэ.
1.1 ОҔО ОСКУОЛАҔА БЭЛЭМИГЭР СҮРҮН ИРДЭБИЛЛЭР
Эт-хаан сайдыыта
Соруга: Оҕо эт-хаан ѳттүнэн сайдыыта, хамсаныыта, тутта-хапта сылдьыыта сааhынан,
кыаҕынан сайдарын ситиhии, тус бэйэтин кыаҕар эрэнэр санааны үѳскэтии.
Ис хоhооно: бэйэни кѳрүнүү-хараныы, сэрэхтээх буолуу, чѳл олох туhунан сүрүн
ѳйдѳбүллэр, эти-хааны сайыннарар хамсаныылар.
Кэпсиир, быhаарар:
а) Сэрэхтээх буолуу быраабылатын;
б) Чѳл олох туhунан сүрүн ѳйдѳбүллэри:
- эти-хааны эрчийии, сүүрүү-кѳтүү, хамсаныы доруобуйаҕа туhалааҕын;
- күннээҕи режим туhунан ѳйдѳбүлү (сѳпкѳ уонна кэмигэр аhааhын, утуйуу, оонньуу);
- бэйэни харыстанар, дьаhанар түгэннэри;
- арыгы, табах киhи доруобуйатыгар буортулааҕын.
в) Эти-хааны сайыннарар хамсаныылары, оонньууну:
- ѳбүгэтин үгэс буолбут спортивнай уонна хамсаныылаах оонньууларын (кылыы,
ыстаҥа, мас тардыhыы, харах симсии, биhилэх кутуhуу уо.д.а.) билэр, холонон кѳрѳр, бэйэтэ
кѳҕүлүүр, тэрийсэр;
- сахалыы үҥкүү хамсаныыларын (дьиэрэҥкэй, атах тэпсии, оhуохай уо.д.а.);
- сахалыы остуол оонньуутун арааhын (хабылык, хаамыска, тырыынка, тыксаан уо.д.а.);
- тарбаҕын, этин чааhын сахалыы ааттарын;
- норуот номоҕор киирбит күүстээх, быhый дьону;
- дьыл кэмнэринэн сөп түбэhиннэрэн улахан дьон дьарыгын, үлэтин-хамнаhын;
- сахалыы эт-хаан туругун, кыаҕын этэр ѳйдѳбүллэри быhаарар (сымса, имигэс, мѳдѳѳт,
тэтиэнэх, түргэн, сыыдам, сылбырҕа, бытаан, күүстээх, мѳлтѳх уо.д.а.).
г) Хайысханы:
- этин чааhын: уҥа, хаҥас илиим, атаҕым, кулгааҕым, хараҕым;
- бэйэтин уонна атын эттиктэн кѳрѳн араас хайысханы таба быhаарар, онон сирдэтэр
(мин хаҥас, уҥа ѳттүбэр, иннибэр, кэннибэр, үрдүбэр, чугас, ыраах диэн тыллары сѳпкѳ туттар.
Атын эттик таhыгар, аттыгар, анныгар, кэннигэр, үрдүгэр турар эттиктэри булар, быhаарар);
- олорор дьиэтин, дэриэбинэтин (куоратын) сүрүн тэрилтэлэрин тас моhуоннарынан
уонна ханнык уулуссаҕа ханан туралларын билэр, ханан эргийэн, быhа түhэн тиийэри
быhаарар;
- чугастааҕы тыаҕа, хонууга, күѳлгэ барар суолу, маhы-оту бэлиэ оҥостон хайысхатын
быhаарар, сирдэтэр.
Тэҥниир:
- киhи сиир-сиэбэт отун-маhын, сытыйбыт аhы-үѳлү араарар;

- түргэн, бытаан хамсаныы, оонньуу тэтимин быhаарар, сѳпкѳ толорор;
- спортивнай тэрил туттуллар аналын;
- спортивнай таҥас аналын.
Бѳлѳхтүүр:
- илиигэ, тарбахха, атахха, сискэ туhалаах эрчиллиилэри, доруобуйаҕа, уопсай
сайдыыга туhалаах хамсаныылары.
Сатыыр:
- илиитин, атаҕын сѳпкѳ тутан, дьүѳрэлээн эрэллээхтик хаамар, сүүрэр, ыстанар,
сыыллар;
- улахан киhи ыйдаҕына, кѳрдѳстѳҕүнэ араас хамсаныылары, сорудахтары ѳйдѳѳн
сѳпкѳ толорор;
- араас хамсаныылаах оонньуулары умсугуйан оонньуур, хас да оонньуу быраабылатын
билэр, тэрийэр;
- араас дистанцияларга тэтимнээхтик уонна холкутук сүүрэр;
- анал дьарыкка хамаанданы сатаан истэр уонна сѳпкѳ толорор;
- олорон, туран, сытан эрэ араас сорудахтаах хамсаныылары оҥорор;
- хамсаныылаах оонньуу быраабылатын тутуhар;
- уҥа, хаҥас атаҕар кылыйар, икки атаҕын холбуу тутан миэстэтиттэн иннин диэки
сыҕарыйан ыстанар уонна сатаан сиргэ түhэр;
- араас ньыманы туттан мэhэйи туоруур;
- үѳhэ, аллара түhэр, тахсар, ыттар, хатаастар;
- эттиги ыраах, чугас быраҕар, хабар, тэйитэр, ѳрѳ быраҕан хабан ылар;
- илиитинэн имигэстик туттар-хаптар, эттик араас кѳрүҥүн, кэриҥин, араарар,
билгэлиир;
- хас да тарбах оонньуутун оонньуур (остуолга сүѳгэй иирдиитэ, тарбах кистээhин, таба
оҕустарыма уо.д.а.);
- илиитэ сылайдаҕына, боростуой эрчиллии оҥорон (тарбахтарын сахсыйан, мускуйан,
хамсатан уо.д.а.) сынньатар.
Олоҕор туттар:
а) Бэйэтин кѳрүнэри:
- этин-сиинин ыраастык тутар, суунар-тараанар: сирэйин, тииhин киэhэ, сарсыарда,
илиитин киртийэриттэн кѳрѳн суунар, баттаҕын кѳрүнэр;
- кэтэр таҥаhын чэнчистик тутар;
- күн-дьыл уларыйыытынан, анал түгэнинэн (дьарыкка, үлэҕэ, бырааhынньыкка) кѳрѳн
таҥаhын сѳпкѳ таҥнар, уларыттар;
- оонньуур, уруhуйдуур, аhыыр, үлэлиир кэмҥэ остуолга, олоппоско сѳпкѳ туттан
олорор;
- чугас дьонугар, доҕотторугар кѳмѳлѳhѳр, эйэҕэстик сыhыаннаhар.
в) Сэрэхтээх буолары:
- соҕотоҕун билбэт сиригэр-уотугар сылдьыбат;
- дьиэ таhыгар, тыаҕа-хонууга билбэт отун-маhын айаҕар укпат, сиэбэт;
- дьиэҕэ-уокка испиискэнэн, уhуктаах, кырыылаах, сытыы малларынан оонньообот,
иhити-хомуоhу, дьиэ иhинээҕи уокка холбонор тэриллэри сэрэнэн туттар;
- чараас мууска, дириҥ ууга, этиҥнээх, чаҕылҕаннаах күҥҥэ мээнэ сылдьыбат;
- билбэт дьонун, итириги кытта кэпсэппэт, барсыбат, массыынаҕа олорсубат. Ыксаллаах

түгэҥҥэ кѳмѳ кѳрдүүр, дьон болҕомтотун тардар;
- бэйэтин туругун быhаарар (тоҥнум, тириттим, сылайдым, уо.д.а.);
- араас түгэннэргэ бэйэтин кыаҕын учуоттанар, сѳптѳѳхтүк быhаарынар (олус үрдүк,
дириҥ, ыарахан уо.д.а.);
- хатаастар, ыттар, сыыллар, ойор түгэннэргэ сэрэхтээхтик туттар;
- ылыммыт сорудаҕын тиhэҕэр тиэрдэр, үчүгэйдик оҥорорго кыhаллар;
- анал дьарыкка, оонньууга ылбыт билиитин, сатабылын күннээҕи олоххо туhанар;
- араас ѳрүттээх оонньуулары кѳҕүлүүр, тэрийсэр, бэйэтэ айан оонньуур;
- тулуурдаах, дьулуурдаах буоларга кыhаллар;
- дьиҥнээх оонньуурдары, тэриллэри маhынан, атын малларынан солбуйан бэйэтэ айан
оонньуур;
- сатаабат, билбэт оҕолорго кѳмѳлѳhѳр, сүбэлиир.
Кэрэ эйгэтигэр сыһыан
Соруга: Кэрэни сэҥээрэр, дуоһуйар, кэрэхсиир, умсугуйар, кыаҕынан кыттар, айар
дьоҕурун сайыннарыы, тус бэйэтин көрүүтүн сатаан биэрэрин ситиһии. Ийэҕэ-аҕаҕа, сиргэуокка, төрөөбүт дойдуга, айылҕаҕа таптал иэйиитин уһугуннарыы.
Ис хоһооно: уруһуй, оҥоһук, үҥкүү, музыка, ырыа-тойук, норуот уус-уран айымньыта.
Быhаарар, араарар:
- ойуулуур-дьүhүннүүр искусство сүрүн ѳйдѳбүллэрин быhаарар, араарар;
- уруhуйдуур тэрил арааhын, туттуллар аналын, туохтан оҥоhуллубутун;
- саха, нуучча норуоттарын киэргэтэр ойууларын;
- музыка кѳрүҥүн (классическай, норуот айымньыта, аныгы музыка) арааран билэр;
- улуус мелодистарын, ырыаhыттарын, Саха сирин композитордарын билэр;
- музыкальнай инструменнары билэр, тыаhынан араарар (хомус, дүҥүр, табык,
кырыымпа, күпсүүр);
- ырыа (норуот ырыата, эстрада ырыата, классическай ырыа), үҥкүү кѳрүҥнэрин (вальс,
полька, мазурка, оhуохай уо.д.а.) билэр;
- театр диэн тугун билэр, аналынан (эстрада, драм, опера, кѳр-күлүү, шоу, куукула, киинэ
театрдара) араарар;
- телевидение программаларыгар оҕоҕо аналлаах киинэ, мультфильм, күрэхтэр,
оонньуулар кѳстѳллѳр диэн араарар.
Сатыыр:
- бэриллибит сорудаҕы ѳйдүүр, былаанныыр, тэрийэр, оҥорор, тиhэҕэр тиэрдэр;
- туттубут тэрилин, оонньуурун хомуйар, уурар;
- уруhуйдууругар, мэhийэригэр, сыhыарарыгар туруоруммут сыалын бэйэтэ талан
арыйар, араас ньыманы, тэрили, матырыйаалы туттар;
- хоhоону, үҥкүүнү, ырыаны, оруоллары ис санаатыттан, иэйиититтэн толорор;
- араас омук оонньуутун, ырыатын, үҥкүүтүн, уус-уран айымньытын тэҥниир, уратытын
кэпсиир;
- бэйэтэ тугу сатыырын кэпсиир, кѳрдѳрѳр, сыаналанар (мин сатаан ыллыыбын,
уруhуйдуубун, үҥкүүлүүбүн, хоhоон ааҕабын, бырааhынньыкка кыттабын);
- атын оҕо, дьон ис туруктарын ѳйдѳѳн кѳрѳр (үѳрэр, хомойор, астынар, санааргыыр,
сѳбүлүүр), араарар, кѳрдѳрѳр;
- оҥоhуктары матырыйаалыттан кѳрѳн ханнык искусство кѳрүҥэ буоларын быhаарар.

Айар:
- истибитин, кѳрбүтүн, ис санаатын уруhуйдаан, музыканан хамсанан кѳрдѳрѳр, ырыахоhоон, кэпсээн, остуоруйа айарга холонор.
Олоҕор туттар:
- билбитин-кѳрбүтүн уруhуйугар, оҥорон таhаарар айымньытыгар дьүhүннэри,
эттиктэри табыгастаахтык туhанан киэргэтэр;
- тулалыыр эйгэтин, хоhун киэргэтэ сатыыр;
- чугас дьонугар бэлэхтэри оҥорор;
- санаатыттан, иэйиититтэн ыллыыр, үҥкүүлүүр, уруhуйдуур, мэhийэр, аттарар,
хамсанан уобарастары кѳрдѳрѳр;
- баҕатынан хомуска оонньуур, тойуктуур, оhуохайдыыр, олоҥхо геройдарын үтүктэр.
Соруга: Оҕо уйулҕатын уратытыгар сөп түбэһиннэрэн толкуйдуур, өйгө тутар, оҥорон
көрөр, кэпсэтэр, санаатын аһаҕастык этэр, айар дьоҕурун, билэ-көрө сатыыр көҕүн
сайыннарыы.
Ис хоһооно: Ситимнээх саҥа, тулалыыр эйгэ, айылҕа, төрөөбүт дойду, ааҕарга
бэлэмнээһин, уус-уран айымньы, ахсаан, экономика.
Билэр, интэриэhиргиир:
- тѳрѳппүттэрин, аймахтарын, чугас ыалын, тѳрѳѳбүт дойдутун биллиилээх дьонун
аатын-суолун, дьарыгын;
- тѳрѳѳбүт дойдутун символикатын;
- Россия, Саха сирин киин куораттарын;
- Саха сиригэр олорор омуктары, кинилэр култуураларын;
- олорор сирин, чугас сытар улуус, нэhилиэк аатын;
- улууhун, тѳрѳѳбүт сирин үѳскээбитин туhунан номоҕу, үhүйээни, кэпсээни;
- олорор сирин-уотун ытык, кэрэ миэстэлэрин (музей, пааматынньык, театр, ыhыахтыыр
сир), улахан күѳл, ѳрүс аатын, чугастааҕы сүрүн тэрилтэлэри;
- транспорт кѳрүҥнэрин;
- суукка чаастарын, нэдиэлэ күнүн, ыйдар ааттарын, дьыл кэмин;
- айылҕаны харыстыыр сиэри-туому, кинилэр суолталарын;
- тѳрѳѳбүт дойдутун кыылын-сүѳлүн, кѳтѳрүн-сүүрэрин, үѳнүн-кѳйүүрүн, балыгын
аатын, үѳскүүр, олорор эйгэтин, үүнээйи араас кѳрүҥүн;
- этии, тыл, сүhүѳх, аhаҕас дорҕоон, бүтэй дорҕоон, дифтонг ѳйдѳбүлүн, тѳрѳѳбүт тылын
буукубаларын;
- олохтоох автордар уонна Саха сирин суруйааччыларын ааттарын-суолларын, оҕоҕо
аналлаах айымньыларын;
- норуот тылынан айымньытын (олоҥхо, остуоруйа, таабырын, чабырҕах, ѳс хоhооно)
уонна уус-уран айымньы сүрүн кѳрүҥнэрин (кэпсээн, хоhоон);
- ахсаан маҥнайгы ѳйдѳбүллэрин, киhи олоҕор суолтатын;
- экономика, атыы-тутуу ѳйдѳбүлүн;
- киhи айылҕа баайын туhаҕа таhаарыытын;
- харчы дьон үлэтин түмүгэ буоларын;
- бэйэ бас билиитэ, кэлэктиип, уопсастыба, судаарыстыба бас билиитэ диэн судургу
ѳйдѳбүлүн.
Араарар, тэҥниир, бѳлѳхтүүр:
- дьиэ тэрилин, мал-сал, оонньуур, таҥас-сап, иhит-хомуос, ас-үѳл уратытын (ѳҥѳ,

быhыыта-таhаата, кээмэйэ, матырыйаала, хаачыстыбата, арааhа, анала);
- саха иhитин-хомуоhун, аhын-таҥаhын, былыргы уонна аныгы олоҕун-дьаhаҕын;
- техниканы тас кѳрүҥүнэн, сылдьар (кѳтѳр, устар, сүүрэр), туттуллар аналынан (таhаҕас
тиэйэр - дьону таhар массыына);
- кыылы, кѳтѳрү-сүүрэри, үѳнү-кѳйүүрү олорор, үѳскүүр эйгэтинэн, аhылыгынан,
туhатынан;
- дьыл кэминэн тыынар тыыннаах уларыйарын, эйгэтигэр сѳп түбэhэрин, ууhууртэнийэр уратытын;
- үүнээйи араас кѳрүҥүн уратытынан (мас, талах, от, сибэкки), үүнэр сиринэн, туhатынан
(эмтээх, сиэнэр-сиэммэт, дьааттаах);
- айылҕа кѳстүүлэрин, дьыл кэмин уларыйыыларын;
- уhун, кылгас аhаҕас дорҕоон; дифтонг уонна аhаҕас дорҕоон; аhаҕас, бүтэй дорҕоон
этиллиитин;
- пааралаhар бүтэй дорҕооннору (б-п, с-ш, х-ҕ, ҥ-н, г-к, д-т);
- айымньы саҕаланыытын, сүрүн чааhын, бүтүүтүн;
- чыыhыла эрээтин састаабын араарар, тэҥниир;
- эттик быhыытын, кэриҥин, ыйааhынын, ахсаанын араас ньыманы туттан быhаарар,
тэҥниир, чаастарга араарар, холбуур;
- задача усулуобуйатын уонна ыйытыгын;
- табаар сыаната туохтан тутулуктааҕын (табаар хаачыстыбатыттан, тѳhѳ элбэҕиттэн
уо.д.а.);
- ороскуот уонна барыыс суолтатын;
- тыа хаhаайыстыбатын уонна промышленность үлэтин уратыларын;
- сайыҥҥы уонна кыhыҥҥы үлэлэр ис хоhооннорун, суолталарын.
Кэпсиир, быhаарар:
- предмети, айылҕа кѳстүүтүн тылынан ойуулуур;
- бэриллибит тиэмэ тула кэпсэтэр;
- истибитин-кѳрбүтүн, айылҕаҕа сылдьыбытын кэпсиир, сонунун үллэстэр;
- биир эбэтэр хас да хартыына ис хоhоонун ситимнээн кэпсээн толкуйдуур;
- оҥоhугун, уруhуйун, үлэтин, кэтээн кѳрүүтүн түмүгүн кэпсиир, хайдах оҥорбутун
быhаарар;
- бэйэ кырдьыгын дакаастыыр;
- ойууну, альбому, кинигэни, сурунаалы сэргээн кѳрѳр, санаатын этэр;
- тугу билиэн баҕарарын чопчулаан ыйыталаhар;
- айан кэпсиир;
- этии хас тылтан турарын быhаарар;
- тылы сүhүѳҕүнэн, дорҕоонунан ырытар;
- дорҕоон, сүhүѳх эбэн тылы уhатар, кубулутар, дьайыытын быhаарар;
- уhун, кылгас этиини тэҥниир, бэриллибит схеманан эбэтэр тылларынан этии
толкуйдуур;
- айымньы ис хоhоонунан кэпсэтиигэ кыттар, ыйытар уонна ыйытыыга хоруйдуур;
- айымньы геройдарын куhаҕан, үчүгэй быhыыларын сыаналыыр;
- айылҕа кѳстүүтүн ойуулуур, сыhыанын этэр;
- күннээҕи олоҕуттан ахсааҥҥа холобурдары толкуйдуур;
- задача усулуобуйата, ыйытыыта диэн быhаарар, суоттуур;

- табаары, ѳҥѳнү оҥоруу туhатын кэпсиир;
- сахалар тѳрүт дьарыктара сүѳhү-сылгы иитиитэ буоларын ѳйдүүр, кэпсиир.
Сатыыр:
- тыллары таба ситимниир;
- туhааннаах тылы-ѳhү кэмигэр туттар;
- биир, утары суолталаах тылы була оонньуур;
- хайааhын хаhан, ханна, хайдах буоларын чопчулуур;
- ыйытыыга хоруйдаан этиини ситэрэн, тэнитэн биэрэр;
- тѳрѳѳбүт тылын дорҕооннорун чуолкайдык саҥарар;
- дорҕоону арааран истэр, бэлиэтиир;
- кылгас тылы, сүhүѳҕү ааҕар;
- тэтэрээт сурааhынын тутуhан, буукуба элеменнэрин суруйар, оhуору уруhуйдуур;
- бэчээтинэйинэн суруллубут буукубалары кѳрѳн араарар;
- кырыллыбыт буукубанан, кубигынан тылы суруйар;
- айымньы ис хоhоонун ѳйдүүр, ырытыhар, санаатын үллэстэр;
- хоhоону ѳйтѳн ааҕар;
- истибит айымньытын оруолунан үллэстэн оонньуур, персонажтарыгар сыhыанын
куолаhынан тириэрдэр;
- айылҕаны кэтээн кѳрбүтүн бэлиэтиир;
- эбэр, кѳҕүрэтэр, суоттуур, ѳлүүскэлэргэ араарар, тэҥниир;
- толкуйдааhыннаах задачаны суоттуур;
- эттик үрдүгүн, устатын, туоратын табыгастаах ньыманан кээмэйдиир;
- убаҕас эттиги мээрэйдиир.
Олоҕор туттар:
- улахан киhини, оҕону кытта сатаан кэпсэтэр;
- дьон саҥатын ѳйдѳѳн истэр;
- иhирэх тылы туттар;
- оонньуу ис хоhоонун сайыннарар, тупсарар, тэрийэр;
- айылҕаҕа, дьон мустар сиригэр, уулуссаҕа сылдьыы сиэрин тутуhар;
- дьиэ иhигэр-таhыгар туох уларыйбытын ѳйдѳѳн кѳрѳр, быhаарар, кыаҕынан
кѳмѳлѳhѳр;
- кинигэ ойуутун-бичигин сэргээн кѳрѳр, билэр буукубаларын ааттыыр;
- тэт тик хоhоону, остуоруйаны кэпсиирит тэн дуоhуйар, дьоро киэhэҕэ,
бырааhынньыкка үѳрэ-кѳтѳ кыттар;
- айымньы ис хоhоонугар сыhыанын этэр, уруhуйдуур, оонньуур;
- тылы дорҕоонунан уларыта, саҥа тылы толкуйдуу оонньуур;
- күннээҕи олоҕор тулалыыр эттик ахсаанын ааҕар, суоттуур, кэмниир, мээрэйдиир,
үллэрэр;
- дьиэ кэргэн үбүн тыырарыгар кыттыыны ылар, кэмчилээн туттар.
Майгы-сигили, сиэр-үгэс
Соруга: Бэйэтигэр, тулалыыр эйгэҕэ сѳптѳѳх сыhыаны уонна бодоруhуу сиэрин иҥэрии.
Ис хоһооно: тулалыыр эйгэҕэ сыһыан, бодоруһуу, майгы-сигили, бэйэҕэ сыһыан.
Быhаарар, кэпсиир:
- үчүгэй, куhаҕан, аньыы, сиэр, сэт-сэмэ диэн тугун;

- кыаҕынан толоруохтаах эбээhинэhин;
- остуолга олоруу, аhааhын сиэрин-туомун;
- эҕэрдэлэhии, быраhаайдаhыы сиэрин-туомун;
- дьон бэйэ-бэйэтигэр сыhыанын, хардарыта кѳмѳлѳсүhүү, истиҥ сыhыан суолталарын;
- оҕону атаҕастаабатын, бэйэтин атаҕастаппатын;
- билэр, билбэт дьону кытта бодоруhуу уратытын;
- эҕэрдэлэhии, кѳрдѳhүү, махтаныы, аhыныы, харыhыйыы, кѳмүскэнии, кыбыстыы
уратыларын.
Сатыыр:
- майгы-сигили өйдөбүллэрин араарар;
- бэйэтэ оҥорор дьайыыларын быһаарар;
- сиэри-үгэһи кыаҕынан өйдүүр уонна тутуһар;
- дьоҥҥо-сэргэҕэ сылдьыытыгар бэйэтин сатаан салайынар;
- бэйэтин сатаан дьаhанар, чэнчистик, сэмэйдик туттар;
- дьон үлэтин түмүгүн сыаналыыр, харыстыыр;
- кыыс-уол уратытын тутуhан кыаҕынан кѳмѳлѳhѳр, бэриллибит сорудаҕы кэмигэр
толорор;
- тэҥнээхтэриниин эйэлээхтик оонньуур, бодоруhар;
- иhирэх тылы туттар;
- тулалыыр эйгэҕэ, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыhыаннаhар;
- дьон-сэргэ ортотугар тутта-хапта сылдьыы быраабылатын тутуhар;
- атын омук дьонун убаастыыр, билэ-кѳрѳ сатыыр;
- үчүгэйи - куhаҕаны араарар, сыаналыыр;
- атын киhи ис туругун ѳйдүүр, сыаналыыр, убаастыыр;
- бэйэтин баҕа санаатын кыана туттар, эппиэтинэhин ѳйдүүр;
- саҕалаабыт оонньуутун, үлэтин тиhэҕэр тиэрдэргэ дьулуhар;
- сэрэхтээх буолуу бырааабылатын тутуhар;
- ис иэйиитин, санаатын атын киhи ылынарын курдук этэр;
- дьон, оҕо күлүү гынарын, эҕэтин ѳйдѳѳн сатаан кѳмүскэнэр;
- кырдьаҕас дьон сүбэтин-такайыытын, сэмэлээhинин, алгыhын ылынар.
Олоҕор туттар:
- оҕо дьиэтин дьонун ытыктыыр, кыаҕынан кѳмѳлѳhѳр, тапталын биллэрэр;
- кыыс, уол айылгытын уратытынан бэйэтин кѳрүнэр, харыстанар;
- дьиэ ис-тас үлэтигэр кыттыhар, санаатыттан кѳмѳлѳhѳр;
- оҕолору кытта тапсан оонньуур;
- билэр, билбэт киhитин, оҕону кытта табыгастаахтык бодоруhар;
- норуот олоҕун укулаатын билэ-кѳрѳ сатыыр, тутуhар.
1.2 ОСКУОЛАҔА КИИРИЭХТЭЭХ СААСТААХ ОҔО САЙДЫЫТЫН СЫЛЫКТААҺЫН
(Оҕо саадын коллектива бэйэтэ быһаарыытынан үлэтигэр туттарыгар)
Чинчийии хайысхалара:
1. Оскуолаҕа киирэр оҕо сүрүн уонна дэгиттэр үѳрүйэхтэрин сылыктааhын:
- Чѳл турук. Бэйэни кѳрүнүү-хараныы, харыстаныы, сэрэхтээх буолуу туhунан сүрүн
ѳйдѳбүллэри олохсутууну сылыктааhын.

- Тѳрүт култуура. Сиэр-үгэс олохсуйуутун, норуот кутун-сүрүн, үтүѳ ѳйүн-санаатын иҥэриниитин, ийэ тылга, атын омук култууратыгар интэриэс үѳскээhинин сылыктааhын.
- Тобуллаҕас ѳй. Сүрүн үѳрэнэр үѳрүйэҕин, билэр-кѳрѳр баҕатын, тобулук ѳйүн сайдыытын
сылыктааhын.
2. Сиэр-майгы сайдыытын сылыктааhын.
3. Иитэр-сайыннарар эйгэни сылыктааhын.
Чѳл турук
а) Кэрэ сэбэрэлээх, чэнчис буоларга эйиэхэ туох нааданый? Баар маллартан талан ыл.
Тэрилэ: суунар-тараанар тэриллэри (сиэркилэ, былатыак, соттор уо.д.а) сэргэ араас
оонньуурдар, үѳрэх тээбириннэрэ, кинигэлэр.
Түмүк: сѳптѳѳх тэрили хомуйдаҕына - 2 балл, сыhыана суох малы ыллаҕына эбэтэр биирикки мал умнууга хааллаҕына 1 балл.
б) Олорор дэриэбинэҥ, улууhуҥ аатын, дьиэҥ аадырыhын, телефонуҥ нүѳмэрин эт.
Түмүк: барытын толору ааттаатаҕына 2 балл, ситэ эппэтэҕинэ 1 балл, хаста да буккуллар,
үгүстүк мунаарар түгэнигэр балл турбат.
в) Киhи доруобуйатыгар буортуну уонна туhаны оҥорор ойуулары тус туhунан наардаа.
Тэрилэ: 10-15 араас ойуу (табах, арыгы, зарядкалыы сылдьар оҕо, фрукта, оҕуруот аhа
уо.д.а)
Түмүк: барытын сѳпкѳ наардаатаҕына - 3 балл, биирдэ сыыстаҕына - 2 балл, онтон
ыарырҕаттаҕына - 1 балл.
г) Киhи иэдээҥҥэ эбэтэр алдьархайга түбэстэҕинэ, суhаллык кѳмѳ оҥорор ханнык
тэрилтэлэри билэҕиний? Ханнык телефоҥҥа эрийэргин билэҕин дуо? (Суhал кѳмѳ,
баhаарынай сулууспа, милииссийэ, МЧС)
Түмүк: барытын таба эттэҕинэ - 2 балл, бэйэтин ѳттүттэн эбии сѳптѳѳх эппиэт биэрдэҕинэ 1 балл эбиллэн биэрэр, биирдэ сыыстаҕына - 1 балл)
д) Светофору уруhуйдаа. Хас биирдии ѳҥ тугу сэрэтэрин быhаар.
Тэрилэ: илиис, араас ѳҥнѳѳх харандаастар.
Түмүк: барытын таба уруhуйдаатаҕына, сѳптѳѳх быhаарыы биэрдэҕинэ - 3 балл, ѳҥүн
бутуйан уруhуйдаатаҕына, ол эрээри сѳпкѳ быhаардаҕына - 2 балл, ыарырҕатар түгэнигэр
балл турбат.
е) Оонньуу сылдьан алҕас илиигин кыра соҕустук хайа тардыбыккын, хаан тахсыбыт.
Бастаан тугу гыныаҥ этэй?
Түмүк: Бастакы кѳмѳнү бэйэтэ оҥостор - 2 балл, дьоҥҥо этэр - 1 балл.
ж) Сэрэхтээх буолуу ханнык быраабылаларын билэҕиний?
Түмүк: алтаттан үѳhэ быраабыланы эттэҕинэ - 3 балл, 4-5 быраабылаҕа – 2 балл, онтон
аллара - 1 балл.
з) Доруобай буоларга ханнык харыстанар уонна чэбдигирдэр сиэри тутуhуохха сѳбүй?
Түмүк: режим, зарядка, чэнчистик туттуу, аhылык, харыстанар дьаhаллар тустарынан
сиhилии кэпсээтэҕинэ - 3 балл, биири эмэ кѳтүттэҕинэ, ситимнээн сиhилии кэпсээбэтэҕинэ - 2
балл, улахан киhи кѳмѳтүнэн быhыта-орута саҥаран кэпсиир түгэнигэр - 1 балл.
и) Ханнык сахалыы хамсаныылаах оонньуулары билэҕиний?
Түмүк: 5-6 оонньууну ааттаатаҕына - 3 балл, 3-4 оонньуу – 2 балл, 1-2 оонньуу – 1балл.

Оҕо чѳл туругун таhымын быhаарыы
Үрдүк таhым (19-24 балл).
Бэриллибит сорудахтарга толкуйдаан, холкутук туттан толору хоруйу биэрэр. Ситимнээн
сиhилии кэпсиир. Улахан киhи кѳмѳтүн эрэйбэт. Ыйытыыны ѳйдѳѳбѳтѳҕүнэ хатылыырга
кѳрдѳhүѳн сѳп. Д, Е, Ж, З сорудахтарга бэйэтин тус санаатын этэр, быhаарыылары, түмүктэри
оҥорор. Бэйэтиттэн эбэн, ситэрэн кэпсиир. Бэйэни кѳрүнүү-хараныы, харыстаныы, сэрэхтээх
буолуу, чѳл олох туhунан сүрүн ѳйдѳбүллэри билэр, туох туhалааҕын, буортулааҕын, доруобай
буолууну кытта туох ситимнээҕин ѳйдүүр.
Орто таhым (14-18 балл).
Улахан киhи кѳмѳтүн эрэйбэт эрээри сорудаҕы ситимэ суох биир икки эрэ этиинэн
быhаарар. Д, Е, Ж, З сорудахтарга сорох түгэҥҥэ быhаарыы биэрбэт, тугу саныырын ситэ эппэт.
Бэйэни кѳрүнүү-хараныы, харыстаныы, сэрэхтээх буолуу, чѳл олох туhунан сүрүн
ѳйдѳбүллэри билэр эрээри туох туhалааҕын, буортулааҕын, доруобай буолууну кытта туох
ситимнээҕин ситэ быhаарбат.
Намыhах таhым (13 баллтан аллара).
Улахан киhи кѳмѳтүгэр, хос быhааран биэриитигэр наадыйар, бэйэтиттэн эбэн кэпсээбэт.
Д, Е, Ж, З сорудахтарга бэйэтин тус санаатын сатаан эппэт, быhаарыылары, түмүктэри кыайан
оҥорбот. Бэйэтиттэн эбэн кэпсиир дьоҕура ситэ сайдыбатах. Бэйэни кѳрүнүү-хараныы,
харыстаныы, сэрэхтээх буолуу, чѳл олох туhунан сүрүн ѳйдѳбүллэри билэр эрээри туох
туhалааҕын, буортулааҕын, доруобай буолууну кытта туох ситимнээҕин сатаан быhаарбат.
Тѳрѳѳбүт дойду. Тѳрүт култуура.
а) Дойду былааҕын, дьаралыгын ойуутун булан кѳрдѳр.
Тэрилэ: олорор улууhун, Саха Өрѳспүүбүлүкэтин, Арассыыйа уонна биир атын омук
дойдутун былаахтарын, дьарылыктарын ойуулара.
Түмүк: Кѳмѳтѳ суох барытын сѳпкѳ буллаҕына - 2 балл, улахан киhи кѳмѳтүнэн – 1 балл,
хаста да бутулуннаҕына балл турбат.
б) Эн ханнык омуккунуй? Өссѳ атын ханнык омуктары билэҕиний?
Түмүк: хас биирдии эппиэккэ 1 балл бэриллэр.
в) Доҕордоhуу, доҕор туhунан ханнык ѳс хоhооннорун билэҕиний? Эппит ѳс хоhоонун ис
суолтатын быhаар.
Түмүк: Хас биирдии этиллибит ѳс хоhоонугар 1 балл, ис хоhоонун таба быhаарар түгэнигэр
түмүк баллыгар эбии 2 балл эбиллэр.
г) Ханнык баҕарар норуот айылҕаны харыстыыр үгэстээх, сахаларга эмиэ баар. Ханнык
үгэhи билэргин уруhуйдаа.
Тэрилэ: илиис кумааҕы, харандаас.
Түмүк: ис хоhоонун арыйдаҕына 2 балл бэриллэр.
д) Ханнык фольклор кѳрүҥнэрин билэҕин, ааттаа. Холобурдаа.
Түмүк: фольклор бары кѳрүҥүн ааттаатаҕына - 3 балл, улахан аҥарын – 2 балл, 4-5
кѳрүҥҥэ холобурдаатаҕына эбии 1 балл бэриллэр.
е) Ыhыах диэн тугуй? Ыhыаҕы ойуулуур тыллары ааттаталаа. Атын омук ханнык
бырааhынньыгын билэҕиний?
Түмүк: ыhыах туhунан сүрүн ѳйдѳбүлү эттэҕинэ, ойуулуур тыллары буллаҕына (сайыны
кѳрсүү, алгыс, оhуохай, кымыс иhиитэ, ат сүүрдүүтэ уо.д.а) - 2 балл, ситэтэ суох хоруйга – 1
балл, атын омук үгэскэ киирбит бырааhынньыгын ааттаатаҕына эбии 1 балл бэриллэр.

ж) Саха норуота дьиэҕэ-уокка сылдьан тутуhар ханнык үгэстэрин билэҕиний? Ханнык
үгэhи билэргин уруhуйдаа.
Тэрилэ: илиис кумааҕы, харандаас.
Түмүк: уруhуйун ис хоhоонун арыйдаҕына 2 балл бэриллэр, ис хоhоонун, суолтатын
арыйбат түгэнигэр 1 балл.
Оҕо билиитин тѳрүт култуураҕа сыhыанын таhымын быhаарыы
Үрдүк таhым (20 баллтан үѳhэ).
Бэриллэр сорудахтары, ыйытыылары толкуйдаан, болҕомтолоохтук улахан киhи кѳмѳтѳ
суох толорор. Г, Д, Е, Ж сорудахтарга биэрбит хоруйун ис суолтатын быhаарар, ситимнээн
кэпсиир, бэйэтин олоҕор буолбут түгэннэри холобур туттар.
Орто таhым (16-19 балл).
Бэриллэр сорудахтары, ыйытыылары улахан киhи кѳмѳтѳ суох толорор. Г, Д, Е, Ж
сорудахтар хоруйдарын ис суолтатын ситэ арыйбат. Ситимэ суох быhаарыылары биэриэн сѳп.
Бэйэтин олоҕор буолбут түгэннэри тирэх оҥостубат.
Намыhах таhым (15 баллтан намыhах).
Улахан киhи кѳмѳтүн, эбии быhаарыылары кэтэhэр. Г, Д, Е, Ж сорудахтарга биэрбит
хоруйдарын ис суолтатын быhаарбат. Сорох ыйытыыларга эппиэт биэрбэт эбэтэр биир икки
эрэ тылынан хоруйдуур. Олоххо буолбут түгэннэрин тирэх оҥостубат.
Тобуллаҕас ѳй
Айар, ѳйгѳ оҥорон кѳрѳр дьоҕур
Бэриллибит фигураҕа эбии айан оноhукта оҥор.
Тэрилэ: А4 кумааҕыга биир геометрическай фигура уруhуйа, араас ѳҥнѳѳх харандаас.
Түмүк: 5-6 бытархай деталлаах, араас ѳҥүнэн киэргэтиллибит буоллаҕына - 3 балл, 4-3
деталлаах, ситэтэ суох кыраскалаах – 2 балл, 1-2 деталлаах – 1 балл.
Өйгѳ тутан хаалар дьоҕур, болҕомто
Туох уларыйбытын таай.
Тэрилэ: остуолга 5 араас оонньуур ууруллар. Оҕо 1 мүн. болҕойон кѳрѳрүгэр сорудах
бэриллэр. Ол кэнниттэн оҕо кѳрбѳт кэмигэр оонньуурдар миэстэлэрин атастаhыннарыллар.
Оҕо ханнык оонньуур миэстэтэ уларыйбытын таайыахтаах.
Түмүк: оонньуу 3 тѳгүл ыытыллар. Биир сырыыга икки оонньууру тэҥинэн миэстэтин
уларытыахха сѳп. Маны таайбыт оҕоҕо 3 балл, иккитэ 1 оонньуур уларыйбытын таайбыт
оҕоҕо 2 балл.
Ылынар, сылыктыыр үѳрүйэх
Тарбахтарын иминэн туохтан оноhуллубутун бил уонна быhаар.
Тэрилэ: мѳhѳѳччүк иhигэр тимиртэн, ѳстүѳкүлэттэн, мастан, түүттэн, таҥастан оноhуллубут
предметтэр.
Түмүгэ: барытын сѳпкѳ таайдаҕына - 2 балл, 1-2-тэ сыыстаҕына - 1 балл, хаста да
бутулуннаҕына балл бэриллибэт.
Амсай. Туох аhый, таай.
Тэрилэ: минньигэс, аhыы, туустаах астар (5-6).
Түмүк: барытын сѳпкѳ таайдаҕына - 2 балл, 1,2 сыыстаҕына - 1 балл, хаста да
бутулуннаҕына балл бэриллибэт.

Иhит. Туох тыаhай, быhаар.
Тэрилэ: магнитофоҥҥа уhуллубут дудочка оонньуур, кумааҕы хачыгырыыр, уу таммалыыр,
тыал түhэр, этин этэр, хаар хаачыргыыр тыастара, сылгы кистиир, ынах маҥырыыр саҥата.
Түмүк: барытын сѳпкѳ таайдаҕына 3 балл, 2 сыыhаҕа - 2 балл, хаста да бутулуннаҕына балл
турбат.
Сытырҕаа. Тугуй, таай.
Тэрилэ: луук, оҕурсу, дьаабылака, мыыла, шоколад, сибиэhэй хаhыат.
Түмүк: барытын сѳпкѳ таайдаҕына - 2 балл, биирдэ сыыстаҕына - 1 балл.
Билэ-кѳрѳ сатыыр кѳҕѳ
Кимиэхэ туох тэрил наадатын наардаан уур.
Тэрилэ: араас идэлээх дьон ойуута, кинилэргэ сѳптѳѳх туспа карточкаҕа туттар тэриллэр
ойуулара (6-7 араас идэ).
Түмүк: барытын сѳпкѳ уурдаҕына - 3 балл, 1-2 сыыстаҕына -2 балл, хаста да бутулуннаҕына
балл турбат.
Сорудаҕы истэр, ылынар уонна толорор дьоҕура
Тэтэрээт килиэккэтин тутуhан үлэлээ. Мин хайа диэки хас киллиэккэни сурааhынныыргын
этэн иhиэм, ону эн илиискэ кѳнѳ сурааhынынан тардан ис. Хас килиэккэни тардаргын эмиэ
этиэм. Тардан бүттэххинэ салгыы хайа диэки бараргын этэрбин кэтэhэн олор, онтон
сорудахпын салгыы толоруоҥ.
Диктант: 3 килиэккэни үѳhэ бар, 3 килиэккэни уҥа диэки, 1 килиэккэни аллара, 2
килиэккэни хаҥас диэки, 1 килиэккэни аллара, 1 килиэккэ уҥа диэки тарт, 1 килиэккэ аллара,
2 килиэккэ уҥа диэки, 3 килиэккэ үѳhэ, 3 килиэккэ уҥа, 1 килиэккэ аллара, 2 килиэккэ ханас, 1
килиэккэ аллара, 1 килиэккэ уна диэки, 1 килиэккэ аллара, 2 килиэккэни уҥа диэки тарт.
Тэрилэ: 1 кылааска туттуллар килиэккэ тэтэрээт илииhэ, уруучука.
Түмүк: сѳпкѳ толордоҕуна – 3 балл, килиэккэ таhынан тартаҕына, 1-2 алҕастаах
буоллаҕына – 1 балл.
Толкуйдуур дьоҕура
Ордугу бул. Тоҕо?
- сибиитэрэ, саппыкы. Ырбаахы, ыстаан (саппыкы)
- чымадаан, суумка, кинигэ, рюкзак (кинигэ)
- чэй, ыскаатар, килиэп, кэтилиэт (ыскаатар)
Тэрилэ: ыйытыыга сѳп түбэhэр ойуу.
Түмүк: сѳп эппиэт аайы 1 балл.
Уратытын быhаар:
- тайах уонна таба тугунан маарыннаhалларый?
- бэс харыйаттан туох уратылааҕый? Тугунан маарынныырый?
- адьырҕа кыыл туох уратылааҕый?
Түмүк: үс-түѳрт маарыннаhар ѳрүтүн, быhаарыытын сѳпкѳ эттэҕинэ 2 балл, биир-икки
майгыннаhар ѳрүтүн эттэҕинэ 1 балл, сорудаҕын сатаан онорботоҕуна эбэтэр киhиэхэ
ѳйдѳммѳт гына кэпсээтэҕинэ балл ылбат.

Оҕо тобуллаҕас ѳйүн таhымын быhаарыы
Үрдүк таhым (21-26 балл).
Сорудаҕы биэрэр кэмҥэ болҕомтолоохтук истэр, таба толорорго интэриэстээх. Улахан
киhи кѳмѳтѳ суох оҥорор, мунаардаҕына чуолкайдыыр ыйытыылары биэриэн сѳп. Үлэлиир
кэмигэр тус бэйэтин ньыматын, сатабылын буларга кыhаллар. Анал дьарыкка, оонньуу
кэмигэр ылбыт билиитин, сатабылын туhанар. Толкуйдаан оҥоро сатыыр, бэйэтигэр
эрэллээхтик туттар, саҕалаабытын тиhэҕэр тиэрдэргэ кыhаллар. 1 сорудаҕы толороругар
араас дьүhүнү дьүѳрэлээн туттар, үлэтэ элбэт деталлаах. 2, 3, 4, 5, 6 сорудахтары толорор
кэмигэр чинчийэр, ырытар, сылыктыыр, тойоннуур, бэйэтин сыаналыыр тыллары
тоҕоостоохтук туттар, алҕаьын тута кѳннѳрѳр. Оҥорбут үлэтиттэн астынар, дуоhуйууну ылар.
Орто таhым (15-20 балл).
Сорудаҕы толорор кэмигэр улахан киhиттэн тирэх кѳрдүүр, хос хатылыырыгар кѳрдѳhѳр.
Сорудаҕы биэрэр кэмҥэ болҕойон истэр эрээри, бэйэтигэр соччо эрэлэ суохтук туттар.
Күннээҕи олохтон ылбыт билиитин, сатабылын тирэх оҥосторго кыhаллар. Толкуйдаан оҥоро
сатыыр эрээри бытааннык хоруйдуур. 1 сорудаҕы толороругар бытархай детала, дьүhүнэ
аҕыйах, 2, 3, 4, 5, 6 сорудахтары толорор кэмигэр ырытар эрэ тыллары туттуон сѳп. Алҕаhын
тута кѳннѳрѳр.
Намыhах таhым (14-тэн аҕыйах балл).
Хас да сырыыга ыйытыыны ситэ ѳйдѳөмүѳн сѳп, ситэтэ суох эппиэттэри биэрэр. Бэйэтигэр
эрэлэ суохтук туттар. Сорудаҕы толороругар улахан интэриэhэ суох, тиэтэйиэн, тиhэҕэр
тиэрдимиэн сѳп. 1 сорудаҕы толороругар уруhуйун ис хоhооно дьадаҥы, биир эрэ дьүhүнү
туттуон сѳп. 2, 3, 4, 5, 6 сорудахтары толороругар саҥата суох оҥоруон, биирдии тылынан
эппиэт эрэ биэриэн сѳп.
Сиэр-майгы сайдыытын сылыктааhын
Майгы-сигили
а) Этиини иhирэх тыл кѳмѳтүнэн ситэр:
- Ийээ, бачыыҥкабын….
- Коля, харандааскын…
- Эт эрэ….. хас чаас буолла?
Түмүк: сѳптѳѳх тыллары таба туhанан саҥардаҕына 2 балл, биир сырыыга хоруй
биэрбэтэҕинэ 1 балл.
б) Дьон майгытын сирэйгинэн-хараххынан ойуулаан кѳрдѳр:
- кыыhырбыт;
- үѳрбүт;
- хомойбут;
- сэргээбит;
- санаата түспүт;
- мичээрдээбит.
Түмүк: сорудаҕы кыбыстыбакка ис ѳйдѳбүлүн таба биэрэр түгэнигэр 2 балл, мунаарар,
уhуннук толкуйга түhэр, ситэ арыйбат түгэнигэр 1 балл, 2-3 сырыыга тугу да кѳрдѳрбѳт
түгэнигэр балл турбат.
в) Үтүѳ уонна куhаҕан кэмэлдьилээх киhи туhунан ѳс хоhоонун эт. Суолтатын быhаар.
Түмүк: 4-5 ѳс хоhоонун этэн суолтатын быhаардаҕына 3 балл. Өс хоhоону этэр, сорох
сырыыга суолтатын быhаарбат түгэнигэр 2 балл, 1-2 ос хоhоону этэр, суолтатын быhаарбат 1
балл.

г). Куhаҕан уонна үчүгэй ѳйдѳбүллэри быhаар. Улахан киhи ыйытыы биэрэр, оҕо
хоруйдуур.
- оҕо ийэтигэр кѳмѳлѳhѳрѳ….? (үчүгэй)
- уулуссаҕа оонньуура…? (куhаҕан)
- уотунан оонньуура?
- эйэҕэс оҕо?
- тарбаҕын эмэрэ?
- иллээх оҕолор?
- уулуссаҕа бѳҕү ыhара?
- театрга, музейга улаханнык айдаарара?
- доҕоругар бэлэх биэрэрэ?
Түмүк: барытыгар сѳп эппиэт – 2 балл, биирдэ сыыстаҕына - 1 балл.
д) Биир эмэ сѳбүлүүр оонньууҥ быраабылатын кэпсээ.
Оҕоҕо бэриллэр ыйытыылар: оонньуу быраабылатын тоҕо тутуhабыт? Арай быраабылата
суох буоллун? (оонньуу ханнык баҕарар кѳрүҥэ буолуон сѳп: остуол, хамсаныылаах)
Түмүк: быраабылатын сиhилии кэпсээтэҕинэ, ыйытыыларга сѳптѳѳх хоруйу биэрдэҕинэ –
3 балл, быраабылатын билэр эрээри ыйытыыларга ситэтэ суох эппиэттиир түгэнигэр – 2 балл,
хайдах оонньуурун эрэ кэпсиир, ыйытыыга ситэтэ суох эппиэттиир – балл турбат.
е) Сорудаҕа: дьон-сэргэ ортотугар, общественнай миэстэҕэ сылдьыы ханнык
бырааабылаларын билэҕиний?
Түмүк: алтаттан үѳhэ быраабыланы эттэҕинэ - 3 балл, 4-5 быраабылаҕа – 2 балл, онтон
аллара - 1 балл.
ж) Түгэни ырыт: таhырдьа соҕотоҕун оонньуу сылдьыбыккын. Арай эн аттыгар биир билбэт
оҕоҥ тиийэн кэлбит. Саҥата суох эн хайдах оонньуургун кѳрѳн турбут.
Ыйытыылар: Кинини кытта эн хайдах билсиэҥ этэй? Тугу ыйыталаhыаҥ, кэпсэтиэҥ,
оонньуоҥ этэй? Эбэтэр хайыаҥ этэй? Ол туhунан кэпсээннэ оҥор эрэ.
Түмүк: иhирэх уонна бодоруhар тыллары туттар, ыйыталаhар, бииргэ оонньуурга ыҥырар,
ситимнээн кэпсиир – 3 балл, судургутук кэпсэтэр, тута оонньото ыҥырар – 2 балл, аҕыйах
тылынан ыйыталаhар, бииргэ оонньуурга ыҥырбат - 1 балл.
Оҕо сиэр-майгы ѳттүнэн сайдыытын таhымын быhаарыы
Үрдүк таhым (15-18 балл).
Үтүѳ-мѳкү ѳйдѳбүллэри, киhи ис туругун араарар, кѳхтѳѳхтүк кыттар. Дьон-сэргэ
ортотугар, общественнай миэстэҕэ сылдьыы сүрүн быраабылаларын билэр. Иhирэх уонна
бодоруhар тыллары кэпсииригэр табыгастаахтык туттар. Бэрээдэк уонна быраабыла диэн
ѳйдѳбүллэри билэр, тоҕо наадатын сатаан быhаарар. Тылын саппааhа баай, ситимнээх
саҥата сайдыбыт.
Орто таhым (11-14 балл).
Үтүѳ-мѳкү ѳйдѳбүллэри билэр, дьон-сэргэ ортотугар, общественнай миэстэҕэ сылдьыы
сорох сүрүн быраабылаларын ситэ билбэт, тоҕо тутуhуллуохтааҕар улахан болҕомто уурбат.
Иhирэх уонна бодоруhар тыллары аҕыйахтык туттар. Бэрээдэк уонна быраабыла
ѳйдѳбүллэри билэр эрээри сороҕор тоҕо наадатын ситэ быhаарымыан сѳп. Ситимнээн
кэпсииригэр ыарырҕатар.
Намыhах таhым (10 баллтан аллара).
Ыйытыыларга хоруйдууругар улахан киhи кѳмѳтүн эрэйэр, бодоруhар сатабыла ситэ

сайдыбатах, тылын саппааhа аҕыйах, ситимнээх саҥата ситэ сайдыбатах, сүрүн
быраабылалары билэр эрээри тоҕо тутуhуохтааҕын үгүс сырыыга быhаара сатаабат, киhини
кытта кэпсэтэригэр муҥкуктук туттар, саҥата кыра.
Сэhэргэhии
(С.Банков методикатынан)
Сыала: Сиэр-майгы ѳттүнэн сайдыытын сылыктааhын.
Сылыктааhын оҕону кытта биирдиилээн ытыллар. Күҥҥэ биир түhүмэх ыытыллар.
Бастакы түhүмэх.
1. Толору ааккын, баhаалыста, эт (араспаанньата, аата, аҕатын аата).
2. Аҕаҥ, ийэҥ толору аатын билэҕин дуо? Ааттаа.
3. Аҕаҥ, ийэҥ ханна үлэлииллэрий? Кинилэр курдук буолуоххун баҕараҕын дуо? Тоҕо?
4. Учуутал, быраас, иистэнньэҥ тугу гыналларый? Онтон атыыhыт, милиционер?
5. Сааhыҥ хаhый?
6. Эдьиийдээххин, балыстааххын дуо? Убай, быраат баар дуо? Бииргэ тѳрѳѳбүттэриҥ дуу,
тастыҥ дуу? Хайалара аҕаный, балыhый? Ону хайдах быhаардыҥ?
7. Сиэр-майгы ханнык быраабылатын билэҕиний? Ону хайаан да тутуhаллар дуу, биирдэ
эмэ дуу?
8. Эн санааҕар, дьиэҕэр, оҕо саадыгар эйиигин тоҕо таптыылларый?
9. Эн тугу сыыhа оҥоробун дии саныыгын? Ону хайдах кѳннѳрүѳххүн сѳбүй?
10. Оҕолор оскуолаҕа тугу гыналларый?
11. Оскуолаҕа киириэххин баҕараҕын дуо? Тоҕо? Киhи тоҕо ааҕар, суруйар, суоттуур
буолуохтааҕый?
12. Ыт оҕото атаҕын суола муостаҕа хааллаҕына тугу гыныаххыный?
13. Улааттаххына ким буолуоххунуй?
14. Хайдах киhи буолуоххун баҕараҕыный?
Иккис түhүмэх.
1. Олеся - украинка, Чубо - молдаванин (национальнай кѳстүүмнээх оҕолор ойуулара),
оттон эн омугуҥ? Тоҕо итинник саныыгыный?
2. Арай эн атын дойдуга күүлэйдии барбыккын, ийэҕин олус ахтыбыккын, сурук
суруйарга санаммыккын. Ханнык аадырыска суруккун ыытыаххыный?
3. Тѳрѳѳбүт сириҥ аатын билэҕин дуо?
4. Ханнык дойдуга олороҕунуй?
5. Россияттан атын ханнык дойдулар баалларый?
6. Ханнык дойдуга олоруоҥ этэй? Тоҕо?
7 Дьон эйэлээхтик, дьоллоохтук олороллоругар тугу гыныахха сѳбүй?
8. Сэрии диэн тугуй? Туох куhаҕаннааҕый? Эйэ диэн тугуй?
9. Эн доҕордооххун дуо? Тугу гыныаҥ этэй, ѳскѳтүн:
а) дьарык кэмигэр иитээччи ыйытыытыгар хоруйдаабатаҕына?
б) кими эмэ атаҕастаатаҕына?
в) ким эмэ кинини атаҕастаары гыннаҕына?
10. Эн атын киhи кинигэтин алҕас хайа тарпыккын. Ким да кѳрѳбѳтѳх. Тугу гыныаххыный?
11. Ийэҕинээн автобуhунан айаннаан иhэҕин, олус сылайбыккын. Ийэҥ улахан суумка
тутуурдаах. Түннүк таhыгар миэстэ босхолонно. Эн хайыаҥ этэй?

Үhүс түhүмэх. Түгэни олохтооhун.
Хамсаныылаах оонньуу «Атаххын инчэтимэ»
Сыала: Күрэхтэhии кэмигэр оҕолор бэйэ бэйэлэригэр кѳмѳлѳсүhүүлэрин, сиэрдээх
быhыыларын кэтээн кѳрүү.
Ис хоhооно. Оҕолор икки бѳлѳххѳ арахсаллар. Хос ортотугар кута ойууланар. Бѳлѳхтѳргѳ
кутаны туоруурга аналлаах 3 хаптаhын бэриллэр. Хамаандалар хаптаhыннары хардарытаары ууран кута нѳҥүѳ түргэнник туоруурга күрэхтэhэллэр. Ол кэмҥэ ыытааччы
мүччүргэннээх түгэни олохтуур - кута ортотугар биир оҕо 2 хаптаhына «тимирэн» хаалар
(ыытааччы 2 хаптаhыны ылар). Бу түгэҥҥэ оҕолор сыhыаннарын кэтээн кѳрүллэр.
Түмүгү таhаарыы
Бастакы түhүмэх.
1. Араспаанньатын, аатын, аҕатын аатын толору эттэҕинэ – 3 балл; Араспаанньатын,
аатын эрэ эттэҕинэ – 2 балл, аатын эрэ ааттаатаҕына – 1 балл.
2. Аҕатын, ийэтин аатын толору эттэҕинэ – 3 балл;
Араспаанньатын, аатын эрэ эттэҕинэ – 2 балл, аатын эрэ ааттаатаҕына – 1 балл.
3. Аҕата, ийэтэ ханна, тугу үлэлииллэрин быhаардаҕына, ыйытыыга толору
эппиэттэтэҕинэ - 5 балл; Үлэлиир сирдэрин ааттыыр, ыйытыыга ситэтэ суох хоруйдуур
буоллаҕына – 3 балл, ситэ билбэт буоллаҕына – 1 балл.
4. Идэлэр суолталарын толору быhаардаҕына – 5 балл (Холобур: быраас ыарыыны
эмтиир ньыманы булар, ыарыыны суох гынар); биир эмэ идэни ситэтэ суох быhаардаҕына 1
балл кѳҕүрээн иhэр.
5. Толору эттэҕинэ - 1 балл.
6. Ыйытыыга барытыгар толору, чуолкайдык хоруйдаатаҕына – 5 балл, биир-икки
ыйытыыга ыарырҕаттаҕына – 4 балл, биир эрэ ыйытыыга эппиэттээтэҕинэ – 1 балл.
7. Сиэр-майгы быраабылатыттан 7 ордугу эттэҕинэ - 5 балл, онтон 4-6 быраабыланы
биллэҕинэ – 3 балл, онтон аҕыйахха – 1 балл.
8. Ыйытыыга толору эппиэттээтэҕинэ - 3 балл, ыарырҕаттаҕына – 2 балл, бастакы эрэ
ыйытыыга эппиэттээтэҕинэ -1 балл.
9. Ыйытыыга толору эппиэттээтэҕинэ - 3 балл, ыарырҕаттаҕына – 2 балл, биир эрэ
ыйытыыга эппиэттээтэҕинэ - 1 балл.
10. Ыйытыыга толору эппиэттээтэҕинэ, быhаардаҕына - 3 балл, биир тылынан эттэҕинэ – 2
балл, быhаарбатаҕына - 1 балл.
11. Ыйытыыга толору эппиэттээтэҕинэ, быhаардаҕына - 3 балл, биир тылынан эттэҕинэ – 2
балл, быhаарбатаҕына - 1 балл.
12. Ыйытыыга толору эппиэттээтэҕинэ, быhаардаҕына - 3 балл, биир тылынан эттэҕинэ – 2
балл, быhаарбатаҕына - 1 балл.
13. Ыйытыыга толору эппиэттээтэҕинэ, быhаардаҕына - 3 балл, биир тылынан эттэҕинэ – 2
балл, быhаарбатаҕына - 1 балл.
14. Ыйытыыга толору эппиэттээтэҕинэ, быhаардаҕына - 3 балл, биир тылынан эттэҕинэ – 2
балл, быhаарбатаҕына - 1 балл.
Үрдүк таhым: 51-38 балл.
Орто таhым: 37-29 балл.
Намыhах таhым: 28 –тан аҕыйах балл.

Иккис түhүмэх.
1 – 8 ыйытыыларга толору эппиэттээтэҕинэ, быhаардаҕына - 3 балл, биир тылынан
эттэҕинэ – 2 балл, быhаарбатаҕына - 1 балл туруоруллар.
9. а) иитээччи ыйытыытыгар хоруйдаатаҕына – 1 балл;
б) кими эмэ атаҕастаатаҕына –2 балл;
в) ким эмэ кинини атаҕастаары гыннаҕына – 2 балл турар.
Үрдүк таhым - уопсайа –5 балл;
Ортоку таhым - икки ыйытыыга хоруйдаатаҕына - 3-4 балл;
Намыhах таhым – биир ыйытыыга ситэтэ суох хоруйдаатаҕына – 1 балл бэриллэр.
10. Үрдүк таhым - 3 балл. Оҕо алҕаhын билинэр, оҕоҕо баран аhаҕастык кэпсиир.
Кинигэни абырахтыан баҕарар;
Ортоку таhым - 1 балл. Абырахтыан баҕарар эрээри алҕаhын аhаҕастык билиммэт;
Намыhах таhым – 0 балл. Билиммэт. Кистиир. Тугу гыныахтааҕын билбэт. Эбэтэр атыылаhан
ылан кистээн уларытар.
11. Үрдүк таhым - 5 балл. Ийэтин олордор. Тоҕо олордорун быhаарар;
Ортоку таhым - 2 балл. Бэйэтэ олоруон баҕарар эрээри ийэтин олордор. Бутуллар. Ситэтэ
суох быhаарар;
Намыhах таhым – 1 балл. Бэйэтэ олорор.
Үрдүк таhым: 45 - 35 балл.
Орто таhым: 34 - 26 балл.
Намыhах таhым: 25-тэн аҕыйах балл.
Үhүс түhүмэх.
Түгэни олохтооhун. Хамсаныылаах оонньуу «Атаххын инчэтимэ».
Күрэхтэhии кэмигэр оҕолор бэйэ бэйэлэригэр кѳмѳлѳсүhүүлэрин, сиэрдээх быhыыларын
кэтээн кѳрүү барар.
Түмүк таhаарыы.
Үрдүк таhым – 3 балл. Олохтоммут түгэни тута ѳйдүүр, ханнык оҕотуттан тутулуга суох тута
кѳмѳлѳhѳргѳ кыhаллар. Ордук хаптаhынын биэрэр.
Орто таhым – 2 балл. Ким эмэ санаттаҕына, этэн биэрдэҕинэ кѳмѳлѳhѳр.
Намыhах таhым – 1 балл. Түгэни ѳйдѳѳбѳт. Кѳмѳлѳспѳт. Атын киhи мүччүргэннээх түгэҥҥэ
түбэспититтэн иhигэр үѳрэр. Туhанар.
Түмүк таhаарыы.
Үрдүк таhым. 99 – 69 балл.
Орто таhым. 70 -55 балл.
Намыhах таhым. 54-тэн аҕыйах балл.

1.3 ИИТЭР-САЙЫННАРАР ЭЙГЭНИ СЫЛЫКТААҺЫН
Сыала-соруга - оҕо инники сайдыытын хааччыйар эйгэ туругун быhаарыы.
Сылыктааhын: кэтээн кѳрүү, сэһэргэһии, дьон санаатын хомуйуу (анкетирование),
бэрэбиэркэлээhин курдук ньымаларынан ыытыллар.
Сылыктааhыны оҕо тэрилтэтин сэбиэдиссэйэ, методиhа, улуус үѳрэҕин салаатын
үлэhиттэрэ, общественнай тэрилтэлэр, төрөппүттэр түмсүүлэрэ ыытыахтарын сѳп.
Иитэр-сайыннарар эйгэни сылыктааhыны маннык сүрүн таhымнарга араарыахха сѳп:
үрдүк, орто, намыhах.
Үрдүк таhым:
Ÿ
оҕо тэрилтэтин ис-тас бараана:
Оҕо аhыыр, оонньуур, сынньанар, эт-хаан ѳттүнэн сайдар, эмтэнэр-томтонор, кэрэ
эйгэтиниин алтыhар усулуобуйата Сан ПиН 2.4.1.1249.03, баhаартан куттала суох буолуу
ирдэбилигэр эппиэттиир;
оҕо тэрилтэтин материальнай кыаҕын сайыннарарга кѳрүллүбүт үп-харчы уонна бюджет
таhынан ѳлѳрүллүбүт үп сѳпкѳ аттарыллар;
Ÿ
оҕо тэрилтэтин үлэтин тутула:
иитэр-сайыннарар үлэ тѳрѳппүт, оҕо интэриэстэрин учуоттуур, оҕо бары ѳттүнэн
сайдарын толору хааччыйар;
туhааннаах тэрилтэлэри, оскуоланы кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиир;
Ÿ
оҕо тэрилтэтин үлэтин тэрийии:
- оҕо тѳрѳѳбүт тылынан сайдар, норуотун култууратын билсэр усулуобуйата тэриллибит;
- оҕо күннээҕи олоҕор баҕа ѳттүнэн дьарыктанар, кѳҥүлүнэн оонньуур, үлэлиир
усулуобуйата тэриллибит;
- дьыл кэмин, салгын температуратын кѳрдѳрүүтүнэн оҕо күҥҥэ иккитэ салгыҥҥа,
айылҕаҕа сылдьыыта олохтоммут.
Ÿ
оҕону кытта бодоруhар, иитэр-үѳрэтэр дьон.
- бары ѳттүнэн компетентнай, сайдыылаах, оонньууну тэрийэр сатабыллаах, оҕоҕо сылаас
сыhыаннаах, сиэрдээх, анал педагогическай үѳрэхтээх үлэhитинэн толору хааччыллыбыт.
Орто таhым:
Оҕо тэрилтэтин ис-тас бараана, оҕо тэрилтэтин үлэтин тутула, оҕо тэрилтэтин үлэтин
тэрийиитэ, оҕону кытта бодоруhар, иитэр-үѳрэтэр дьонунан хааччыллыыта ирдэбилгэ ситэ
эппиэттээбэт түгэнигэр, ситэ дьаhаныллыбатах буоллаҕына ситэтэ суох таhымнаахха
тэҥнэhэр.
Намыhах таhым:
Ирдэбиллэр сүнньүнэн эппиэттээбэт, дьиэ-уот капитальнай ѳрүмүѳҥҥэ наадыйар, оҕо
доруобуйатыгар, иититигэр, сайдыытыгар кутталлаах, куhаҕан ѳттүнэн охсуулаах, программа
ирдэбиллэрэ олоххо киирбэт буоллахтарына – сѳбѳ суох таhымнаах диэн сыаналанар.

2. ОСКУОЛАҔА БЭЛЭМНЭЭХ БУОЛУУ ТУҺУНАН ПСИХОЛОГ СҮБЭЛЭРЭ
Ю.В. Андросова,
психолог, Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай
оскуолаларын чинчийэр институт научнай сотруднига
Педагогическай психологияҕа «оскуолаҕа бэлэмнээх буолуу» өйдөбүлэ олус киэҥ. Ол
курдук манна интеллектуальнай, личностнай, социальнай уонна эмоциональнай өттүнэн
бэлэм буолуу өйдөбүллэрэ киирэллэр.
Интеллектуальнай өттүнэн бэлэм буолууга оҕо өйүгэр оҥоһуллар процесстар (сатаан
тэҥниир, араарар, сүрүнүн булар, түмүктүүр о.д.а.), элбэҕи билэрэ-көрөрө, тылын-өһүн
сайдыыта, илиитэ сурук үлэтигэр бэлэм буолуута, саҥаны билэргэ-көрөргө көхтөөҕө киирэр.
Личностнай өттүнэн бэлэмҥэ, бастатан туран, «произвольное поведение» диэн ааттанар
бэйэни салайынар хаачыстыба киирэр. Ол аата быраабыланы тутуһуу, ирдэбили толоруу,
болҕойон көрүү уонна истии, бэриллибит сорудаҕы чопчу толоруу буолар. Иккиһинэн, оҕо
оскуолаҕа үөрэнэр баҕата (мотивация) киирэр. Бу хаачыстыба икки өрүттээх: 1) социальнай –
оҕо улаатан, үөрэнэр кэмэ кэлбитин өйдөөн, атын оҕолор курдук, кинилэртэн хаалбакка
оскуола киһитэ буоларга дьулуһуута (тас көстүү); 2) оҕо саҥаны билиэх-көрүөх, сайдыах,
үөрэниэх баҕата (ис турук).
Социальнай өттүнэн бэлэм буолууга оҕо тус бэйэтигэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан,
улахан дьону, тэҥнээхтэрин кытта таба сыһыаны олохтоон, сатаан бодоруһар үөрүйэҕэ
киирэр.
Эмоциональнай өттүнэн оҕо ыарахантан толлубат, атын киһи иэйиитин өйдүүр, сатаан
бэйэтин иэйээннэрин (эмоцияларын) салайынар буолуохтаах.
Оҕо оскуолаҕа үөрэнэр баҕата (мотивация) уонна сатаан бэйэтин салайынан
быраабыланы тутуһуута (произвольное поведение) оскуолаҕа бэлэмнээх буоларыгар,
оскуола усулуобуйатыгар үөрэнэригэр самаай наадалаах хаачыстыбалар. Оҕо төһө да ааҕар
уонна суруйар буолбутун иһин, бу икки хаачыстыбата ситэ сайдыбатах буоллаҕына, кини
сатаан оскуола быраабылатын уонна ирдэбилин тутуһан үчүгэйдик үөрэнэр кыаҕа суох.
Билиҥҥи туругунан, үгүс чинчийии көрдөрөрүнэн, ити этиллэр хайысхалар оҕоҕо
барытыгар биир тэҥник сайдарын ситиһэ иликпит. Оскуолаҕа бастакы кылааска киириэхтээх
6-7 саастаах Дьокуускай куорат оҕолорун чинчийии түмүгэр олоҕурдахха, оҕолор
интеллектуальнай сайдыыларын сүрүн көрдөрүүтэ бэйэлэрин саастарыгар сөп түбэһэр.
Кинилэргэ ордук оскуолаҕа үөрэнэргэ олус наадалаах бэйэни салайынар хаачыстыба ситэ
сайдыбатаҕа көстөр.
Оҕо илиитэ сурук үлэтигэр бэлэм буолуута эмиэ олус уустук, наадалаах хаачыстыба.
Оҕолор бу өттүнэн ситэ бэлэмэ суохтарыттан ордук үөрэх бастакы ыйдарыгар
эрэйдэнэллэрин үгүс учуутал билэр, ону оскуолаҕа киирэ илик оҕолору чинчийии эмиэ
бигэргэтэр.
Чинчийии оҕолор социальнай мотивациялара, тас көстүүнү кытта ситимнээх өрүттэрэ
ордук сайдыбытын көрдөрөр. Үөрэнии тас көстүүтүгэр эрэ умсугуйуу өр барбат. Ол иһин оҕо
саҥа билиигэ-көрүүгэ, сатаабаты сатыырга тардыһара мөлтөх буоллаҕына, сотору кэминэн
оскуолаҕа ордук оонньуурун ордорор, үөрэниэн сүрэҕэлдьиир буолуон сөп.
Ол иһин төрөппүттэр оҕолоро оскуола олоҕор үөрэнэр кэмин чэпчэтэр туһугар туохха
болҕомтолорун ууруохтаахтарый?

1) Оҕо бэйэтин салайынарга үөрэнэрин туһугар, бастатан туран, күннээҕи режими,
бириэмэни туһанарга үөрэтиэххэ наада. Иккиһинэн, дьиэ иһигэр кыра-кыра сорудахтары
биэриэххитин сөп. Ол эппит сорудаххытын төһө сөпкө өйдөөн истибитин булгуччу
бэрэбиэркэлээҥ, ону хатылатар ордук. Ону кыайдаҕына, күннээҕи олоҕун бэйэтэ
былааннанарын ситиһэргэ дьулуһуҥ.
2) Дьиэҕэ үлэ толороругар болҕомтолоро ыһылла илигинэ, ыарахан сорудахтан
саҕалыыр ордук. Ол оннугар чэпчэки сорудахтары бүтэһик да оҥоруохтарын сөп.
3) Оҕоҕут тугу эрэ сатаан толорботоҕуна, кыралаан көмөлөһөргүт наада. Ол гынан баран
сорудаҕы барытын оҥорон биэрэн буолбакка, сөп эппиэти бэйэтэ буларыгар сирдээн биэрэр
ордук. Дьиэҕэ үлэҕитин толорон баран булгуччу оҕоҕутун хайҕааҥ, хайдах курдук ыарахан
сорудаҕы бэйэтэ оҥорбутун бэлиэтээҥ.
4) Оскуолаттан кэллэҕинэ, үөрэх туһунан сиһилии кэпсэтиҥ, тугу билбитин-көрбүтүн,
сатаабытын ыйыталаһыҥ, ол эрээри хас сыананы ыллыҥ диэн эрэ киниттэн ыйытар
табыллыбатын өйдөөҥ.
5) Учууталы кытта уопсай тылы булуҥ. Өйдөспөт түгэни, оҕоҕут ыарырҕатар өрүтүн кини
истибэтигэр быһаарсыҥ.
6) Уруок ааҕар бириэмэтин тутуһуҥ. Оҕо үчүгэйдик сынньанарын, салгыҥҥа сылдьарын,
оонньуурун хааччыйыҥ, элбэхтик хамсанарын ситиһиҥ.
7) Кини соҕотох буолбатаҕын, элбэх оҕону кытта бииргэ үөрэнэр уратылааҕын
өйдүөхтээх. Учуутал да, оҕо да саҥатын болҕойон истэр наадатын быһаарыҥ. Төһө
кыалларынан дьиэҕитигэр онно эрчиллиҥ.
8) Бэйэтин кыаҕар эрэнэргэ үөрэтэр курдук оҕоҕутун элбэхтик хайҕааҥ. Кыахтаах,
үчүгэй өрүттэригэр тирэҕирэн эрэ оҕону ситиһиилээх буоларга үөрэтиэххэ сөп.
9) Оҕо алҕаһыыртан куттаныа суохтаах. Ол наадатыгар кини сыыһаларыгар улахан
болҕомтону уурумаҥ. Ол оннугар сөпкө толорбут сорудаҕын бэлиэтии көрөн, сыыһатын
көннөрөргө көмөлөһүҥ.
10) Оҕо илиитин сайыннарарыгар анаан учуутал биэрэр сорудахтарын барытын
кыһаллан толорорун кэтээн көрүҥ.

Бастакы сыһыарыы
Глоссарий. Олоҥхо педагогиката
Олоҥхо педагогиката (I) – норуот иитэр үгэһигэр олоҕурбут иитэр-үөрэтэр үлэ систиэмэтэ.
Олоҥхо төрүт өйдөбүллэрэ (II) – саха олоҕу, тулалыыр олох көстөр-көстүбэт эйгэни, аан
айылҕаны анааран, сылыктаан, сэдиптээн көрөн олоҥхоҕо этэр сомоҕо олук тыллара.
Олоҥхо төрүт өйдөбүллэрэ – олох суолтатын, ис хоһоонун, орто дойдуга олорор айыы
киһитин аналын, сиэрдээх майгытын, ону олохтуур сиэр-туом; олоҕу көмүскүүр, дурда-хахха
буолар дьулуур туһунан өбүгэ үөрэҕэ.
Киһи-аймах анала: айыы аймаҕа, күн айыы улууһа, саха ураанхай, окко түспүт оҥоһуу,
дьылҕа хаан.
Бухатыыр анала: айыы бухатыыра, бухатыыр ата, күн улууһун көмүскүүр, айыы аймаҕын
араҥаччылыыр аналлаахтар.
Норуот идеала: саха саарына, киһи кэрэмэһэ, үс өргөстөөх, аҕыс кырыылаах киһи, көстө
үчүгэй киһи, буор сир буулаҕата, модьу моһуоннаах, быһый быһыылаах, санаата сайаҕас,
(өттүгэ үүттээх, күн куо, таҥара табатын курдук, сытар ынаҕы туруорбат сытыары
сымнаҕас…);
Норуот үгэһэ, сиэр-майгы нуормата: алгыс, үгэс, туом, ыһыах, айах тутан көрүс, арчылаах
алгыс, төлкөлөөх түөрэх, аал уоту аһат…;
Норуот уйгулаах олоҕо-дьаһаҕа: алаһа дьиэ,моҕол ураһа, үрүҥ сүүрүк, хара сүүрүк, аар
баҕах, араҕас илгэ, саамал кымыс, уһун үүрбэ, унаар буруо, быстыбат быйаҥ…;
Тыл күүһэ: аман өс, кэс тыл, хомуһуннаах тыл, иччилээх тыл, илбистээх тыл, ытык-мааны
тыл, суо-дьаҥсал тыл, аан дархан андаҕар, элэ-была тыл….
Эйгэ – олох-дьаһах укулаата.
Укулаат - ис тутул быраабылата, нуормата, дьон-сэргэ, оҕо-уруу бэйэ-бэйэтигэр сыһыана,
тутта-хапта сылдьыы, сиэр-туом.
Түмэккэ киирии (социализация) – киһи тулалыыр эйгэҕэ хабаана кини сиэр-майгы ис
хоһоонун иҥэриммитинэн, санаа сүрүн хайысхатынан салайтарарынан, дьон ортотугар
сөптөөхтүк тутта-хапта сылдьарынан быһаарыллар. Утумнаахтык иитии-үөрэтии, дьон киэҥ
араҥатын кытта бодоруһуу уонна үлэ киһи тулалыыр эйгэҕэ хабаанын салайаллар,
дириҥэтэллэр, кэҥэтэллэр. Түмэккэ киирии сайдыыта үс утуу-субуу кэрдиистэринэн барар:
үлэлиэх иннинээҕи кэрдиис (оҕо саас, үөрэх сыллара), үлэлиир кэм кэрдииһэ (киһи ситэнхатан үлэлиир сыллара), үлэттэн уурайбыт кэрдиис (пенсияҕа тахсыы).

Түмэккэ киирии (социализация) – киһи бодоруһуутун уонна айымньылааах үлэтин
түмүгэр уопсатыба уопутун иҥэринэн иһиитэ.
Олоҥхо педагогикатын сүрүн идеята – олоҥхо иитэр-үөрэтэр эйгэтин тэрийии.
Сайыннарар эйгэ – киһи олорор усулуобуйата, киһи сайдарыгар дьайар тас уонна ис күүс.
Өй-санаа киэлитэ (духовно-пространственнай) – сайыннарар эйгэ усулуобуйата: дьиэ
кэргэн, тулалыыр дьон, уопсастыба олоҕун укулаатыттан, култуураттан, сыһыантан, атын
култууралар алтыһыыларыттан үөскүүр (социальная среда).
Мал-сал киэлитэ (предметно-пространственнай) - сайыннарар эйгэ усулуобуйата:
тулалыыр айылҕа, киһи оҥорор эттиктэрэ, дьиэ-уот ис-тас көстүүтэ олохтуур (предметноразвивающая среда).
Сайыннарар эйгэ ис (интерьер) уонна тас (экстерьер) көстүүлэрэ ыал, тэрилтэ укулаатын,
олоҕун култууратын көрдөрөллөр.
Дьиэ тас бараана – дьиэ тас көрүҥэ, тутула, оҥоһуута.
Тусаһа –дьиэ таһа, тиэргэн.
Туона – туох эмэ төлкөтө олоҕурар, туругурар аналлаах түһэлгэтэ, эйгэтэ.
Дьиэ ис бараана – дьиэ ис тутула, мал-сал, иһит-хомуос, туттар тэрил.
Бодоруһуу – кимниин эмэ уһуннук бииргэ сылдьан үөрэнсэн, үчүгэйдик өйдөһөр, тапсар
буолуу (билсии, кэпсэтии, өйдөһүү, ытыктаһыы, үөрэнсии, тапсыы).
Кэпсэтии сиэрэ – үтүө майгыны, тыл-өс, саҥа-иҥэ, туттуу-хаптыы сиэрин тутуһууну,
кэрэһилиир кэпсэтии.
Кэпсэтии таһымнара – сиэрдээх кэпсэтии уонна сиэрэ суох кэпсэтии
Сиэрдээх кэпсэтии - дьоһун, ыллыктаах, сылаас, истиҥ тылга-өскө олоҕурар;
Сиэрэ суох кэпсэтии - солуута суох, киһиргэс, сэнэбил, харса-хабара суох тыллаах-өстөөх
буолар.
Кыыс оҕону иитии - харах харатын курдук харыстаан, араҥаччылаан, маанылаан, ийэ
буолар аналын тиэрдэн, өйдөтөн, көрсүө-номоҕон майгыны иҥэрэн, иистээх-тутуулаах, асчыт
буолуу сатабылын иҥэрэн.
Уол оҕону иитии, бухатыыры уһуйуу - көмүскүүр-араҥаччылыыр аналын тиэрдэн, өйдөтөн,
майгытын-сигилитин, этин-сиинин эрчийэн, таҥаһын-сабын, сэбин-сэбиргэлин, атын анаан
тэрийэн, булчут-алчыт, күүстээх-уохтаах, кыанар буоларга уһуйан.

Сиэри-туому тутуһарга уһуйуу - сиэри хоһуйан, ойуулаан, көрдөрөн, толорон, ийэ-аҕа,
ытык кырдьаҕас алгыыр, арчылыыр тыла-өһө, андаҕар булгуруйбат тылыгар уһуйуу.
Ыал олоҕун сиэрин олохсутуу - ийэ-аҕа, кырдьаҕас ытыктанара, кинилэр сүбэнэн-эйэнэн
олорор холобурдара, убай, быраат, эдьиий, балыс хардарыта көмөһөллөрө, сүбэлэрэ,
өйдөһүүлэрэ, быһаарсыылара, ыал олоҕо уйгулаах, быйаҥнаах, баай-тот буоларыгар
дьулуһуу, кэскили, кэнэҕэски кэнчээрини саныыр буоларга, киһи олоҕун сүрүн сыала «аал
уоту оттон, төрөтөр оҕо төлкөлөөһүн, алаһа дьиэни тэнитии» буоларын тиэрдии.
Эдэр киһини, ыччаты иитии - сүбэ, такайыы, сэмэлээһин, сэҥээрии, сөҕүү, сэрэтии, мөҕүү,
о.д.а..
Көҕүтүү – киһи бэйэтигэр уонна атын дьоҥҥо туһалаах үлэҕэ кыттарыгар угуйан,
батыһыннаран иитии. Көҕүтүү киһи ис туругун, санаатын күүһүн (иэйиитин, дьулуурун,
кэрэхсибилин, кыһалҕатын) сайыннарар.
Айыы дьонун сүрүн кыһалҕата – сири-уоту, дьону-сэргэни аллараттан аргыйар, үөһэттэн
үргүйэр абааһы бииһиттэн харыстааһын.
Хааччахтаан иитии - эбээһинэһи толорууну ирдээһин, үгэһи тутуһуу, ийэни-аҕаны
ытыктааһын, оҕону кытта бодоруһуу (кэпсэтии, сыһыан).
Сэрэтии, сэмэлээһин - төрөппүт бухатыыр киһи быһыытын-майгытын күөйэн-хаайан
сэрэтэр, сэмэлиир. Бухатыыр киһи ону омунугар истибэт түгэнигэр эрэйи көрөр, охсуһууга
тиийэр. Манна оруо маһы ортотунан кэрээнэ суох тыл-өс таах хаалбатын, иэстэбиллээх
буоларын олоҥхо сэрэтэр.
Аҕа-ийэ ууһун ситимин биллэрии – олоҥхоҕо бухатыырдар «хантан хааннаахтарын,
кимтэн кииннээхтэрин» биллэрэн туран кэпсэтиигэ киирэллэр. Ситими билии оҕо тирэхтээх,
көмүскэллээх буола улаатарыгар инники олоҕор улахан суолталааҕын көрдөрөр.
Сиэрдээх сыһыан - истиҥ-амарах сыһыан, ытыктабыл, таптал, сүбэни ылыныы, сэҥээрии,
хайҕааһын, сэмэлээһин.
Сиэрдээх майгы - кырдьаҕас киһини, инбэлиити күлүмэ, тулаайаҕы атаҕастаама, саастаах
киһи сүбэтин ыл, ийэҥ сылааһын, аҕаҥ сүбэтин ыл, атын дьон баайыгар ымсыырыма, ыалдьыт
киһиэхэ ытыктаан сыһыаннас диэн суруллубатах быраабыланы тутуһуннарыы барар.
Бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү - бухатыырдара оһол-моһуол төрдүгэр киирдэхтэринэ,
хоттороору гыннахтарына бухатыыр дьахталлар, төрөппүт оҕолоро, убайдара-бырааттара
Үөһээ айыылар көмөлөрүнэн тиийэн өлбөт мэҥэ уутун биэрэн быыһыыллар, кыайаллар.
Алгыс–кимиэхэ, туохха эмэ үтүөнү, ситиһиини баҕарыы; ону этэр тыллар.
Оҕо кыратыттан алгыс тылын тыыннаах күүһүн иҥэринэр, кини алгыс миэхэ көмө буолар,
арчылыыр диэн эрэх-турах санааҕа кэлэр.

Иккис сыһыарыы
Оҕо кэрэни өйдүүр дьоҕурун сайыннарыы
Календарнай былааннаһыҥҥа методическай сүбэ

3—4 саастаахтарга

Ыйдар
Балаҕан ыйа
Алтынньы
Сэтинньи
Ахсынньы
Тохсунньу
Олунньу
Кулун тутар
Муус устар
Ыам ыйа

Ырыа, музыка
"Үрүйэчээн " Н.Берестов муз. Из цикла “Таежными тропами”
"Тайҕа ыллыга" З.Степанов муз.
"Хотугу ырыалар" (норуот муз.инструм. оркестра)
"Күнү көрсөр кэрэтиэн" З.Степанов муз., И.Егоров т.
"Хаар" А.Варламова мел. Г.Иванова т.
"Куобахчаан" К.Пахомова мел. А.Бродников т.
"Саҥа дьыл" Г.Петрова мел. т.
"Чыычаах" З.Степанов мел., И.Гоголев т.
"Оонньуурдар" П.Иванова муз.
"Мин бэйэм" К.Пахомова мел., П.Тобуруокап т. *
"Күнү кытта оонньуубун" Г.Петрова мел., П.Тобуруокап т.
"Эбэ" Н.Маркова мел., П.Одорууһап т.
"Эһэ" П.Иванова муз.
"Саас" А.Васильева мел., П.Одорууһап т.
"Саас" Г. Петрова мел. т.
"Куобахчаан" Н.Берестов муз.
4—5 саастаахтарга

Ыйдар
Балаҕан ыйа
Алтынньы
Сэтинньи
Ахсынньы
Тохсунньу
Олунньу
Кулун тутар
Муус устар

Ыам ыйа

Ырыа, музыка
"Куобахчааннар ырыалара" Н.Бубякин мел., Г.Данилов т. *
"Хотугу айан" В.Егоров мел., И.Федосеев т.
"Кыһын тоҕо буоларый?" Н.Бойлохап мел., П.Одорууһап т. *
"Тураах муҥнаах" З.Степанов мел., И.Гоголев т.
"Куобах" Вл.Ксенофонтов мел., И.Алексеев т. *
"Хайыһар, айаннаа" В.Парников мел., С.Сомоҕотто т.
"Дорообо, тугутчаан" Н.Бойлохов мел., Е.Едухин т. *
"Күнү кытта оонньуубун" Г.Петрова мел., П.Тобуруокап т.
"Чычып-чаап" В.Парников мел., П.Тобуруокап т.
"Народные мелодии" игра на хомусе
"Эрдэ турбут оҕолор" В.Корякин мел., П.Тобуруокап т.
"Ыанньыксыт" Г.Петрова мел., П.Дмитриев т.
"Үлэлиир үүчүгэй" А.Новгородов мел., П.Одорууһап т.
"Дыргыл сыттаах дьэдьэним" В.Егоров мел., Г.Петров т. *
"Элиэ" З.Степанов мел., И.Гоголев т.
"Кулунчук" С.Константинова мел., Е.Васильев т.
"Оһуохай" М.Егорова тол.

5—6 саастаахтарга

Ыйдар
Балаҕан ыйа
Алтынньы
Сэтинньи
Ахсынньы
Тохсунньу
Олунньу
Кулун тутар
Муус устар
Ыам ыйа

Ырыа, музыка
"Күнү көрсөр кэрэтиэн!" З.Степанов мел., И.Егоров т.
"Һо-эйэн" С.Слепцов мел., П.Еремеев т.
"Булчут ырыата" Г.Комраков мел., М.Тимофеев т. *
"Доҕ ордоһуу тойуга" Х.Максимов мел., П.Тобуруокап т.
"Хоһуун" С.Константинова мел., Р.Винокурова т.
"Тайҕаҕа" Г.Комраков муз.
"Табалар үҥкүүлэрэ" Р.Борисов баян. *
"Хайыһар, айаннаа" В.Парников мел., С.Сомоҕтоо т.
"Хорсун киһи буол" З.Степанов мел., И.Гоголев т.
"Эһэ" П.Иванова муз.
"Төбөҥ туохха нааданый?" З.Степанов мел., И.Гоголев т.
"Ньургуһуну таптыыбын" З.Степанов мел., С.Дадаскинов т.
"Үрүйэчээн-кэрэкэчээн" З.Степанов мел., И.Гоголев т.
"Ол үчүгэй оҕо" З.Степанов мел., К.Туйаарыскай т.
"Саха буоламмын" Х.Максимов мел., С.Дадаскинов т.

6—7 саастаахтарга

Ыйдар
Балаҕан ыйа
Алтынньы
Сэтинньи
Ахсынньы

Тохсунньу
Олунньу
Кулун тутар
Муус устар

Ырыа, музыка
"Ыаҕайа" Е.Лукинова мел., Ороһуунускай т. *
"Норуот мелодиялара" хомус
"Хаар кыырпахтара" П.Иванова муз.*
«Бухатыырдар айаннара» Г.Григорьян муз. .
"Кырачаан булчут кэпсээнэ" М.Григорьян муз.
"Киэһэ" Н.Берестов муз.
"Кыһыҥҥы сарсыарда" Г.Комраков муз. "Тайҕаҕа"
альбомтан
"Кыһын тоҕо буоларый?" Н.Бойлуохап мел., П. Одорууһаб т.*
"Чыбыы-чырып" З.Степанов мел., М.Обутова -Эврестова т.
"Тайҕа ыллыга" Н.Берестов муз.
"Булчуттар үҥкүүлэрэ" Г.Кац муз.
"Сааскы вальс" А.Алексеев мел., Н.Попов т.
Хомуска норуот мелодиялара
"Кустук" З.Степанов мел., П.Тобуруокап т.
"Остуоруйа дойдутугар" З.Степанов мел., И.Гоголев т.

* - "Тосхол" бырагыраамаҕа баар айымньылар

Саха фольклора
Остуоруйа

3—4 саастаахтарга

Ыйдар
Балаҕан ыйа
Алтынньы
Сэтинньи
Ахсынньы
Тохсунньу
Олунньу
Кулун тутар
Муус устар

Ыам ыйа

Остуоруйалар
П.Дмитриев. Күөгүһүттэр
Ю.Андросова. Күһүн туһунан остуоруйа.
А.Никифорова. Хабыйахаан
А.Мартынов. Кутуйахтаах тайах. *
Ю.Андросова. Кыһын туһунан остуоруйа.
П. Аввакумов. Куобах туһунан остуоруйа *
Ю.Андросова. Харыйачаан.
Күтэр чыычаах икки. Саха остуоруйата *
Доҕордуулар. Саха остуоруйата
Ю. Андросова. Чанчарык уонна Чэнчис.
Таал -таал эмээхсин. Саха остуоруйата *
К.Васильева. Миша уонна Маша туһунан остуоруйа.
Эһэ уонна моҕотой. Эбээн остуоруйата
Тоҕо саһыл кыһылый?
Долгаан остуоруйата
С.Новогородова. Баҕа аттаммыта.
Түргэн атах. Эбэҥки остуоруйата.

4—5 саастаахтарга

Ыйдар
Балаҕан ыйа
Алтынньы
Сэтинньи
Ахсынньы

Тохсунньу
Олунньу
Кулун тутар
Муус устар
Ыам ыйа

Остуоруйалар
К.Васильева. Куобах хаппыыстата
П. Ламутскай. Сампара уонна Гявуни.
Иҥсэлээх ула р. Эбээн остуоруйата
Тураах хара дьүһүннэммитэ. Саха остуоруйата *
Кэччэгэй балыксыт. Саха остуоруйата *
Байанайдаах булчут. Эбээн остуоруйата
Кутуйах уонна тугутчаан. Саха остуоруйата
М. Федотова -Нулгынэт. Үүт көрдүүр тугутчаан
туһунан остуоруйа.
Чыычаах уонна Алаа Моҕус. Саха остуоруйата *
Саһылы кытта сыалыһар. Саха остуоруйата *
Тулаайах уол. Саха остуоруйата
И.Данилов. Үрүҥ көмүс үүттээх ынах.
Өйдөөх дьадаҥы бааһынай. Саха остуоруйата
И. Мигалкин. Куоска уонна кутуйах*
Элиэ туһунан остуоруйа. Саха остуоруйата
М.Федотова-Нулгынэт. Биэс быраат тарбахтар.

Ыйдар
Балаҕан ыйа
Алтынньы

Сэтинньи
Ахсынньы
Тохсунн ьу
Олунньу
Кулун тутар

Муус устар
Ыам ыйа

Ыйдар
Балаҕан ыйа

Алтынньы

Сэтинньи
Ахсынньы
Тохсунньу
Олунньу
Кулун тутар
Муус устар
Ыам ыйа

5—6 саастаахтарга
Остуоруйалар
Күнү көрсүү. Эбээн остуоруйата.
Н.Якутскай. Дьукаахтыылар.
М. Федотова -Нулгынэт. Хабдьы кистэлэҥин
туһунан остуоруйа.
Н.Якутскай. Булчуттар.
И.Мигалкин. Көрдөөх Сэлиичээн
Быт-быт оҕонньор. Саха остуоруйата
Умсуура. Баай Байанай бэлэҕэ.
Киһиргэс таба. Эбэнки остуоруйата
Баараҕай Манги. Эбэнки остуоруйата
Хара таба уонна хорсун кыыс. Саха остуоруйата
Саһыл, эһэ, киһи. Саха остуоруйата
Тиэстэ бухатыыр. Саха остуоруйата
Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин. Саха
остуоруйата *
Чурум Чурумчуку. Саха остуоруйата *
Дьэрэкээн оҕолор. Саха остуоруйата *
Үчүгэй Үөдүйээн, Мэник Мэнигийээн уонна
Дьэргэстэй Куо. Саха остуоруйата
6—7 саастаахтарга
Остуоруйалар
Суор уонна күн. Эбээн остуоруйата.
Тыал хайдах Улуу Хайаҕа сылдьыбыта. Саха
остуоруйата.
Сылгы баһын саҕа кыһыл көмүһү мүлчү туппут
оҕонньор. Саха остуоруйата. *
Сэттэ ини-биилэр. Саха остуоруйата
Муммут уолаттар. Саха остуоруйата *
Өйдөөх ыт. Саха остуоруйата
Үс сүбэ. Саха остуоруйата
Н. Курилов. Бырдах туһунан остуоруйа
Чыычаах уонна кутуйах. Эбээн остуоруйата.
Харах-Симирики. Саха остуоруйата
Киһи уонна кини үс ыта. Эбэҥки остуоруйата.
Сатабыллаах Сааба. Саха остуоруйата
Чөркөй Хаххан икки. Саха остуоруйата
Г. Иванова -Айтыына. Кыыс күрээһинэ.
Өҥөй Бөтүүк. Саха остуоруйата
Иҥсэлээх Экэ. Эбэҥки остуоруйата

Сүрүн докумуоннар
1. Тосхол: национальнай оҕо тэрилтэтин базовай программата / Саха Респ. Үөрэҕин мвота; [программаны оҥордулар: М.Н.Харитонова, айар бөлөх салайааччыта, Л.П.Лепчикова,
Д.Г.Ефимова, П.С.Алексеева, В.К.Аржакова, А.Н.Гуринова, А.В.Николаева, А.В.Мохначевская,
Х.К.Татаринова, Т.И.Попова, Г.Н.Иванова, В.В.Аммосова, О.И.Михалева, Т.Л.Ильинова,
М.С.Павлова, Е.Н.Кириллина, М.И.Баишева, Г.Н.Дьячковская, Т.М.Давыдова, К.С.Таркаева,
Л.И.Избекова, С.В.Гоголева] – 2-с тахс. – Дьокуускай: Сахаполиграф, 2004. – 72 с.
2. Федеральный закон Российской Федерации от 29 декабря 2012 г. № 273-ФЗ «Об
образовании в Российской Федерации».
3. Приказ Министерства образования и науки РФ от 17 октября 2013 г. №1155
«Федеральный государственный образовательный стандарт дошкольного образования».
4. Приказ Министерства образования и науки РФ от 30 августа 2013 г. N 1014 «Об
утверждении Порядка организации и осуществления образовательной деятельности по
основным общеобразовательным программам - образовательным программам дошкольного
образования».
Туһаныллар литература
1. Аммосова В.В. Оҕо бодоруһа үөрэниитэ. - Дьокуускай: Бичик, - 1995. – 64 с.
2. Аммосова В.В. Оҕо саҥатын сайыннарыы. - Дьокуускай: Офсет, - 2006. – 48 с.
3. Аммосова Т.П. Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго математика. - Дьокуускай: Бичик,
- 1995. – 104 с.
4. Аптаах холбуйачаан: Хоһооннор, остуоруйалар, кэпсээннэр, таабырыннар./хом.оҥ.
Кирова Г.А. - Дьокуускай: Бичик, -1999. - 224 с.
5. Афанасьев Л.А. Һоп-паа! – Дьокуускай, - 1994. – 64 с.
6. Баишева М.И., Григорьева А.А. Этнопедагогические воззрения народа саха на
материале олоҥхо. – Новосибирск, 2008. – 168 с.
7. Билиҥҥи кэм уонна социальнай бииргэ үлэлээһин: соц.бииргэ үлэлээһиҥҥэ көмө
пособие. / Саха Респ. Үөрэҕин м-та;[хом.оҥ. Е.П.Чехордуна, Д.Г.Ефимова]. – Дьокуускай :
Офсет, 2006. – 32 с.
8. Васильева К.И., Алексеева А.П. Кэнчээри: оҕо садын иитээччилэригэр, төрөппүттэргэ
уонна пед.училище үөрэнээччилэригэр : хоһооннор, кэпсээннэр, сценарийдар, ырыалар /
К.И.Васильева, А.П.Алексеева; [худ. Е.Садовникова]. - Дьокуускай: Бичик, 2013. –104 с.
9. Ефимова, Д.Г., Александрова Н.П. Алгыстаах алаһа : оҕо тэрилтэтин тас уонна ис
көстүүтүн дизайна / Д.Г.Ефимова; Н.П.Александрова; Саха Респ. Үөрэҕин м-вота. – Дьокуускай
: Компания "Дани Алмас", 2009. – 32 с. илл. (Олоҥхо педагогиката).
10. Каратаев И.И. Оҕону чуолкайдык саҥарарга үөрэтии уонна грамотаҕа бэлэмнээһин. Дьокуускай: Бичик, 1993. - 134 с.
11. Константинова С.А. Сиэннэрим - сиэмэхтэрим /сб. Песен для детей дошкольного
возраста Якутск, 2014 - 27 с.
12. Олонхо алыптаах түгэнэ / Олоҥхо уон сылын бэлэмнээн ыытыыга СР нац.тэрийэр
комитета, СР министерствота, СР нац.окс.чинч. науч.ин-т; [хом. оҥ. В.В.Аммосова]. –
Дьокуускай – Дани-Алмас, 2014. – 124 с. (Олоҥхо педагогиката)
13. Олонхо в игровой деятельности детей / [сост: Ю.В.Андросова, Н.П.Александрова]. –
Якутск : Бичик, 2013. – 64 с. – (Педагогика олонхо).
14. Олонхо дойдутун остуоруйалара=Сказки земли Олонхо: дидактические и

демонстрационные материалы на якутском и русском языках для детей 4-5 лет / Семенова С.С.,
Ефимова Д.Г., Андросова Ю.В., Аммосова В.В., Унарова В.Я., Кронникова М.Ф. – М.: ЮВЕНТО, 2012
15. Олонхоҕо иитэр үгэстэр: төрөппүккэ аналлаах кинигэ / Е.П.Чехордуна, Д.Г.Ефимова,
В.В.Аммосова. – Дьокуускай: Бичик, 2012. - 37 с.
16. Олоҥхо : эти-сиини эрчийии : оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тэрилтэтин
иитээччитигэр методическай хомуурунньук / Н.В.Чехордуна, А.С.Ефимова, Т.В.Старостина. –
Дьокуускай : Дани Алмас, 2009. – 32 с. ил.
17. Олоҥхо оҕо уруһуйугар : иитээччигэ, төрөппүккэ аналлаах пособие / Д.Г.Ефимова,
В.В.Аммосова; Саха Респ. үөрэҕин м-вота. – Дьокуускай : Компания "Дани Алмас", 2007. – 36 с. ил.
18. Олоҥхо ойуулаах тылдьыта / [тылдьыты оҥордулар В.В.Аммосова, Н.И.Филиппова,
Е.П.Чехордуна; худ. С.Е. Старостина, И.Ю. Пестряков]. – Дьокуускай : Якут.край, 2009. – 96 с.
19. Олоҥхо педагогикатын оҕо садыгар олохтооһун: (оҕо тэрилтэтигэр көмө пособие) /
хомуйан оҥордулар: Д.Г.Ефимова, С.С. Ю.¬ научнай салай.: Е.П.Чехордуна, Сыанабылы биэрдилэр:
Н.И.Филиппова, Л.В.Попова, А.С.Николаева. – Дьокуускай: Бичик, 2013. – 120с. – (Олоҥхо
педагогиката).
20. Олоҥхо педагогикатын төрүттэрэ / Е.П.Чехордуна, (салайааччы), Н.И.Филиппова,
Д.Г.Ефимова, Н.П.Карпова ¬ Саха Респ. Фед. гос. науч. тэрилтэ "Саха Респ. нац. оскуолаларын ин-та".
– Дьокуускай : Компания "Дани Алмас", 2010. – 248 с.
21. Олоҥхо эйгэтин оонньуурдара: (кинигэ альбом) / Олоҥхо уон сылын бэлэмнээн ыытыыга
СР нац.тэрийэр комитета, СР министерствота, СР нац.окс.чинч. науч.ин-т; [хом. оҥ. В.В.Аммосова,
хаарт. Түһэрдэ И.П.Алексеев]. – Дьокуускай – Дани-Алмас, 2014. – 40 с. (олоҥхо педагогиката).
22. Олоҥхо: куукула таҥаһа : каталог / [хомуйан оҥордулар: В.В.Аммосова, Д.Г.Ефимова ;
киирии тылы суруйда А.Н.Жирков; Научнай салайааччылар: Н.И.Филиппова, Е.П.Чехордуна;
куукула таҥаһын оҥордо Д.П.Дмитриева]. – Дьокуускай : Бичик, 2012. – 48 с.
23. Өс хоһоонноро=Пословицы и поговорки= Proverbs and saings /хом.оҥордо Е.Н.Попова.
Дьокуускай: Бичик, - 2012. – 48 с.
24. Пахомова К.А. Чугдаар көмүс чуораанчык. Дьокуускай, 1993. – 32 с.
25. Практическое руководство для разработчиков учебно-методического комплекса ДОУ /
Д.Г.Ефимова, Ю.И.Трофимова, В.М.Петрова; М-во образования РС(Я), Тдөрүт омуктар
оскуолаларын чинчийэр ин-т. – Якутск: Офсет, 2006. – 24с.
26. Саввина М.Н. Тулалыыр эйгэни билиһиннэрии уонна оҕо тылын сайыннарыы. Дьокуускай,
1992. - 80 с.
27. Сосин Т.М. Күн-дьыл билгэтэ. Дьокуускай: Бичик, 2010. – 64 с.
28. Стандарты индивидуальной оценки физического развития детей в возрасте от рождения
до семи лет РС (Я): методические указания /сост. Захарова Н.М.,
29. Тэрис. Итэҕэл тылдьыта. Дьокуускай: Бичик, - 2012. – 128 с. – (Айыы суолунан).
30. Федоров А.С. Саха төрүт оонньуулара. Дьокуускай: Бичик, - 2011. – 96 с.
31. Федоров И.Г., Васильев П.К. Өбүгэбит олоҕо-дьаһаҕа: ойуулаах тылдьыт=. Уклад жизни
народа саха: иллюстрированный словарь [Нь. Е. Ябловская ойуулара]. Дьокуускай: Бичик, - 2012. –
128 с., илл.
32. Чехордуна Е.П. Олоҥхо дойдута. - Дьокуускай: Бичик. - 2000, 32 с.
33. Чехордуна Е.П., Иванова Е.П. Олоҥхо дойдута. - Дьокуускай: Бичик. – 2005. - 72 с.
34. Чехордуна Е.П., Ефимова Д.Г. Ыһыаҕы тэрийии : оҕо тэрилтэтин уонна алын сүһүөх
оскуола үлэһиттэригэр метод. сүбэ / Е.П.Чехордуна, Д.Г.Ефимова ; [тылбаасчыт Унарова В.Я.] «Саха
Респ. нац. оскуолаларын чиничйэр науч. ин-т» Федер. гос. науч. тэрилтэ. – Дьокуускай, 2011. – 16 с.

ИҺИНЭЭҔИТЭ
БЫҺААРЫЫ СУРУК........................................................................................................ 3
БАСТАКЫ САЛАА. СЫАЛ-СОРУК ТУРУОРУУ УРАТЫТА
1. Төрөөбүт тыл уонна федеральнай государственнай үөрэх стандарта………………….... 5
2. Федеральнай государственнай үөрэх стандартыгар омук култууратын
уонна регион уратытын учуоттааһын……………………………………………………….......... 5
3. Этнопедагогика уонна федеральнай государственнай үөрэх стандарта………………... 6
4. Оонньуу кыра оҕо сайдыытыгар суолтата……………………………………………………....... 6
5. Инклюзивнай үөрэхтээһин - уопсастыба кэскилин түстээһин…….............................. 8
ИККИС САЛАА. ИИТИИ-ҮӨРЭТИИ ИС ХОҺООНО
1. Оҕо уопсастыбаҕа сылдьарын-бодоруһарын сайыннарыы........................................ 10
1.1. «ТОСХОЛ» бырагыраамаҕа оҕо уопсастыбаҕа сылдьар, бодоруһар
дьоҕурун сайыннарыы ....................................................................................... 11
1.2. Оҕо уопсастыбаҕа сылдьарын-бодоруһарын сайыннарар оонньуулар............... 12
2.Оҕо билэр-көрөр дьоҕурун сайыннарыы……………………………………………................. 14
2.1. «ТОСХОЛ» бырагыраамаҕа оҕо билэр-көрөр дьоҕурун сайыннарыы….............. 15
2.2. Оҕо билэр-көрөр дьоҕурун сайыннарар оонньуулар.......................................... 23
2.3 Оҕо чинчийэр дьоҕурун сайыннарар дьарыктар................................................. 24
3. Оҕо тылын-өһүн сайыннарыы………………………......................................................... 26
3.1. «ТОСХОЛ» бырагыраамаҕа оҕо тылын-өһүн сайыннарыы…………………….......... 27
3.2. Тылы-өһү сайыннарар оонньуулар уонна дьарыктар.......................................... 35
4.Оҕо кэрэни өйдүүр дьоҕурун сайыннарыы……………………………………………………….. 39
4.1. «ТОСХОЛ» бырагыраамаҕа оҕо кэрэни өйдүүр дьоҕурун сайыннарыы.............. 40
4.2. Оҕо кэрэни өйдүүр дьоҕурун сайыннарар оонньуулар ...................................... 48
5. Оҕо этин-сиинин сайыннарыы………………………………………………………………………... 51
5.1. «ТОСХОЛ» бырагыраамаҕа оҕо этин-сиинин сайыннарыы................................. 52
5.2. Оҕо эт-сиинин сайыннарар ооньуулар............................................................... 53
ҮҺҮС САЛАА. ТЭРЭЭҺИН УРАТЫТА
1. Сайыннарар эйгэни тэрийии ..................................................................................... 65
1.1. Сайыннарар эйгэни тэрийэргэ көмөлөһөр оонньуурдар.................................... 67
2. Оҕо тэрилтэтигэр ыһыаҕы тэрийии ........................................................................... 68
ТӨРДҮС САЛАА. ОСКУОЛАҔА КИИРЭР СААСТААХ ОҔО СИТИҺИИТЭ
Оҕо ситиһиитэ, сатабыла…………………………………………………………………………...……… 75
1 Оскуолаҕа киирэр саастаах оҕону сайыннарарга сүрүн ирдэбиллэр .................... 76
1.1 Оҕо оскуолаҕа бэлэмигэр сүрүн ирдэбиллэр..................................................... 76
1.2 Оскуолаҕа киирэр саастаах оҕо сайдыытын сылыктааhын................................. 82
1.3 Иитэр-сайыннарар эйгэни сылыктааhын............................................................ 92
2. Оскуолаҕа бэлэмнээх буолуу туһунан психолог сүбэлэрэ......................................... 93
Сыһыарыылар.............................................................................................................. 95

МАХТАНАБЫТ
«ТОСХОЛ» НАЦИОНАЛЬНАЙ ОҔО ТЭРИЛТЭТИН БАЗОВАЙ БЫРАГЫРААМАТЫН ОҤОРБУТ
АЙАР БӨЛӨХХӨ:
Харитонова Маритэ Никитична, айар бөлөх салайааччыта, СГУ психология кафедратын
преподавателэ;
Лепчикова Любовь Павловна, ЯРИУУ методиһа;
Алексеева Полина Степановна, СГУ психология кафедратын преподавателэ;
Ефимова Диана Гаврильевна, ТООЧИ научнай үлэһитэ;
Аржакова Варвара Константиновна, ДьПУ-2 дошкольнай салаатын сэбиэдиссэйэ;
Николаева Алевтина Васильевна, Сунтаар оройуонун үөрэҕин салаатын инспектора;
Гуринова Антонина Николаевна, Сунтаар 3№ «Чебурашка» оҕо саадын иитээчитэ;
Мохначевская Антонина Владимировна, Сунтаар 3№ «Чебурашка» оҕо саадын
иитээчитэ;
Татаринова Христина Кононовна, Горнай оройуонун үөрэҕин салаатын методиһа;
Попова Татьяна Ивановна, Республиканскай оҕо дьиэтин методиһа;
Иванова Галина Николаевна, Уус Алдан оройуонун Бороҕон “Сардаана” оҕо саадын
сэбиэдиссэйэ;
Аммосова Варвара Васильевна, ТООЧИ научнай үлэһитэ;
Михалева Ольга Иннокентьевна, Ньурба оройуонун үөрэҕин салаатын инспектора;
Ильинова Тамара Леонидовна, Ньурба оройуонун Антоновка «Биһик» оҕо саадын
методиһа;
Павлова Мария Семеновна, Ньурба оройуонун Антоновка «Биһик» оҕо саадын
иитээччитэ;
Кириллина Екатерина Николаевна, ДьПУ-2 преподавателэ;
Баишева Мария Ивановна, Дьокуускай куорат 26№ «Кустук» оҕо саадын методиһа;
Дьячковская Галина Николаевна, Чурапчы оройуонун үөрэҕин салаатын методиһа;
Давыдова Тамара Михайловна, Харбалаах оҕо саадын иитээччитэ;
Таркаева Капитолина Саввична, Үөһээ Бүлүү оройуонун Харбалаах оҕо саадын
сэбиэдиссэйэ;
Избекова Лидия Константиновна, Дьокуускай к. 2№ орто оскуолатын учуутала;
Гоголева Саргылана Васильевна, ТООЧИ научнай үлэһитэ.
ОСКУОЛАҔА КИИРЭР СААСТААХ ОҔОНУ САЙЫННАРАРГА СҮРҮН ИРДЭБИЛЛЭРИ
ОҤОРБУТ АЙАР БӨЛӨХХӨ:
Ефимова Диана Гаврильевна, айар бөлөх салайааччыта, ТООЧИ научнай үлэһитэ;
Аммосова Варвара Васильевна, ТООЧИ научнай үлэһитэ;
Прокопьева Мария Михайловна, СГПА профессора;
Карамзина Ульяна Анатольевна, СГУ ПИ доцена;
Капрынова Антонина Семеновна, Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениетын методиһа;
Харитонова Маритэ Никитична, СГУ психология факультетын ст.преподавателэ.
«ТОСХОЛ» БЫРАГЫРААМАНЫ ОЛОХХО КИЛЛЭРЭР САХА ӨРѲСПҮҮБҮЛҮКЭТИН ОҔО
ТЭРИЛТЭЛЭРИН САЛАЙААЧЧЫЛАРЫГАР УОННА ИИТЭЧЧИЛЭРИГЭР!


Наверх
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих персональных данных. Подробности об обработке ваших данных — в политике конфиденциальности.

ВНИМАНИЕ!

Срок действия лицензии на использования программного обеспечения окончен 06.06.2023.
Для получения информации с сайта свяжитесь с Администрацией образовательной организации по телефону +7 (41151) 41-417

Функционал «Мастер заполнения» недоступен с мобильных устройств.
Пожалуйста, воспользуйтесь персональным компьютером для редактирования информации в «Мастере заполнения».